Дьокуускай куорат үөрэнээччитэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын уруһуйдаата
11.05.2020
Улуу Кыайыы 75 уонна Дойдуга бэриниилээх буолуу сылларынан сибээстээн, Ил Түмэн киэҥ далааһыннаах үлэни ыытар. Ол курдук, Кыайыы күнүгэр парламент дьиэтигэр Дьокуускай куорат 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын 10 «б» кылааһын үөрэнээччитин быыстапката аһылынна.
edersaas.ru
Туһааннаах оскуола 10 «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ Аҕа дойду сэриитин дьоруойдарын үйэтитэр сыаллаах аахсыйа биллэрбиттэрэ. Хас биирдии үөрэнээччи Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун туһунан дааннайдары хомуйбуттара. Кылаас салайааччыта Татьяна Заровняева кэпсээбитинэн, оҕолор бары бу бырайыакка көхтөөхтүк үлэлээбиттэр.
Ил Түмэн дьиэтигэр туруоруллубут уруһуйдар ааптардара 1-кы нүөмэрдээх оскуола 10 «б» кылааһын үөрэнээччитэ Николай Николаев. «Кылааспыт бырайыагар анаан 25 Дьоруойу уруһуйдаабытым. Бырайыак сүрүн сыалынан уонна соругунан хорсун санаалаах дьоруойдарбытын уонна кинилэр хорсун быһыыларын үйэтитии буолар«, — диэн Николай санаатын үллэһиннэ.
Хаартыска Ил Түмэн, ЯСИА
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1