Үөрэххэ сыһыаннаах эбии хааччахтары дойду бырабыыталыстыбатын кытта сөбүлэһэллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа сибээскэ тахсан, коронавируһунан сибээстээн анал туһаайыытын тиэртэ. Маныаха үөрэх тэрилтэлэригэр эпидемия турбатын хааччыйыахтаахпып диэн эттэ. Оччотугар үөрэнэллэр дуу, үөрэммэттэр дуу диэн үгүс төрөппүт, устудьуон ыйытар.

edersaas.ru

Дойду бэрэсидьиэнэ уһуйааннарга, оскуолаларга, үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр, атын үөрэх тэрилтэлэригэр эпидемия турбатын курдук дьаһаныахтаахпыт диэн эттэ. Итиэннэ вирусологтар бэлиэтииллэринэн, эпидемия аан дойдуга чыпчалыыгар (пик) тиийэ илик, ол иһигэр, биһиэхэ диэн ыйда. Онон сибээстээн, үлэлээбэт күннэр муус устар 30 күнүгэр диэри уһатарга диэн иһитиннэрдэ.

Мантан сиэттэрэн, үөрэх тэрилтэлэрэ үлэлииллэр дуу, суох дуу диэн сиэрдээх ыйытыы үөскүүр. Маныаха: “Өскөтүн систиэмэни олохтуур тэрилтэлэргэ, ону тэҥэ, үөрэх, наука тэрилтэлэригэр эбии хааччахтары киллэрэр түгэннэригэр быһаарыыны эрэгийиэннэр федеральнай бырабыыталыстыбаны кытта сөбүлэһиннэрэр эбээһинэстээхтэр”, — диэн дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин чопчу эттэ.

Онон “үһү” диэнинэн сирдэтиммэккэ, эрэллээх, кырдьыктаах суруйуулары эрэ ааҕар кэм кэллэ. Туһааннаах министиэристибэлэр этиилэрин, дьаһалларын кэтэһэбит.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0