– Мин эһиэхэ, «Саха ыалыгар» анаан-минээн, олоҕум-дьаһаҕым туһунан санаабын үллэстээри кэллим. Дьоммор-сэргэбэр тулалыыр айылҕабыт киһиэхэ дьайар сүдү күүһүн, олоххо тардыһыы, дьиҥнээх доҕоттор тустарынан кэпсиэм этэ. Баҕар, арыгылааһын да туһунан санааларбын этиэхпин сөп, – диэбитэ биһиги кабинеппытын эмискэ арыйан киирбит ыалдьыппыт. «Мин бу кэпсиирбэр Өргө диэн ааттаныым», — диэбитэ кини.
Кыл түгэниттэн олоҕум тосту уларыйбыта
Аҕам 11-бин туола иликпинэ бу олохтон барбыта. Онон ийэбит биэс оҕотун бэйэтэ көрөн-харайан улаатыннарбыта. Тиийиммэт-түгэммэт диэн тугун эппитинэн-хааммытынан билбиппит. Сарсыарда 6 чааска тураммын хотоҥҥо туттуллар күрдьэҕи оҥорор этим. Ону атыылаан харчы эбинээри. 6-с кылаастан мас кэрдиитигэр сылдьыспытым. Оскуолабын бүтэрээт, тракторист идэтин баһылаан үлэлээбитим. Ыал буолбутум, үс оҕоломмутум. Дьэ ол сылдьан ньиэби көрдөөччүлэр хаалларбыт экскватордарын состороонньотун 70 миэтэрэлээх сиргэ илиибинэн сыҕарытабын диэммин, сиспин улаханнык эчэппитим. Оһол быатыгар, чугаһынан тыраахтар суох буолан биэрбитэ. «Сиһиҥ центральнай диискэтин алдьаппыккын» диэбиттэрэ. Вертолетунан Дьокуускайга нейрохирургическай отделениеҕа илдьибиттэрэ. Ый курдук суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытан баран хаампытым.
Үлэ үөһүгэр, күн солото суох тилигирии сылдьар киһи итинниккэ тиийэн хаалбытым олус ыарахан этэ…Сыбаайа үрдүгэр 8 да 12 иэннээх дьиэ көҥдөйүн туттан испитим.
Доҕоттор диэн абыраллаах дьон!
Балыыһаттан эмтэнэн тахсан дойдубар күһүн кэлбитим. Арай доҕотторбун кытта тутуллан испит дьиэбэр чугаһаан иһэн көрбүтүм, дьиэм сарайданан хаалбыт! Бэйэм дьээбэлэнэрбин сөбүлүүбүн, «ити ким дьиэтэ турбутуй, уолаттаар?» диибин. Доҕотторум барахсаттар дьиэм үрдүн саппыттар, түннүгүм, ааным холуодаларын туруорбуттар. Өссө муостатын тэлгэппиттэр, мин кэлиибэр биир эрэ хос муостата сиппэтэх. Нөҥүө сылыгар ититиитин ситимин тардан биэрбиттэрэ. Ити курдук уонтан тахса сылы быһа бииргэ үлэлээбит табаарыстарым абыраан тураллар. Хомойуох иһин, билигин үһүөн бу орто дойдуга суохтар…
«Өлөр санаам суох» диэбитим
Эмиэ нейрохирургия салаатыгар эпэрээссийэ кэнниттэн аллара өттүм үлэлээбэт буолбута. Балыыһаҕа сытан «Эн курдук диагнозтаах дьон наай гыннар биэс эрэ сыл бараллар» диэни элбэхтик истибитим. Мин «өлөр санаам суох» диибин. Ол эрээри, «суох буолан да хааллахпына, ийэм таһыгар көмүллүөм этэ» диэн үлэлээн, олохсуйан олорбут улууспуттан көһөн, дойдубар дьиэ туттубутум. Оҕо сааһым табаарыстара туппуттара, олорбут улууспуттан доҕотторум кэлэн эмиэ ситэрсэн биэрбиттэрэ. Дьэ ити курдук эпэрээссийэ кэнниттэн суорҕан-тэллэх киһитэ буолан баран, циркэҕэ акробаттыы сылдьан дэҥнэнэн инбэлиит буолбут Валентин Дикуль эмтэммит ньыматын интэриэһиргээбитим. Кини кинигэтинэн үөрэнэн, ороҥҥо сытан тардыһан олоро сатыыр буолбутум. Ээ, онтон, ыллым да, быһаарыы ылынан, Дикулу көрсөр санаалаах Москвалыырга сананным. Соҕотоҕун.
