Муус устар 20-21 күннэригэр “Дохсун” спорт киинигэр “Дыгын оонньууларын” бастакы сүүмэрдиир түһүмэҕэ ыытыллыаҕа. Онно эр бэртэрэ биэс путевканы былдьаһыахтара диэн sportyakutia.ru саайт иһитиннэрэр.
Дьокуускай куорат физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын начаалынньыга Константин Бурцев этэринэн, бастакы сүүмэрдиир түһүмэххэ отучча спортсмен күрэхтэһэрэ күүтүллэр эбит. Уйбаан Белолюбскай салайааччылаах «Боотур» спортивнай кулууптан номнуо 15 кыттааччы сайаапкаласпыт, Чурапчытааҕы физкултуура уонна спорт институтуттан биэс сайаапка киирбит. Сүүмэрдиир түһүмэххэ өрөспүүбүлүкэ күүстээх многоборецтара — Петр Старостин, Владимир Федоров, Леонид Филиппов, Артем Варданян, Алексей Иванов о.д.а. кытталлара өссө даҕаны чуолкайдана илик. Оттон биир күүстээх бөҕөс Николай Матаннанов олунньуга эчэйии ылбыта, үтүөрдэҕинэ иккис түһүмэххэ кыттыаҕа диэн саайт суруйар.
Бу өрөбүллэргэ биэс путевка оонньонуоҕа, өссө биэс путевка иһин спортсменнар ыам ыйын бүтүүтэ Нам улууһугар буолар сүүмэрдиир түһүмэххэ киирсиэхтэрэ.
Санатан эттэххэ, билиҥҥи туругунан, «Дыгын оонньууларыгар» быһа кыттар быраап былырыыҥҥы «Дыгын оонньууларын» бастакы миэстэлээҕэр Егор Филипповка уонна «Чөмпүйүөн Куубага» турнир кыайыылааҕар Дьулустаан Ноговицыҥҥа баар. Егордаах Дьулустаан «Боотур» СК иитиллээччилэрэ буолаллар.
«Дыгын оонньууларын» финала бэс ыйыгар Туймаада ыһыаҕын кэмигэр ыытыллыаҕа.
Күрэхтэһии бырагыраамата
Муус устар 20 күнэ
09.00 – 10.00 –мандат хамыыһыйата, кыттааччылар сэрэбиэйдэһиилэрэ;
10.00 – 10.30 – хамаанда бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах судьуйалар мунньахтара;
10.30 – 11.00 – күрэхтэһиини үөрүүлээхтик арыйыы;
11.00 – 13.00 – “Үс төгүл үс”;
13.00 – 14.00 – тохтобул;
14.00 – 16.30 – “Тутум эргиир”, мас тардыhыыта;
16.30 — 17.00 — бастакы күн түмүгүн таһаарыы.
Муус устар 21 күнэ
09.30 – 10.00 – судьуйалар мунньахтара;
10.00 – 16.00 – оҕунан ытыы, 400 м сүүрүү, хапсаҕай, тааһы көтөҕүү;
16.00 – 16.30 – кыайыылаахтары наҕараадалааһын.