Таатта улууһугар, Дьохсоҕоҥҥо, бүгүн ураты истиҥ, дьоро уонна долгутуулаах күн үүннэ. Дьон-сэргэ саҥа искибиэри арыйыы үөрүүтүгэр кыттыста.
Бу саха норуотун күөн туттар ытык, улуу киһитэ, уран тыл аҕата, бэйиэт, наука араас көрүҥнэригэр маҥнайгы оҥкулу оҥорбут чинчийээччи, бөлүһүөк А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйгө аналлаах искибиэр.
Үөрүүлээх тэрээһин аһыллыытын СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ А.Н.Попов алгыс тылынан айхаллаата.
Аалай кыһыл лиэнтэни быһыы долгутуулаах түгэнин кэнниттэн улуус баһылыга М.М.Соров Таатта улууһа тыл, култуура күүскэ сайдыбыт түөлбэтэ буоларын тоһоҕолоон туран, бу фонтаннаах, кырасыабай тутуулаах искибиэр нэһилиэк дьоно астына-дуоһуйа сынньанар, манна тэрээһиннэр, күрэстэр ыытыллар сирдэрэ буолуоҕар эрэнэрин биллэрдэ.
Оскуола дириэктэрэ В.Д.Петрова бэтэрээн учууталларга С.И.Егороваҕа, Г.К.Давыдоваҕа, Т.Л.Поповаҕа сыралаах үлэлэрин бэлиэтээн туран, дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан анал бэлиэлэри туттарда. Приморьетааҕы Тыа хаһаайыстыбатын академиятын махтал суруктара «АгроНТИ-2019» түмүктүүр күрэскэ кыттыбыт Нь.М.Лебедеваҕа, В.Д.Петроваҕа бэрилиннилэр. БКЭ хамыыһыйатыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбит Я.И.Сивцева улуус үөрэҕин управлениетын аатыттан махтал суругу тутта.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубут ыалдьыттарга туһаайан, Кулаковскайдар сыдьааннара Өксөкүлээх Өлөксөй аатын сүгэр оскуола таһыгар искибиэр оҥоһуллубута ордук үчүгэйин, табыгастааҕын, манна киниэхэ аналлаах уруоктар, күрэстэр, куонкурустар ыытыллыахтарын эттилэр. Искибиэр тутуллуутугар бары кыһамньыларын ууран сүүрбүт-көппүт, сыраласпыт, көмөлөспүт дьоҥҥо махтаннылар. Л.П.Романов, Оонньуулаах Уйбаан хос сиэнэ, сыл ахсын туттарар истипиэндьийэтин быйыл оскуоланы бүтэрбит Милана Васильеваҕа анаата итиэннэ кэнчээри ыччакка туһаайан улуу Өксөкүлээх аатын өрө туталларыгар, үөрэтэллэригэр махтанна.
Салгыы бэтэрээн учуутал Л.И.Саввина хорсун буойун, улахан учуутал, кэрэспэдьиэн аҕатыгар И.А.Вырдылиҥҥа анаан таһаарбыт «Үйэлэргэ сүппэт үтүө аат» диэн кинигэлэрин олохтоох бибилэтиэкэҕэ (Г.Н.Другинаҕа), оскуолаҕа (В.Д.Петроваҕа), оҕолорго Аҕа дойду уоттаах сэриитин, Ильмень күөл кыргыһыытын, учуутал И.А.Вырдылин туһунан бэрт элбэх сырдатар, үөрэтэр үлэни тиһиктээхтик тэрийэн ыыппыт педагог Т.Л.Поповаҕа бэлэхтээтэ. Үөрүүлээх күн «Өксөкүлээҕи уруйдуубут» хоһоону оскуола үөрэнээччилэрэ, нэһилиэк ыччаттара доргуччу аахтылар. Нэһилиэк ытык олохтооҕо В.П.Харайданова Өксөкүлээххэ анаабыт хоһоонун аахта. Түмүккэ А.Н.Попов оһуохайыгар бар дьон кыттыһаннар, сүргэлэрэ улаханнык көтөҕүлүннэ. Кулаковскайдар аймах, үөрэнээччилэр бу бэлиэ күн күргүөмүнэн мас олортулар.
Искибиэр нэһилиэккэ тупсаҕайдык туттан олоруу былаанынан тутуллубут. Тутуу СӨ ОДьКХ министиэристибэтин Гранынан үбүлэммит. Ол иһигэр, олохтоох бүддьүөттэн кыттыгас үп киллэриллибит. Искибиэри СК «Баланс» туппут. Манна, бу кэрэ миэстэҕэ, ортотугар Өксөкүлээх бүүһэ болҕомтону ыраахтан тардар. Дьон сынньанарыгар анаан тупсаҕай оҥоһуулаах ыскамыайкалар кэккэлээбиттэр. Фонтан кэрэ көстүүтэ харахха тута быраҕыллар. Күһүҥҥү нуһараҥ киэһээлэргэ манна уот-күөс сандааран, эдэр да, эмэн да дьон астына-дуоһуйа сынньаныахтара. Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр, ааҕыылар эмиэ манна ыытыллыахтара. Дьохсоҕон олохтоохторо улуу убайдарыгар Өксөкүлээххэ сүгүрүйүөхтэрэ, сибэкки дьөрбөтүн ууруохтара.