Бүгүн, тохсунньу 9-с күнүгэр, Дьокуускай куоракка -46 кыраадыска диэри тымныйбытынан сибээстээн, 1-5 кылаас оҕолоро үөрэммэттэр.
edersaas.ru
Саха сиринээҕи гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управление саайтыгар ыйылларынан, тохсунньу 9-с күнүгэр Гимеиҥҥэ -42, Аэропорт оройуонугар -46 кыраадыс тымныы. Санатан эттэххэ, -45 кыраадыс тымныыга 1-5 кылаас, — 48 кыраадыс тымныыга 1-8 кылаас, -50 кыраадыс тымныыга 1-11 (12) кылаас оҕолоро үөрэммэттэр. Дьокуускай куораттааҕы үөрэх управлениетын туһааннаах бирикээһэ http://yaguo.ru/files/prikaz_ob_aktirovannyh_dnyah_0.pdf 2018 сыл сэтинньи 26 күнүгэр тахсыбыта.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1