Дойду «Кыайыы» марафонугар саха кыыһа Сардаана Трофимова кыахтаахтык кыайда

30.04.2018
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү Тамалакааныттан төрүттээх саха уҥмат тыҥалаах быһый кыыһа Сардаана Трофимова бүгүн Волгоградка ыытыллыбыт Россия марафоҥҥа чөмпүйэнээтигэр 42,2 км сири 2 чаас 28 мүнүүтэ 55 сөкүүндэнэн кэлэн, бастаата уонна 2015 сыллаахха дойду күрэхтэһиитигэр олохтообут тус рекордун тупсарда (2 чаас 29 мүнүүтэ 30 сөкүүндэ этэ).

edersaas.ru

Үөрүүлээҕэ диэн, кини манан Россия чөмпүйүөнүн аатын үс сыл буолан баран төннөрдө. Сардаана бу сүүрүүгэ сүрүн күрэстэһээччилэрин – ааспыт сыллааҕы үрүҥ көмүс призер Алина Прокопьеваны (Москва) уонна дойду кыайыылааҕын Наталья Старкованы (Челябинскай) 1,5 мүнүүтэнэн хааллартаата.

Күрэхтэһии Дьокуускай бириэмэтинэн 14 чаас 30 мүнүүтэҕэ саҕаламмыта, ол эбэтэр сүүрүктэр Москваҕа сарсыарда 8 чаас 30 мүнүүтэттэн түспүттэрэ. Маҥнай саҕаланарыгар халлаан былыттаах, сөрүүн турбута, онтон суолларын ортолуулларын саҕана күн чаҕылыччы тыган, куйааран, сүүрүктэри моһуоктаата.

Манна сыһыаран эттэххэ, Сардаана Трофимова бастыҥ көрдөрүүтэ: 2 чаас 24 мүнүүтэ 38 сөкүүндэ. Саха быһыйа маны Франкфуртааҕы марафоҥҥа ситиспитэ.

Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0