
Куорат дьаһалтатын этиитинэн, Дьокуускайдааҕы ТЭЦ балаҕан ыйын 8 күнүттэн кыбартаалларга итиини биэриини саҕалыыр. edersaas.ru
Сылаас салайар хампаанньалар сайаапкаларынан бэриллэр, онуоха ааспыт кыстыкка сылытыы иһин иэс-күүс суох буолара ирдэнэр. Сайаапкаларын «Юнион», «Строительнай» салайар хампаанньалар, «Гагаринскай» ОДьКХ биэрбиттэр. Атыттар күһүн ичигэс буолара кэтэһиллэринэн итиэннэ дьиэлэргэ үксүлэригэр сылааһы учуоттуур прибордар баалларынан, билиҥҥитэ тиэтэйбэттэр. Оҕо тэрилтэлэригэр (уһуйааннарга, оскуолаларга) уонна социальнай эбийиэктэргэ сылаас балаҕан ыйын 4 күнүттэн бэриллибитэ.
Кыстыгы көрсө ТЭЦ 7 тыһ. миэтэрэ усталаах ититэр ситими итиэннэ 10,5 тыһ. миэтэрэ итии уу, 7,7 тыһ. миэтэрэ тымныы уу турбатын өрөмүөннээбит, 431 км усталаах ититэр ситими, 136 км тымныы уу, 84 км итии уу турбатын ыраастаабыт.
Раиса Сибирякова. “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru