«Добун дуораана» бэстибээл иккис сылын ыытылынна

28.04.2019
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат Саха политехническай лиссиэйигэр норуот үнүстүрүмүөннэригэр оонньуур толорооччулар “Добун дуораана” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэсти­бээл-куонкурустара иккис сылын ыытылынна.


Бу күпсүүр дьикти дорҕоонугар абылаппыт, сахабыт норуотун баай култууратыгар, үгэһигэр уһуйуллар «Добун» норуодунай этнофольклорнай кэлэк­тиип (лиссиэй иһинэн үлэлиир) ааптарыскай бырайыага буолар. Ансаамбыл салайааччыта – «Маһы ыллаппыт Мохначевскайдар дуо?» дэппит Мария уонна Василий Мохначевскайдар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүт, кыратыттан саха үнүстүрүмүөннэрин тыаһыгар-ууһугар улааппыт, этигэр-­хааныгар иҥэриммит, СӨ култууратын туйгуна Марина Сокольникова-Мохначевская. «Добуннар» күпсүүр охсон, хомуһу, айааны дуораһытан, сахалыы тэтимҥэ уйдаран, муусука уустук, алыптаах абылаҥар ылларан, ис-истэриттэн кыһаллан, туруулаһан туран дьарыктаналлар. Ансаамбыл репертуарыгар Марина Ильинична айбыт композициялара, кэлиҥҥи кэмҥэ сүтэ быһыытыйбыт хабарҕа ырыата, норуот ырыалара, оһуохайа, саха бэйиэттэрин хоһоонноро, аныгы муусуканы кытта дьүөрэлэһэр тэтим уонна эстрадабыт биллиилээх ар­­тыыстарын кытта холбуу айымньылар бааллар. Төрүт дор­ҕоон тэтимин дьүөрэлии, туруоруллубут нүөмэрдэрин силигин ситэрэн, үҥкүү хамсаныыларынан ­оһуордаан-ойуулаан биэриитэ – ан­­саамбыл өссө биир саҥа сүүрээнэ, кэрэ кэскилэ. «Добуннар» бэйэлэрэ элбэх кү­­рэстэргэ, бэстибээллэргэ кытталлар. Ол курдук, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллыбыт «Урмай Залида» түүр омук култууратын уонна ускуустубатын аан дойдутааҕы үһүс бэстибээлигэр, «Голос Арктики» фольклор аан дойдутааҕы бэстибээлигэр, «Хотугу сулус», «Бриллиантовые нотки», “Твой успех” куонкурустар Гран-при хаһаайыттара. Астана, Сеул, Харбин, Вонджу, Пекин, Ницца, Монако, Сан-Ремо, Барселона, Арассыыйа үгүс куораттарыгар, Сахабыт сиригэр ыытыллыбыт элбэх көрүүлэр лауреаттара. Айымньылаах үлэ түмүгэ – “Добун” этнофольклорнай ансаамбыл өрөспүүбүлүкэ бастыҥ кэлэктииптэрин ахсааныгар киирэн, «Грани алмаза» би­­риэмийэҕэ тиксиитэ, «Дети Саха-Азия» пуонда стипендиата буолуута, уонна, биллэн туран, норуодунай үрдүк ааты ылыыта буолар.

ГРАН-ПРИ ХАҺААЙЫНЫНАН КИМ БУОЛЛА?

