Дойду Бэрэсидьиэнэ коронавируһу бохсууга ыытыллыбыт үлэлэр тустарынан эттэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай мунньахха Анал этиитигэр, болҕомтотун доруобуйа харыстабылыгар туһаайда.

Кини аан дойдуга суоһаабыт коронавирус дьаҥын утары охсуһууга, бохсууга ыытыллыбыт үлэҕэ тохтоото.
—Коронавирус дьаҥар хаптарбыт дьону балыыһаҕа киллэрии элбээбитигэр, куойка миэстэлэр туолан аһара барбыттара. Тус харыстанар сириэстибэлэр, ИВЛ аппарааттар түҥэтиллибиттэрэ. Киһи дьиксинэр улахан сүпсүлгэнэ тахсыбытыгар, мин ис сүрэхпэр тоҕо эрэ эрэл кыыма сүппэтэҕэ. Биһиги бу дьаҥы хайаан да бохсуохпут диэн күүстээх санаа бигэтик киирбитэ», — диэн этиитэ ытыс тыаһынан арыалланна.
Дойду Бэрэсидьиэнэ коронавирус бүрүүкээбит уустук кэмигэр дьон-сэргэ бүттүүн биир сомоҕо буолан туохха барытыгар өйдөөн туран эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспыттарыгар махтанна. Коронавирус дьаҥын намтатар, бохсор туһугар туох кыалларынан усулуобуйа тэриллибитин, дьон-сэргэ онно турунан көмөлөспүтүн, балыыһаларга, сыстыганнаах ыарыыны эмтиир стационардарга коронавирустаабыт ыарыһахтары эмтииргэ куойкалар хас эмэ бүк элбээбиттэрин эттэ.
«Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр мөлүйүөнүнэн дьон бу кэм устатыгар үрдүк суобастаахтык, өрө күүрүүлээхтик үлэлээтилэр. Учуонайдар олус улахан үлэни оҥордулар, Арассыыйа коронавирустан үс вакциналаах», — диэтэ, наука сайдыытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин коронавирус дьаҥын бохсууга, утары охсуһууга көмөлөспүт, үлэлэспит бары дьоҥҥо махтал тылларын анаата. Сомоҕолоһуу баар буоллаҕына хайдахтаах да ыараханы кыайар, бохсор кыах баарын бэлиэтээтэ. Сааһыттан тутулуга суох диспансеризацияны барыларгар тэрийэн ыытары эттэ.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0