Мирнэйгэ эдьиийим, балтым көрсүбүттэрэ, сөмөлүөккэ сытан айаннаан көтөн тиийбитим. Авиапорка түһэн гостиница ыйыталаһыах курдук буолан истэхпинэ, арай араспаанньабынан ыҥыраллар. Эргиллэ түспүтүм, арай биһиги улууспутугар кэлэн үлэлии сылдьыбыт молдаванин уол — Харлампий турар эбит. Үөрүү-көтүү, соһуйуу-өмүрүү бөҕө буоллубут. Уолум «манна хаалбаккын, Кишиневка күүлэйдии барсаҕын» диэтэ да, такси кэнники олбоҕор сытыаран кэбистэ. Внуково аэропордугар баар буоллубут, сотору Кишиневка тиийдибит. Дьонугар эрдэ биллэрбит быһыылаах, үс кыыһа, үс кийиитэ толору астаах остуол тардан кууһан-сыллаан көрүстүлэр. Ырыа бөҕөтүн тартылар, бэйэтэ миэхэ анаммыт кэнсиэр курдук
буолла. «Саха чэй иһэр» дии-дии үүттээх чэй куттулар. Дьэ ити курдук Молдавия ыалыгар мааныланан, хоноон-өрөөн баран, аны «Киевкэ көтөр сөмөлүөккэ атаарыҥ» диир киһи буоллум.
Кашпировскай, Джуна, Дикуль үтүөрдүөхтэрэ…
Бу барыта 90-с сылларга этэ. Киевкэ көтөн тиийэн эмиэ гостиница булар аакка бардым. Араас уустуктары көрсөбүн, ол эрээри докумуоммар сэмсэ харчы кыбытан истэхпинэ, барыта быһаарыллан иһэр. Люкс нүөмэргэ тигистим. Икки күн лигиччи ыалдьан сыттым. Ол сытан сураһан, Кашпировскай эмтиир дьиэтин булан тиийдим. «Уоппуска ылбыта» диэтилэр.
Оччотугар олорор дьиэтин булуохтаахпын диэн, аны ону манаатым. Тиийдэҕим аайы кыбартыырата хатыылаах, үһүс эрэ күммэр биир кэккэлэһэ олорор дьукаах киһитэ түбэһэн, «Анатолий Михайлович улетел в Москву» диэтэ.
Москвалаатым, хата сөмөлүөккэ эмиэ миэстэ булан сытыаран эрэ айаннаттылар. Москваҕа гостиницаҕа үс күнэмиэ ыалдьан, бэргээн сыттым. Арай ол сытан торуоскам уһугунан тэлэбиисэри холбообутум, Кашпировскай ханна эрэ эмтиирин туһунан кэпсээтилэр. Гостиницам үлэһиттэрин соруһан билбитим, ЫБСЛКС 50 сылын аатынан киинэ театрыгар эмтиир диэтилэр. Сарсыарда эрдэ ол киинэ театрыгар тиийдим, «Кашпировскай бэҕэһээ киэһэнэн эмтээн бүппүтэ» диэннэр, ытыспын сотуннум. Ол сылдьан гостиницабар ыаллыы улууспуттан оҕолорун балыыһаҕа көрдөрөөрү кэлбит ыалы көрүстүм. Аны Джунаны көрсөр туһунан саныыбын. Биир дойдулааҕым аргыс буолан барыста. Джуна үлэлиир сирин булан тиийдибит, кэргэнэ көрүстэ,«Джуна Швейцарияҕа сылдьар, аны биир ыйынан кэлиэ» диэтэ.
Бүтэһик эрэлим — аадырыстаан кэлбит киһим Валентин Иванович Дикуль. Останкино таһыгар тимир олбуорунан эргитиллибит икки этээстээх дьиэҕэ үлэлиир эбит. Киирэр аантан киһи да киһи. Регистрацияланан, испииһэк быһыытынан киирэллэр эбит.
Арай хайдах буолуохпутун билбэккэ олордохпутуна, биир кабинеттан Валентин Иванович илэ бэйэтинэн уун утары тахсан кэллэ. «7000 килэмиэтири айаннаан, ыраах Саха сириттэн
кэллим» диэн билсэ, этэ-тыына оҕустум. «Иккис этээскэ тахсыахха» диэтэ. Батыстыбыт. Киһим сири таарыйар-таарыйбат дугунан хаамар, испэр ымсыырабын ахан. Снимоктарбын көрөн баран «эн балаһыанньаҕар мин ньымам көҥүллэммэт» диэтэ.
Айан аргыстаах, суол доҕордоох
Хайыахпыный, ити курдук табыллыбакка, дойдубар төннөрдүү авиапорду буллум. Аны онно Дьокуускайтан сылдьар Саня диэн нуучча киһитэ булсан баран арахпата. Харчытын халаппыт, турар бэйэтэ эрэ хаалбыт. «Миигин илдьэ бар, хаалларыма», — диидии ытыыр. Хайыахпыный, сөмөлүөтүм билиэтин туттаран баран, поеһынан барарга диэн быһаарынным. Миэхэ икки киһи көтөрүгэр харчым суох буоллаҕа. Ити курдук Санябын кытта айаннаан иһэн, аара аны хаайыыттан босхоломмут эдэр уол «куобахтанныбыт». Билиэтэ суох, үөһэ пуолкаҕа саһыаран тиийиэхтээх станциятыгар диэри аҕаллыбыт. Түһээри туран уолум ытамньыйыы, махтаныы бөҕө. «Чэ, биир эмэ сахаҕа көмөлөһөөр», — диибин. Саням
эмиэ Дьокуускайын буорун булан баран марылаччы ытаата.
