Доҕорбут кириитик Николай Рыкунов туһунан кинигэ таҕыста

Ааптар: 
25.02.2024
Бөлөххө киир:
Хаартысканы Надежда Ильина тиксэрдэ

Олунньу 19 күнүгэр Национальнай библиотека Историческай саалатыгар саха литературатыгар сындыыс сулустуу күлүм гынан ааспыт кылгас олоҕор бөдөҥ суруйааччылары уонна үөлээннээхтэрин айымньыларын хорутуулаахтык ырыппыт литература кириитигэ, саха литературатын уонна культуратын сырдатар биэриилэрдээх телесуруналыыс, Россия Суруйааччыларын уонна Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ Николай Рыкунов сырдык кэриэһигэр анаммыт «Олох суһума» ахтыы кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста. Кинигэ сүрэхтэниитигэр суруйааччылар, Николай бииргэ үөрэммит доҕотторо, биир дойдулаахтара, аймахтара, дьиэ кэргэнэ, университет уһуйааччылара, устудьуоннар  кытыннылар.

«Олох суһума» ахтыы кинигэтин Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа сүрүннээн, СӨ Духуобунаска академиятын үбүлээһининэн, «Алта» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Николай Рыкунов университекка бииргэ үөрэммит доҕотторо – Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, поэт Рустам Каженкин ахтыылары хомуйан, кинигэ гынан үйэтиттилэр уонна бу биһирэми иилээн-саҕалаан ыыттылар. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги бары, ол иһигэр Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик Аграфена Кузьмина, Саха судаарыстыбаннай университетыгар саха факультетыгар литература үлэһитэ салааҕа биир бөлөххө үөрэммиппит. Коля Рыкунов барыбытыттан аҕа саастаахпыт уонна дьулуурдаахпыт этэ.

– Доҕорбут Коля Рыкунов туһунан кинигэ балачча уһун кэм устата хомуллан таҕыста. Бу кинигэ көннөрү киһи олоҕун туһунан ахтыы эрэ буолбатах. Бу патриоттуу санааттан саха литературатынан умсугуйан кылгас кэм иһигэр дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалааҕы хайдах үлэлиэххэ сөбүн бэйэтин холобурунан  көрдөрбүт киһи туһунан кинигэ. Кинигэ аатын балачча өр толкуйдаан баран бэйэтэ ылына сылдьыбыт псевдонимыгар сигэнэн таһаарбыппыт. Коля устудьуоннуу сылдьан биир кэмҥэ Суһум диэн аатынан бэчээттэнэр буола сылдьыбыттааҕа, аҕам биэрбит аата диэн сүрдээҕин манньыйа, астына кэпсиир этэ. Бу кинигэ суруйааччыларга, саха литературатын ырытааччыларга, сэҥээрээччилэргэ суолталаах кинигэ буолуо дии саныыбын, – диэн литература эйгэтигэр тэҥҥэ үктэммит доҕоро Гаврил Андросов киирии тылынан тэрээһин саҕаланна. Кини Николай Рыкунов доҕотторун ааттарыттан суруйааччы аатын үлэлээбит сиригэр – төрөөбүт нэһилиэгин Партизан библиотекатыгар иҥэрэргэ, үөрэммит оскуолатыгар мэҥэ өйдөбүнньүк туруорарга этии киллэрдэ.

Николай суруйааччылар эйгэлэригэр киирэригэр аҕатын тэҥэ сүбэтинэн-аматынан өрүү өйөөбүт киһитэ саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов: “Хара маҥнайгыттан киһиэхэ сыстаҕас, үөрэҕи түргэнник ылынар, ыарахаттары уйар, тулуйар этэ. Кини айымньыны дириҥник өйдүүрэ, ырытара. Айымньы таһымын көрөн, хайдах баарынан кырдьыгы этэн сыаналыыр сыанаһыт баар буоллаҕына эрэ литература сайдар. Биллэн турар, кириитик буолар наһаа ыарахан, уустук. Биһиги Колябыт дириҥ ис хоһоонноох чинчийиилэрдээҕэ, улахан кириитик буолан испитэ…” – диэн эдэр доҕорун туһунан сыанабыл биэрдэ.

Норуот поэта Наталья Харлампьева: “Саха литературатыгар бэйэтин көлүөнэтэ үөскүүрүгэр улахан кылаатын киллэрбитэ. Николай Максимович Заболоцкай-Чысхаан саха литературатын туһунан уочаркаларын таһаарарга идея көтөхпүтэ уонна сүүрэн-көтөн олоххо киллэрбитэ. Литератураҕа туһалыам диэн санааттан киирбитэ ырылыччы көстөрө”, – диэн олус бэргэнник бэлиэтээтэ.

Нам улууһун Партизан орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ, икки төгүллээх Николай Рыкунов аатынан стипендиат Артур Семенов биир дойдулааҕын айар үлэтин туһунан дакылаатын ааҕа тахсыбытыгар биһиги, кинини кытта чугастык алтыспыт дьон, уолчаан таҥаһынан-сабынан, тутта-хапта сылдьарынан, куолаһынан даҕаны доҕорбутун саната биэрбититтэн сык гына түстүбүт…

М.К. Аммосов аатынан СГУ Саха филологиятын уонна культуратын факультетыгар үөрэппит профессордара Прасковья Сивцева, Варвара Окорокова, куратора, билигин университет РФ ХИНТуоКИ дириэктэрин наукаҕа солбуйааччы, филология билимин кандидата Матрена Попова  үөрэнээччилэрин Коля Рыкунов туһунан истиҥ тылларынан ахтан-санаан аастылар. Биир дойдулаахтара, бииргэ үлэлээбит дьоно, Дьокуускайтан, Намтан, Партизантан ахтыы кинигэ сүрэхтэниитигэр кытыннылар. Ийэтэ Екатерина Петровна, бииргэ төрөөбүттэрэ, кэргэнэ, кыыһа уолларын, бырааттарын, убайдарын, аҕаларын суруйааччы Николай Николаевич Рыкунов аата үйэтийэ турарыттан астыналларын, Саха сирин суруйааччыларын сойууһугар уонна доҕотторугар махтаналларын биллэрдилэр.

Саха литературатын  кыраҕы хараҕынан, сытыы өйүнэн дириҥ дьоһуннук ырытан испит Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, литература кириитигэ, доҕорбут Николай Рыкунов сырдык аатын үйэтитии тиһигэ быстыбакка салҕана иһиэхтин!

Надежда Ильина, бииргэ үөрэммит доҕоро,

Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0