Марина Сокольникова-Мохна­чевская, “Добун” норуодунай этнофольклорнай кэлэктиип сала­йааччыта:
— Билэргит курдук, култуура эйгэтигэр араас күрэстэр элбэхтэр. Ол гынан баран, но­­руот үнүстүрүмүөннэригэр оонньуур анал ханнык да куонкурус, бэстибээл ыытылла илигэ. Онон ансаамбылым төрөппүттэрин кытта биир санаанан быра­йыак оҥорон, суруйан, лиссиэйбит дьаһалтатыгар этии киллэрбиппит. Оскуола дириэктэрэ Надежда Константиновна Тимофеева, куруук да буоларын курдук өйөөн, ­этиибитин ылынан, былырыыҥҥыттан саҕалаан, быйыл иккис сылбытын «Добун дуораана» кү­­рэспитин ыыттыбыт. Төрөппүттэрим биир киһи курдук саба түһэн, тэрийсэн, өссө биир улахан үлэбит түмүктээх буолла диэн үөрэбит. Бэстибээлгэ өрөспүүбүлүкэбит талааннаах оҕолоро, биир­диилээн толорооччулар, саха но­­руотун үнүстүрүмүөннэрин ансаамбыллара, оҕо аркыастырдара бэ­­йэлэрин дьоҕурдарын, айымньылаах үлэлэрин көрдөрөн, күөн-көрсөн, уопут атастаһан, барыта 300-чэ оҕо кыттыыны ылла. Манна Мииринэй, Дьааҥы, Ньурба, Горнай, Амма, Мэҥэ Хаҥалас уо.д.а. улуустартан кыттааччылар кэлбиттэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ иккис сылын СӨ үтүөлээх артыыһа, «Душа России» судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, үгүс ыччаты хомуска үөрэппит, уһуйбут «Айархаан» бырайыак ааптара уонна салайааччыта, аан дойду виртуоз-хомусчута Альбина Дегтярева, ону тэҥэ, Марк Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай кэллиэс преподавателэ, СӨ култууратын туйгуна Анастасия Каженкина үлэлэстилэр. Түмүк бөлөхтөрүнэн быһаарылынна, ансаамбылларга уонна биирдиилээн толоорооччуларга Добун суруктары, сахалыы чорооннору туттаран, лауреаттар ааттаннылар.

«Добун дуораана» өрөспүү­бүлүкэтээҕи күрэс Гран-при үрдүк аатын Мииринэй Айхалыттан сылдьар Алена Платонова сала­йааччылаах “Айталы” этно-бөлөх сүктэ. Кинилэргэ сыллата бэриллэр бэйэм анал бирииспин – Горнайдааҕы Мария уонна Василий Мохначевскайдар ааттарынан норуот үнүстүрүмүөннэрин оҥорор мастарыскыайтан 10 000 тыһыынча суумалаах сэртипикээти туттардыбыт. Эмиэ, үгэс быһыытынан, лиссиэйбит дириэктэрэ Надежда Константиновна 5 000 суума­лаах сэртипикээтэ, «Добун» вокальнай бөлөх (салайааччы Альбина Шубина) 4 000 суумалаах сэртипикээтэ, ансаамбылым оҕолоро бэйэлэрэ талан ылбыт JBL портативнай колонка, ону таһынан, быйылгы тэрээһиммит спонсордарыттан анал бириистэр бэйэлэрин хаһаайыттарын эмиэ буллулар. Кыттааччылар, салайааччылар тэрээһиммитин үтүө тылынан сыаналаан барбыттарыттан үөрэбит.

* * *

“Добун дуораана” норуодунай үнүстүрүмүөннэргэ оонньуур толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкурустарыттан кыайыы кынаттанан муусука кэрэ эйгэтигэр дьарыктана сылдьар эдэр дьоммут өссө сайдан, үүнэн, ситиһиилэрэ үксүү турдун.

Альбина Дегтярева, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ:

Марина Ильиничнаны кытары элбэхтик бииргэ алтыһан үлэлээтибит. Куорат оҕолорун сахалыы тыыҥҥа иитэ сылдьарын көрөн наһаа хайгыыбын. Кини иитиллээччилэрэ биһиги кэнсиэртэрбитигэр күпсүүргэ, хомуска оонньоон куруук кытталлар. Онон, оҕолору иитиигэ биир хайысхаҕа биир санаалаах үлэлии сылдьабыт. Бэстибээл-куонкурус туһунан этэр буоллахха, кыттааччылар оонньуур таһымнара балачча үрдүк. Оҕолор бэлэмнээхтэрин, сценическэй култуураларын, салайааччылар толорор айымньыларын сөпкө аттаран үлэлииллэрин бэлиэтээтибит. Холобур, Ньурба ыччаттарын сэргии иһиттим. Кинилэр саха үнүстүрүмүөннэрин холбоон, бүтүн оркестровай муусуканы оонньоотулар. Оҕо уһуйаанын кырачааннара ньуосканы араастык тыаһатан, охсуу тэтимин баһылыыр кыахтаахтарын көрдөрдүлэр. Аллараа Бэстээх аккордеонистара Валерий Ноев норуокка сөбүлэппит матыыптарын олус иэйиилээхтик толоруулара, кинилэр учууталлара хас биирдии оҕотун олус кыһамньылаахтык дьарыктыырын итэҕэттэ. Мииринэй Айхалыттан кэлбит нуучча оҕолоро “Айархаан” ансаамбыл стилинэн уонна репертуарыттан попурри толорон долгуттулар. Ити курдук, кыттааччылар бииртэн-биир үнүстүрүмүөҥҥэ талааннаахтык оонньуохха, үнүстүрүмүөннэри араастык дьүөрэлээн тыаһатыахха сөбүн кэрэһилээтилэр. Арай, быйыл хомуска, кырыымпаҕа оонньуур ансаамбыллар аҕыйахтар, ол оннугар толорор хаачыстыбалара тупсубут. Инникитин муусука оскуолаларыгар, кылаастарыгар устурууналаах-смычковой үнүстүрүмүөннэргэ оҕолору элбэхтик үөрэтэллэригэр баҕа санаабытын эттибит. Оҕолор ис сүрэхтэриттэн кыһаллан араас үнүстүрүмүөннэргэ оонньуулларын көрөр олус долгутуулаах.

Татьяна Апросимова, төрөппүт, тэрийээччи:

— Күрэхтэһиини тэрийии, биллэн туран, улахан үлэттэн тахсар. Маны биир-икки киһи кыайа туппат. Биһиги, ансаамбыл төрөппүттэрэ, олус түмсүүлээхпит дии саныыбыт. Ханна туох наадатынан, ким тугу сатыырынан, туора турбакка көмөлөһөн, сүүрэн-көтөн, спонсордары булан кэпсэтэн, ким эрэ бириис ылыытыгар сылдьан, ким эрэ киэргэтиигэ эппиэттээн, кэлбит кыттааччыларбытын көрсөн-атааран, докумуоннарын толорон, быһата эттэххэ, чахчы түмсүүлээх буоламмыт, тэрээһиммит этэҥҥэ ааста диэн сүргэбит көтөҕүллэ сылдьар. Ону сэргэ, оҕолорбут бэйэбитин кытары туох баар тэрээһин үлэтигэр барытыгар тэҥҥэ сүүрэ-көтө сылдьаллара эмиэ туспа үөрэх буоллаҕа. Куруук күүс-көмө буолар дьоммутугар, туох баар грамоталарбытын, сэртипикээттэрбитин сиэдэрэйдик оҥорон, бэчээттээн биэрэр Надежда Дмитриеваҕа уонна Мирон Окороковка истиҥ тыллары этэбит. Улахан махталбытын биһиги спонсордарбытыгар тиэрдэбит: Павел Степановка (“Якутия” ҮАПК), Владислав Дмитриевкэ (“Губинскай” ДьУоКХ), Александр Никифоровка (“КопирТехСервис” ХЭУо), Иван Бучугасовка (“Маневр” үөрэх киинэ), Ольга Григорьеваҕа (“Көмүлүөк” саха иһитин оҥорор хампаанньа), Василий Егоровка («Бичик» кинигэ кыһата), Юрий Борисовка (“ЭРУДИТ” репетиторство киинэ), Светлана Гуляеваҕа (“Алеос” маҕаһыын), Марина Пудоваҕа, Аркадий Апросимовка, Полина уонна Афанасий Заболоцкайдарга, Ольга уонна Виктор Башариннарга.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0