Дойду авиапаркатын  уонна почтаны сөхсүтүөххэ

Ааптар: 
26.08.2021
Бөлөххө киир:

Владимир Путин “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа сийиэһигэр өссө тугу эттэ?

Владимир Путин мөлтөх суоллаах-иистээх, тэйиччи сытар сирдэргэ мэдиссиинэ көмөтүн тэрийиигэ ураты болҕомтону уурары ирдээтэ. “Арассыыйа авиапаркатын саҥардыыны ирдиир бырагырааманы торумнааһын түмүктэннэ. Ол иһигэр дьоҕус санитарнай авиацияны, биһиги дойдуга оҥоһуллубут сөмөлүөттэр уонна бөртөлүөттэр көмөлөрүнэн. Уопсайа бу бырагыраамаҕа 340 млрд солк. ыытыллыаҕа”, — диэтэ бэрэсидьиэн.

“Бу үгүөрү үп, маны аахтыбыт-суоттаатыбыт”, — диэтэ бэрэсидьиэн. “Билиҥҥи сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, бырабыыталыстыба бу үбү бэйэтэ ыытыан сөп, ол эрээри маныаха федеральнай бүддьүөт сорох чааһа эмиэ баар, оттон бу быһаарыы парламены торумнааһын кэннэ эһигиттэн тутулуктаныаҕа”, — диэн туһаайда бэрэсидьиэн.

Маны сэргэ кини “Арассыыйа почтата” бэйэтин салааларын саҥардыыга үп ылыахтаах диэтэ. “Почталар хас биирдии тыа сирин нэһилиэнньэлээх пуунугар бааллар. Балары сөхсүтүүгэ үбү көрүөххэ, холобур, манна эми-тому, бородууктаны аҕалалларын, госөҥө порталыттан ыспыраапкалары биэрэллэрин курдук”, — диэтэ бэрэсидьиэн.

“Российская газета” хаһыаттан

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0