Доҕордоһуу муостата уурулунна

17.07.2019
Бөлөххө киир:

СӨ култууратын туйгуна, саха эстрадатын ырыаһыта Елена Старостина-Хотун Арылы икки сыл анараа өттүгэр биир интервьютугар Казахстаны кытары телемост оҥоһуллуон баҕарарын туһунан кичим санаатын быктаран ылбыта. Ол 2017 сыллаахха, саха норуотун уһулуччулаах уола, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Былатыан Ойуунускай төрөөбүт күнүгэр этэ. Бу күн кини “Мин кэллим Тааттаҕа” диэн ырыаҕа уһуллубут килиибин сүрэхтээбитэ.

Биллэрин курдук, бу хоһоону саха бэйиэтэ, араадьыйа суруналыыһа Степан Дадаскинов казах норуотун уһулуччулаах кыыһа, бэйиэт Турсынай Оразбаеваҕа анаан суруйбутугар, Турсынай матыып айбыта. Елена Старостина бу ырыаны аан бастаан алтыс кылааска үөрэнэ сылдьан ааптар бэйэтин толоруутугар истибитэ. Истиҥ матыыптаах айымньыны олоҕун тухары суолдьут сулус оҥостон, кэлин репертуарыгар киллэрэн, музыкальнай килиип оҥорон бар дьонугар бэлэх ууммута.
Елена Старостина соторутааҕыта бу ырыатын казах норуотун бэрэстэбиитэллэригэр иһитиннэрэр долгутуулаах түгэнэ буолан ааста.

“ТУРСЫНАЙГА КЭЛЛИБИТ”

Ол курдук, Елена Старостина-Хотун Арылы Москва куоракка Казахстантан төрүттээх интэлигиэнсийэ, бэйиэттэр, мусукааннар, уопсастыбаннай диэйэтэллэр уопсастыбаларын бэ¬рэсидьиэнэ С.К.Тойгамбаев тус ыҥырыытын ылынан, казах биллиилээх бэйиэтэ уонна композитора, саха норуотун чугас доҕоро Турсынай Оразбаеваҕа аналлаах ахтыы-биэчэргэ кыттан кэллэ. Дойду тэбэр сүрэҕэр ыытыллыбыт бу тэрээһиҥҥэ казах норуотугар быһаччы сыһыаннаах, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ уонна Казахстан “Алаш” литературнай бириэмийэлэр лауреаттара, суруйааччы, Казахстаҥҥа элбэх көрсүһүүлэргэ кыттыбыт Николай Винокуров-Урсун уонна “Аан дойду сурда” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Александра Григорьева ыҥырыллыбыттара.
Норуоттар доҕордоһуулара бөҕөргөөһүнүн, сомоҕолоһууну кэрэһилиир тэрээһини Москва куоракка Казахстан Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ (салайааччы Серик Тойганбаев) көҕүлээтэ. Шымкент уобалаһыттан, Татарстантан, Башкортостантан, Кыргызстантан, Таджикистантан уо.д.а. кэлбит бэрэстэбиитэллэри барыларын саха айар интэлигиэнсийэтин кытары истиҥ сыһыан, хардарыта бииргэ үлэлээһин сибээстииллэр.
Бу күн Турсынай Оразбаева айбыт хоһоонноро ааҕылыннылар, ырыалара ылланнылар. Турсынай, казах домбратын уонна саха хомуһун дорҕоонноро икки норуоту үйэлэргэ сибээстии туруоҕун бу ырыатынан кэрэһилээбитэ. Оччолорго саҥа тахсан эрэр поэтесса Саха сиригэр кэлээт да, саха норуотун сөбүлээн, сахалыы хоһооннору ис иһиттэн иэйэн доргуччу ааҕан барбыта. Саха суруйааччыта Суорун Омоллоон кинини бэйэтин кыыһынан ааттаабыта уонна киниэхэ анаан “Турсынай” диэн бэсиэдкэни туттарбыта.

