Дьокуускай Арассыыйа ”Умный город” кэрискэтигэр киллэрилиннэ

Ааптар: 
26.03.2019
Бөлөххө киир:

Дьокуускай “Умный город” бырайыагынан муниципальнай тэриллиилэр пилотнай кэрискэлэригэр киллэрилиннэ. Бу туһунан Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Twitter-гэ суруйда.


“Арассыыйа тутууга уонна дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ Дьокуускайы “Умный город” куорат хаһаайыстыбатын цифровизациялааһыҥҥа бырайыагынан муниципальнай тэриллиилэр пилотнай кэрискэлэригэр киллэрэр туһунан быһаарыы ылынна”, — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга иһитиннэрдэ.

“Умный город” тиһик куорат былаастарыгар түмсүүлэри уонна инфраструктуралары кытта быһаччы сибээстэһэр, интэриниэт, автоматика уонна сенсор көмөтүнэн кыһалҕалаах миэстэлэр тустарынан тиһэх сибидиэнньэлэри ылар, куоракка туох буола турарын кэтээн көрөр кыаҕы биэрэр.

“Цифровизация Дьокуускайга сылааһынан, уотунан хааччыйыыга, “табыгастаах дьиэлэри” олоххо киллэриини, куттал суох буолуутугар үгүс кыһалҕалары быһааран, киин куораппыт олоҕун-дьаһаҕын биллэрдик тупсарыаҕа диэн эрэнэбин”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Артемий Грошев, СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0