Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан кыһыҥҥы суол бу күннэргэ сабыллар

Бөлөххө киир:

«Бүлүү» уонна «Халыма» кыһыҥҥы суолларыгар таһаҕаһы тиэйии уйуга 10 туоннаҕа диэри намтаата диэн СИА иһитиннэрэр.

Маннык хааччахтааһын Өлүөнэ өрүһү туоруур Дьокуускай — Аллараа Бэстээх  хайысхаҕа эмиэ киирдэ. Ону таһынан, Алдан өрүс нөҥүө Хаандыга – Мэҥэ Алдан хайысхаҕа уонна  «Бүлүү» суолугар өрүһү туорааһыннарга  (660 км, Үөһээ Бүлүү, 807 км, Күндээдэ, 956 км Устье уонна 1049 км, Кириэстээх).

Бу хайысхаларынан  сырыы муус устар 19 күнүгэр сабыллыаҕа.

 

Виктория Бястинова, edersaas.ru саайт, «Саха сирэ» хаһыат.

Хаартыска sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0