ТУРСЫНАЙ ЫРЫАТА ИККИ ТЫЛЫНАН ТОЛОРУЛУННА

Хотун Арылы:
Николай Винокуров-Урсун казах тылынан эҕэрдэлээбитигэр, сахалыы уонна казахтыы тылынан хоһоон аахпытыгар суруйааччы доҕотторо ытыстарын тыаһа хабылла түстэ. Үгүстэрэ Сахабыт сиригэр ыытыллар “Үрүҥ хаар алгыһынан” (“Благодать большого снега”) литература бэстибээлигэр кыттыбыттарын олус истиҥник аҕыннылар.
Мин Москваҕа бу ахтыы-биэчэргэ сылдьан, казахтар талааннаах кыыстарын олус ытыктыылларын өссө төгүл итэҕэйдим. Кинини «доҕордоһуу уонна үтүө санаа илдьитинэн» ааттыыллар. Турсынай Оразбаева түүр омуктары, ол иһигэр сахалары, тылларын-өстөрүн, култуураларын күн бүгүҥҥэ диэри илдьэ сылдьалларын олус хайҕаан, ханна да тиийдэр кэпсии, көрдөрө сылдьара, уос номоҕо гынан кэпсиирэ. Оттон мин Турсынай курдук киһи айбыт ырыатын бу күн кинилэргэ толорорум улахан чиэс этэ. “Мин кэллим Тааттаҕа” диэн ырыабытын сахалыы толорбутум кэннэ казахтыы үөрэтэн, тута гитара доҕуһуоллаах толордубут. Ону сэргэ, Батырхан Шукенов репертуарыттан “Отан Ана” (“Родина-мать”) ырыаларын толордум. Ону артыыстар иилэ хабан ылан, хас да омуктан турар ансаамбыл тэрийэ охсон, гитаранан, домбранан доҕуһуоллаан, түөрт куоласка арааран толорон, дьон-сэргэ биһирэбилин ыллыбыт. Ырыабытын казах, Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ, “аркыастыр-киһи” диэн ытыктаан ааттыыр киһилэрэ Аблайхан Оспанов уонна татарка Гульчачек Галямова кэргэниниин, гитарист Талгат Хасеновтыын толордубут.
Уопсайынан, казахтар үөрүнньэҥнэрэ тастарыгар көстө сылдьар. Сөбүлээтилэр да ойон туран үҥкүүлэһэн, ыллаһан бараллар. Ханна да буоллун, домбраларын кыбына сылдьаллар. Бу төрүт инструменнарын эдэрдиин-эмэнниин бары баһылыы сатыыллар эбит”, — диэн маннык көрсүһүү кинини Турсынай Оразбаеваны кытары эмиэ “алтыһыннаран” ааспытыттан дьылҕатыгар махтанарын туһунан кэпсээтэ.

“МИН КЭЛЛИМ ТААТТАҔА”

Елена Старостина Турсынай Оразбаеваны аан бастаан Ытык Күөлгэ ыытыллыбыт Ойуунускай ааҕыыларыгар көрбүтэ. Алтыс кылааска үөрэнэ сылдьар кыыс ааҕыыларга кыттан, I истиэпэннээх лауреат буолбут кэмэ этэ.
Турсынай олус кыраһыабай уонна чаҕылхай кыыс эбит этэ. Бэйэтин төрүттэрин уруулуу омуктарга сырдата сылдьарын, саха норуотун бэрэстэбиитэллэригэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһарын өссө оччолорго өйдөөбүтүм. Кини илиитигэр домбратын ылан, “Мин кэллим Тааттаҕа” ырыа матыыбын дорҕооннорун таһааран барбыта. Ити ырыа тута мин сүрэҕим ортотунан киирбитэ уонна күн бүгүҥҥэ диэри дууһабар угуттаан илдьэ сылдьабын. Бу ырыа сылтан сыл аайы сыанабыла миэхэ үрдээн испитэ. Поэтесса, биһиги бары сир ийэ оҕолоро буоларбыт быһыытынан, казах уонна саха норуотун доҕордоһуулара салҕанан бара туруоҕар баҕарара.
Онтон Эстрада тыйаатырыгар үлэлии сырыттахпына, СӨ үтүөлээх артыыската, П.Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата, суруйааччы Елена Слепцова-Куорсуннаах бу ырыаҕа музыкальнай килиип устарга этии киллэрбитэ. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьевалыын уонна Урсуннуун сүбэлэһии, толкуй үлэтэ саҕаламмыта. Онон холбоһуктаах бырайыак буолбута”, — диэн килиип хайдах уһуллубутун туһунан санаан ылла.
Кини кэпсээбитинэн, килииби устарга улахан үлэ ыытыллыбыт. Архыып докумуоннарын хасыһан үлэлииргэ, устууну тэрийэргэ, таҥарга, Суруйааччылар сойуустарыттан сүбэ-ама ыларга уо.д.а. үлэҕэ сыл аҥаара кэм барбыта. Бу килииби көрөр киһи архыып докумуоннарыгар, тыытыллыбатах айылҕаҕа, ааспыт үйэ кэмнэригэр төннөргө дылы буолар. Ол курдук, Ойуунускай төрөөбүт алааһын, Дэлбэрийбиккэ турар балаҕанын уо.д.а. билсэр. Килииби устар кэмнэригэр элбэх дьикти түгэн буолбут. Олортон биирдэстэринэн, килииби устуу бүтэһик күнүгэр ып-ыраас халлааҥҥа элиэ кэлэн өр кэмҥэ кинилэр үрдүлэринэн элиэтээн баран көппүт. Артыыстар, үлэһиттэр киэҥ хал¬лаан кыырай көтөрүн харахтарынан таптыы көрө турдахтарына, хата оператор хаамыратын холбоон элиэ көтө сылдьарын устубут. Ол каадыр килиипкэ киллэриллибит.

* * *

Ити курдук, таптыыр ырыаһыппыт Елена Старостина-Хотун Арылы саха уонна казах норуоттарын икки ардыларыгар доҕордоһуу муостатын уурсуһан кэлбитинэн дьылҕатыгар махтанар. Казахстан артыыстара, ырыаһыттара инникитин элбэх холбоһуктаах үлэни салҕыырга Хотун Арылыга этии киллэрдилэр. Олоҕун, ис кутун ырыаҕа анаабыт киһиэхэ бу буоллаҕа — үрдүк дьол, үөрүү аргыстаах айар аартыгынан салгыы айаннааһын.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0