Бэйэм 2 солкуобайы ордоруммуппунан автовокзалтан дойдубун булбутум.
Арыгы — аһаабатах аһым
Аҕам, убайым да арыгыны испэттэр этэ. Мин эмиэ хаһан да ыалласпатах аһым. Биирдэ быарынан ыалдьыбыт 29 саастаах уол арыгыттан доруобуйатын сүтэрбитин олус кэмсинэрин истибитим төбөбүттэн тахсыбат. «14 саастаахпыттан арыгыны испитим. Арыгыны олус уйан иһэҕин, биир буоккаҕа туох да буолбаккын, кыах киһигин диэтэхтэрин аайы киһиргии-киһиргии иһэр этим. Ол түмүгэр бу эдэр сааспар өлөн эрдэҕим»,— дии-дии муҥатыйбыта.
Бэйэтигэр эрэлэ суох киһи арыгылыыр дии саныыбын. Быһа холоон, уон табаарыспыттан алтата арыгыны иһэллэр.Биэнсийэбинэн кинилэри эмтэтэр үгэстээх этим.
Дьонум-сэргэм, арыгыны иһимэҥ, киһини абыраабат, алдьатар ас.
Аар айыыларбыттан көрдөспүтүм
Кэлин соҕурууттан профессордар кэлбиттэригэр эмиэ эпэрээссийэ оҥортороору гынан баран, хата эмтээбит быраастарым сүбэлэринэн, тохтообутум. Билигин сиһим тоноҕоһугар
күүстээх эмп куталлар, кэмиттэн кэмигэр салгын хачайдыыллар. Быһата, наркотическай күүстээх эмтэринэн көмөлөһүннэрэн бу оһоллонон баран 29-с сылбын сылдьабын.
Муҥатыйа-муҥатыйа сыппытым буоллар, баччаҕа тиийиэм биллибэт этэ. Биирдэ санаа киирэн, төрөөбүт түөлбэм ыһыахтыыр сиригэр тиийэн, уот отуннаран, алаадьынан, кымыһынан айах тутан айбыт Аар айыыларбыттан «уолгутун араҥаччылааҥ, харыстааҥ» диэн көрдөспүтүм.
Эбэм кытылыгар эмиэ 9 алаадьыны уурбутум. Сотору сып-сылаас ардах түһэн ааспыта. Онно көрдөһүүбүн ылыннылар дии санаабытым. Ол кэнниттэн хайдах эрэ олус чэпчээбитим, үчүгэйдик утуйар буолбутум. Онтон ыла утуйбат буолан хаалар эрэйим киирдэҕинэ, төрөөбүт түөлбэбэр 9 алаадьыны уурдарабын. Билигин кыыһым онтон чугас олорор.
Эттим да, тута алаадьылаан илдьэн уурар. Дьиктитэ диэн, ол кэнниттэн 2-2,5 чаас буолан баран ис испиттэн холкутуйан, утуйбакка эрэйи көрбүт бэйэм нухарыйан, утуйан киирэн
барабын. Бастаан түһээн дуу, илэ дуу диэбит курдук, долгуннар саба халыйан кэлэллэригэр уйдарабын, инньэ гынным да утуйабын, сынньанабын. Биирдэ эмиэ ыалдьан кыыспар «алаадьыта уур» диэн соруйбуппун, солото суох буолан, быраатыгар эппит. Онтум умнан алаадьытын аара күүлэҕэ хаалларбыт. Арай дуостал утуйбатым. Сарсыарда кыыспар эрийдим. «Тоҕо уурбатыҥ?», — диибин. Быраатын кытта быһаарсар саҥалара иһилиннэ. Умнубута быһаарылынна. Ситиннэ сотору кыыһым алаадьыны уурбутун кэнниттэн утуйбутунан барбытым…
Хомойуох иһин, икки сыллааҕыта баар-суох уолум бу орто дойдуттан барбыта… Ол миэхэ, биллэн турар, улахан охсууну оҥордо…
Дьэ ити курдук кэпсээннээх буолла олох ыарахаттарын күүстээх санныгар сүгэн кэлбит, санаатын, тулуурун күүһүнэн ыарыыны кыайарга туруулаһарын тохтоппот, олоххо бэрт сэргэх
сыһыаннаах 63 саастаах Өргө.
«Саха ыала» хаһыат архыыбыттар, 2015 сыл