Дьокуускайга Федерация Сэбиэтиттэн 10 сенатор кэлэ сырытта

Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа судаарыстыбаннай уонна муниципальнай хонтуруол быраап өттүнэн төһө сөпкө ыытылларын  көрөр-истэр, ол үлэ тупсарын туһугар үлэлэһэр Федерация Сэбиэтин иһинэн  быстах кэмҥэ тэриллибит хамыыһыйа 10 сенатора бэҕэһээ, ыам ыйын 16 күнүгэр Дьокуускайга кэлэ сырытта. Бу хамыыһыйа национальнай бырайыактарга ыйыллыбыт көрдөрүүнү эрэгийиэннэр хайдах толороллорун, хонтуруоллуур уорганнар үлэлэригэр сыһыаннаах саҥа сокуон тахсарыгар ким-туох этиилээҕин билсэ кэлэ сырытта.

edersaas.ru

Үөһэ ыйыллыбыт хамыыһыйа уонна парламеннааҕы үлэни тэрийэргэ, ону бэрээдэктииргэ Федерация Сэбиэтин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Кутепов 44 №-дээх Федеральнай сокуон табаары атыылаһыыны судургутуохтааҕын бэлиэтээтэ.

«Федеральнай уонна эрэгийиэнээҕи бүддьүөттэн национальнай бырайыактарга улахан үп көрүллэр, ол харчы кумахха курдары түһэн, ханна барбыта биллибэккэ сүтэн хаалыа суохтаах. 2024 сылга диэри нэһилиэнньэ олоҕун таһыма биллэ тупсуохтаах, харчы ити сыалга туттуллуохтаах. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо туох-ханнык нацбырайыак олоххо киирэрин билэ-көрө олоруохтаахтар», — диэн бэлиэтээтэ Андрей Кутепов.

Ил Дархан Айсен Николаев: «Федерация Сэбиэтиттэн улахан делегация кэлэн, элбэх оҕолоох ыаллары, өлүүлэһэн тутууга албыннаппыт дьону кытта көрүстэ. Кинилэри кытта социальнай, успуорт, куорат эйгэтин тупсарыы о.д.а. боппуруостары дьүүллэстибит. Холобур, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрөргө  саҥа дьиэлэр номнуо тутулла тураллар. Ону таһынан, регистрацията  суох, нолуок төлөөбөккө кистээн үлэлиир урбаанньыттары эппиэтинэскэ тардар үлэ барыаҕа», — диэтэ кини.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0