Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан өрүһү туоруур суол сабылынна

Бөлөххө киир:

«Бүлүү» суолун управлениета иһитиннэрбитинэн, муус устар 19 күнүттэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан Өлүөнэ өрүһү туоруур кыһыҥҥы суол сабылынна.

Хаандыга — Мэҥэ Алдан хайысхатынан Алдан өрүһүнэн айан-сырыы бобулунна. Маны таһынан «Бүлүү» федеральнай суолугар Үөһээ Бүлүү, Күндээдэ, Устье, Кириэстээх аннынан Бүлүү өрүһү туоруур суоллар сабылыннылар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0