Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан хас паром сылдьарый?

Бөлөххө киир:

Өрүс суола аҕыйах хонуктааҕыта саҥа аһыллан, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан айан-сырыы саамай үгэнэ. Кэлэр-барар массыына ахсаана элбэх.

Билиҥҥи туругунан туһааннаах хайысханан 11 паром сылдьар. Бэс ыйын 8 күнүттэн суудуна ахсаана элбээн, 14-кэ тиийиэҕэ диэн  Тырааныспар министиэристибэтэ  иһитиннэрдэ.

Бүгүн Дьокуускай куорат таһынан өссө биир причал үлэтин саҕалаата. Онон сэттэ причалтан биэһэ үлэлээтэ. Аллараа Бэстээх өттүттэн сэттэ причалтан билигин түөрдэ үлэлиир.

«Уу таһыма бытааннык түһэр буолан, причаллар бары үлэлиир кыахтара суох«, — диэн тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ  Владимир Сивцев иһитиннэрдэ.

Билигин паромнар сырыыларын уонна причаллары paromonline.sakha.gov.ru  киирэн онлайн эрэсииминэн көрүөххэ сөп.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0