Дойду Үөрэҕин министиэристибэтэ сынньалаҥҥа дьиэҕэ үлэни биэримэҥ диэн сүбэлиир

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

РФ Үөрэҕириигэ миниистирэ Сергей Кравцов кыһыҥҥы сынньалаҥҥа оҕо сынньаныахтаах, дьиэҕэ үлэни толоруо суохтаах диэн санаалаах. Итиэннэ оскуолалар тустаах сүбэни тутуһалларыгар ыҥырар.

edersaas.ru

Оҕолор сылы быһа судургута суох усулуобуйаҕа үөрэннилэр, онон Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥ кэмигэр дьиэҕэ үлэттэн босхолуур сиэрдээх. Сынньалаҥ сынньанарга уонна бириэмэни көхтөөхтүк, кинигэ ааҕан, айан-тутан атаарарга аналлаах. Дьиэ кэргэни кытта бииргэ атаарар ордук”, – диэн иһитиннэрэр.

Ону тэҥэ, миниистир бу иннинэ ахсынньы 30-31 күннэригэр педагогтары сынньатарга сүбэлээбитэ.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: lifehacker.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0