Дойду Киин баана быйыл бэһис төгүлүн сүрүн ыстаапканы 0,25%-тан намтатан, 6,25%-ҥа диэри түһэрдэ. Маннык хардыы инфляция таһыма кыратын уонна солкуобай бигэ туруктааҕын иһин оҥоһулунна. Онон Арассыыйа олохтоохторо намыһах ыстаапканан кирэдьиит, ипотека ылар кыахтаныахтара.
Ол туһунан «МК.ру» иһитиннэрэр.
Ол эрэн арҕааҥҥы инвестордар дойдуга үптэрин угартан туттунуохтарын сөп диэн сэрэтэллэр. Чуолкайдаан эттэххэ, инфляция сэтинньигэ 3,5% этэ, дьиҥэр 4% сөптөөҕүнэн ааҕыллар. Оттон дуоллары 62-63 солкуобайга атыылаһаллар.
«Саха сирэ», edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1