Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр тоҕооһуннаран итиэннэ Ил Түмэн саҥа састааба үлэтин саҕалаабытынан, өрөспүүбүлүкэбит нууччалыы аатын туһунан испэр өрдөөҕүттэн иитиэхтээн илдьэ сылдьар санаабын кытта үллэстиэхпин баҕарабын. Маннык саныыр саха элбэҕэр саарбахтаабаппын.
Борис Ельцин Россия субъектарыгар: “Суверенитеты төһө кыайаргытынан ылыҥ”, — диир кэмигэр сувереннай өрөспүүбүлүкэ буолан, бэрэсидьиэннэммиппит, саҥа Төрүт Сокуон ылыммыппыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ дэнэр буолбуппут. Суверенитет бастакы сылларыгар нууччалыытыгар эмиэ “Якутия” диэн “дьокуут” буоларбытын санатар хос быһаарыыта, дьаралыга суох “Республика Саха” диэн сокуон тылыгар тиийэ этиллэр, туттуллар буола сылдьыбыта саҥарарга, истэргэ уонна суруйарга судургу этэ.
Үйэ чиэппэрин, отучча сыл тухары атын омук дьоно даҕаны Саха Өрөспүүбүлүкэтин “дьокууттар” дойдулара диэн өйдүүр-билэр буоллулар ини. Онон, Ил Түмэн саҥа талыллыбыт дьокутааттара күрүө иһигэр турар “Якутия” диэн хос быһаарыытын ылан, “Республика Саха” диэн өйдөбүлү олохсуталларыгар, быыбардааччы быһыытынан, туруорсабын. Бэл диэтэр, кыбыстан эбитэ дуу, гербэҕэ ойууланар аппыт баар-суох киэн туттуутун — сэбин быһа тардан, суох оҥорбуттара. Онно холоотоххо, соҕотох тылы ылан кэбиһэр кэбэҕэс ини…
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru