«Доҕордоһуу» түһүлгэтигэр кинигэ сүрэхтэннэ

08.08.2017
Бөлөххө киир:

Суоттуга «Доҕордоһуу» мусуойун түһүлгэтигэр саха тылын учуутала, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Акулина Иванова-Айгыына «Арыт түүлбэр, арыт сүрэхпэр» бастакы кинигэтэ сүрэхтэннэ. Бу күн Суоттуга эдэр литэрээтэрдэр түмсүүлэрэ ыытылынна. Манна Айгыына бэйэ хоһоонун өйтөн ааҕыыга уонна тылбааска биһирэбил бириистэри ылла.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

Кинигэ сүрэхтэниитигэр Айгыына учуутала, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Доҕордоһуу» мусуой дириэктэрэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Раиса Кулаковская, поэзияҕа сүгүрүйээччи, элбэх кинигэ ааптара, кыраайы үөрэтээччи Уйбаан Бахсылыырап, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Ирина Колодезникова-Ымыы, Уус Алдан улууһун хоһоонньуттарын «Уһуктуу» уонна Тумул с. түмсүүлэрэ эҕэрдэлээтилэр. Ону сэргэ, Айгыына учуутала Наталья Семенова ыраах Өлөөнтөн кэлэн сүрэхтэнии киэһэтин иилээн-саҕалаан ыыппыта үөрэнээччигэ долгутуулаах түгэнинэн буолла.

Айгыына бэйэтин туһунан:

“Мин аналым суруйууга, ол дьоҕурбун 3-4 кылаастан билбитим, сэрэйбитим. Оччоттон суруйарбын сөбүлүүрүм, айар үлэ мин көтүүм этэ, хоһоон суруйуута мин үөрүүм буолара. Күннээҕи олоххо барытын оҕо эрдэхтэн муодарҕыы, сэҥээрэ көрөрүм. Санаабар от-мас барыта сипсиһэн кэпсэтэр курдуга. Былыттар усталларын олус таптыырым, кинилэргэ олорсон ыраах барсыахпын санаталыырым… оҕотук санаабар ол чахчы кыаллыах суол курдуга.

Билигин орто сааспар тиийэн кэлэн баран, олоҕу анаара көрдөхпүнэ, олох хайдах эрэ дьүһүнэ кубарыйбыт тэтэрээккэ майгылыыр, хайдах эрэ барыта амтана, дьэрэкээн өҥө сүппүт курдук. Олус мунчаара саныыбын, дьон көстөрү сатаан көрбөтүттэн, суоҕу баар оҥоро сатыырыттан. Итини кыайан ылыммаппын, ол иһин, бу суруйар дьоҕурбун, хоһооннорум тылларын куйаартан туппут дорҕоонум диибин», – диэн сэһэргээтэ.

Ааҕааччылар ааптар хоһоонноро кустук өҥнөөхтөрүн, буһан эрэр дьэдьэн амтаннаахтарын, олоҕу анааралларын уо.д.а. бэлиэтээтилэр.

Айгыына кинигэтэ 150 ахсаанынан «Силис» кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. «Арыт түүлбэр, арыт сүрэхпэр» кинигэни аахтаххытына, ааптар бэйэтэ этэринии: «Баҕар, бу хоһооннор быыстарыттан бэйэҥ кэрэ кэмҥин булуоҕуҥ, сылдьыбыт кэмҥин саныаҕыҥ, мин дууһам оҕото ол ыллыктарга эмиэ көччүйбүтэ, санаам онно арыалласпыта, онон айылҕа сааһыгар иккиэн бэринэ, умсугуйа хаамсан кэлиэх…».

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0