Доҕордуу дьоҥҥо ыраах да чугаһыыр

20.02.2019
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр сарсын күнүс 12 ч 30 мүн  «Араас омук тылынан саҥара үөрэнэбит» диэн аһаҕас уруок ыытыллар.


Тэрээһин «Төрөөбүт тыл — норуот барҕа баайа» омуктар икки ардыларынааҕы бырайыак чэрчитинэн ыытыллар диэн иһитиннэрэллэр пресс-сулууспаттан.
Бу долгутуулаах түһүлгэҕэ дьүкээгир, бурят, киргиис, татаар, уо.д.а. тылынан кэпсэтээччилэр үөрүүнэн кэлэллэрин, кытталларын биллэрбиттэр. Биир чаастаах көрсүһүүгэ ырыа кэрэтэ дьиэрэйиэ, үҥкүү-битии бэртээхэйэ көрдөрүллүө диэн этэллэр.
Туймаада хочотун олохтоохторун бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттаргытыгар, сэҥээрэр, сэргиир тылгытыгар бу күн кэлэн үөрэнэргитигэр, доҕотторгутун-атастаргытын көрсөн ирэ-хоро сэһэргэһэргитигэр, үөрүүнү үксэтиһэргитигэр ыҥыраллар.
А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата
Хаартыска: А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0