Дойду 2030 сылга диэри АПК-ны сайыннарыы стратегиятын ылынна
Арассыыйа миниистирдэрин кэбиниэтэ 2030 сылга диэри АПК-ны сайыннарыы стратегиятын ылынна.
edersaas.ru
Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин бэлиэтииринэн, национальнай сыаллары салаа стратегиятыгар, онтон судаарыстыбаннай бырагыраамаларга, национальнай бырайыактарга киллэрии уонна тустаах монополиялар үлэлэригэр алтыһыннарыы дойду сайдыыга хардыылыыр суола буолар.
2030 сылга диэри АПК-ны сайыннарыы стратегиятын олоххо киллэрии тыа хаһаайыстыбатын уонна сүөһү иитиитин бородууксуйаларынан дойду ырыынагын эрэллээхтик хааччыйар кыаҕы биэриэҕэ. Ону сэргэ, стратегия дойду бигэ экспортёр буолар оруолун үрдэтиэҕэ, «экспортка таһаарыллар бородууксуйа кээмэйин улаатыннарар, тастан киирэр технологияны аҕыйатар, бэйэ киэнин элбэтэр таһымҥа таһаарыаҕа», – диэн премьер Мишустин этэрин «Новости» РИА иһитиннэрэр.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru