Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин аҕам саастаахтара ыччаттарыттан үөрүөхтэрин үөрэллэр. Эдэрдэр сыл ахсын, Ньукуолуҥҥа, аҕам саастаахтарын, ытык кырдьаҕастарын, сиэннэрин көрөр күндү эбээлэрин, үлэттэн илиилэрин араарбат тапталлаах эһээлэрин куһунан күндүлүүллэр, ырыа-тойук бэлэхтииллэр.
Үгэс курдук быйыл кустарын буһаран, сахалыы аһы-үөлү астаан, саха балаҕаныгар мааны сандалы тартылар. Сайыны көрсөр үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэ эриэккэһин эттилэр, ырыа-тойук бэлэхтээтилэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1