Доҕорбут Дьөһөгөй Айыыттан сылгыһыт идэлээх

30.12.2018
Бөлөххө киир:

Сылгы «Дьөһөгөйтөн төрүттээх» ытык, ыраас сүөһүнэн, «айыы оҕотунан» аатырар. Дьөһөгөй Тойон, Күрүө Дьөһөгөй, Уот Дьөһөгөй, Уордаах Дьөһөгөй — саха киһитэ түҥ былыргыттан сылгыга сүгүрүйэрин, ытыктыырын, эрэллээх доҕор оҥосторун сүҥкэн БЭЛИЭТЭ буолар. Сылгы — саха омук норуот быһыытынан үрдүк духуобунаспыт! Өбүгэлэрбит «Сылгы уола Дыырай Бухатыыр», «Алаҥхаҕа төрөөбүт айаас ала аттаах Ала Булкун Бухатыыр» курдук олоҥхолорго сылгыны ойуулууллара. Ол аата саханы саргылаппыт, сайыннарбыт, төлкөлөөбүт сылгыбыт буоллаҕа!  

Сылгыны сыһыппыт, сайыннарбыт, өр сылларга сылгынан олоҕун оҥостубут саханан Иван Петрович Егоров буолар диэтэхпитинэ алҕаһыахпыт суоҕа. Сэбиэскэй  Аармыйа кэккэтигэр ытык иэһин төлөөт, төрөөбүт Амматын Бөтүҥ нэһилиэгэр кэлэн, сылгыһытынан үлэҕэ киирбитэ. Биир сиргэ халбаҥнаабакка сылгыһыттаан, холкуос, сопхуос эстиэр диэри туруулаһан, судаарыстыба былааннарын, «пятилеткэлэрин» ситиһиилээхтик толортообута. Биир да өрөбүлэ суох үлэтэ сурукка тиһиллибитэ, этиллибитэ кэмчи да буоллар, туһунан бэйэтэ ураты көрүүлээх-истиилээх, бэрт буочардаах сылгыһыт буоларын бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Төһө даҕаны үлэтэ ыарахан буоллар, быыс булан, Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын академиятын кэтэхтэн ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн, зоотехник идэтинэн үлэлээбитэ уонна син-биир  Күрүө Дьөһөгөйүн сылгытын дьарыгар төннүбүтэ.

Сылгыһыт олоҕун быыһын сэгэттэххэ: ийэтэ Мария Борисовна Пономарева Амма Алтаныттан төрүттээх. Оттон аҕата Петр Прокопьевич  Егоров кыра уолугар аймаҕын, норуот педагога Иван Иванович Окороков аатын биэрбитэ, бука, биллэҕим Уйбаан туйаҕын хатаран учуутал буоллун диэн санааттан буолуо.  Дьылҕа Хаан ыйааҕынан аҕата Бүөтүр эрдэ олохтон туораан, ийэтинээн эдьиийэ Анна Петровна, күтүөтэ Денис Афанасьевич Солдатов учууталынан анаммыт Бүлүү улууһун Тыымпы бөһүөлүгэр тиийэн алын сүһүөх 4-с кылааһыгар үөрэммитэ, ол сылдьан сиэн быраатын Степаны, балтын Маашаны көрөн эдэр ыалга күүс-көмө буолбута. Уол оҕо кута: булт-алт, сылгыга уһуйуллуута барыта Тоҕуска ааспыта. Ыраах Амматтан кэлбит уол оҕону Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, сылгыһыт, булчут Степан Иннокентьевич Семенов бэлиэтии көрөн, дьиэ кэргэнигэр сыһыаран,  8 оҕолорун кытта суулуу тутан, Ваняҕа аҕалыы истиҥник сыһыаннаһан, Айыы Дьөһөгөйгө тапталы сахпыта, байанайдаах булду биһирэппитэ. Күн-күбэй ийэбит Марфа Васильевна Сивцева Степа, мин Ваняны кытта доҕордоһорбутун өрүү сэҥээрэрэ, оонньоторо. Дэриэбинэҕэ Амматтан кэлбит кыра уолу таптаан “Амма аччыгыйа” диэн ааттыыллара, ити Ванябыт элэккэй, сымнаҕас майгытын иһин. Бүлүү Тоҕус нэһилиэгин алаастарынан Ваня-Амма аччыгыйа бултаан-алтаан, сылгыны миинэн тамайара, айылҕалыын алтыһа айанныыра, сүргэтэ көтөҕүллэн, уйулҕата уоскуйара. Тоҕустан куорсун анньынан, аҕабыттан алгыстанан, уһулуччутук уһуйуллан, билигин кэрэ айылҕалаах, тапталлаах төрөөбүт Амматыгар Иван Петрович-Амма аччыгыйа бэртээхэйдик сылгыһыттаан, ахсынньы амырыын, тохсунньу томороон тымныытыттан чаҕыйбакка, күннэтэ хастыы эмит көстөөх сири кэрийэн, саас Амма халаан уутуттан сылгылары быыһаан, күһүҥҥү кыстыкка киллэрэн көрөн-истэн, аһатан-сиэтэн, үлэлээн-хамсаан сылдьарынан киэн туттабыт.

20-с үйэ бүтүүтүгэр Амматтан кэлэн Тоҕус аҕыс кылаастаах оскуолатыгар сырдык, Амма сэлиэһинэйин санатар уол Ваня кэпсээннээх-ипсээннээх буолан, оҕолору кытта түргэнник чугаһаспыта бу баар. Олбуорун оҕолоро Аскалон Павлов, Кеша Николаев, Петя Никитин, Ваня буолан ыкса доҕордоспуппут. Хаккыайдаан, хараҥа буолуор диэри оонньуурбут. Ол кэмҥэ,  производство кэннэ, оскуоланы 1980 сыллаахха бүтэрбиттэри Сэбиэскэй  Аармыйаҕа тас дойдуга ыыталлара. Ол курдук Ваняны-Амма аччыгыйын Монголияҕа тиийээт көрсүбүтүм. Поездтан түһээппитин кытта массыынаҕа олортулар. «Чойбалсан» куоракка кэллигит диэтилэр. Мин куусапка кэнники олоробун. Арай, биһиги кэннибититтэн иһэр массыына кабинатыгар олус билэр сирэйим көстөр. Ваня Монголияҕа сулууспалыырын билэбин да, кини буолуо дии санаабаппын. Дьэ, айаннаан, дивизия ыстаабын таһыгар тиийдибит. Массыына тохтоотун кытта ыстанан түстүм. Кырдьык, Баанньа эбит, үөрүү-көтүү, куустуһуу бөҕө буоллубут. Ханна да ыыппаттар. Кини дембэллэннээри сылдьар, мин 6 ыйым бүттэ, өссө да балтараа сылым баар. Кылгас соҕустук кэпсэттибит, кинини манна кэлэригэр Юрка Кондаков көрсүбүт эбит, эйигин да Тоҕустартан ким эмит көрсөр ини, диэн күлэр. 268-с полкаҕа түбэһэ сатаар диэтэ, «Якутский полк» дииллэр эбит. Мин ол полканы билэбин, убайым Савва сулууспалаабыта. Сотору буолаат, сорохпутун онно тиэйэн илтилэр. Онон Баанньа эппитин курдук, 268-ка түбэстим. Онтон Улан-Баторга боксаҕа күрэхтэһэ бардым. Киһим күрэхтэһии көрө сылдьар, командировкаҕа кэлбиттэр. Старшайбыттан көҥүллэтэн, хонноро илдьэ барда. Биир сиргэ саха саллааттара мусталлар эбит, оройуон аайыттан бааллар. Онно хоннубут. Сарсыарда түспүт сирбитигэр аҕалан туттарда. Аармыйаттан кэлбитим кэннэ 1987 сыллаахха Тоҕуска кэлэ сылдьыбыта. Ат баайан ыһыахха сүүрдүбүппүт…

Бу курдук, Аар Айылҕаҕа Дьөһөгөй ситиминэн тэҥҥэ бииргэ улааппыт ыраас санаалаах, уйан дууһалаах, элэккэй майгылаах доҕорбут Ваня Егоров-Амма аччыгыйа күндү аҕабытын Степан Иннокентьевиһы ытыктаан ахтара, сылгыһыт кутун куппут Аҕа учууталынан  ааттыырыттан биһиги дьиэ кэргэн үөрэбит. Оҕо сылдьан аахайбатахпытын өйдөөн көрбүт кыра уолчаан сылгыһыт сэбин-сэбиргэлин сэҥээрбитэ, аҕабыт саха сылгытын үйэтитиитин истибитэ бука ураты буолуо… Аҕабыт туйаҕын хатарыы сиэринэн билигин убайым  «Тыымпы»  ПК  бэрэссэдээтэлэ Вячеслав  Степанович  Семенов хороҕой муостааҕынан, сыспай сиэллээҕинэн үлүһүйэн дьарыктанар. Туймаада Ыһыахтарыгар  Дьөһөгөй саамал кымыһа бары састааптаах битэминнээх утаҕынан биллэн, маҥнайгы миэстэлэнэн мааныламмыта. Тус бэйэм эмиэ олохпун сылгыга анаатым, күннээҕи күнүм-дьылым табаарыһым Амма аччыгыйын курдук, Дьөһөгөй алгыһынан аһыллар. Бу — аҕабыт биллибэт-көстүбэт иитии үлэтин ыытыытын түмүгэ эбит диэн  сыаналаатым.

Дьөһөгөй айыыһыттаах доҕорбут Иван Егоров кута-сүрэ толору, биэс оҕо тапталлаах аҕата, үс уолан элэккэй эһээтэ, сэмэй сылгыһыт ытык идэтинэн олоҥхо олоҕун курдук уһун үйэлэниэ диэн барҕа баҕалаахпыт. Урукку дьыллар мындааларыттан күн бүгүнүгэр диэри Дьөһөгөй оҕотун, сылгы барахсаны таҥара курдук тутан олорор Иван Петрович-Амма аччыгыйа саха сылгытын туһунан баай билиитин, сатабылын, сылгы сайдам сайдыытын, тус көрүүтүн үүнэр көлүөнэҕэ үллэстиэ диэн эрэнэбит.

Бу сылы сылгыһыт олоҕунан түмүктүүр оруннаах диэн, Саҥа сылы сарыалынан сырдаттын диэн…

Николай СЕМЕНОВ

 уонна оҕо сааһын доҕотторо.

 Тыымпы, Бүлүү улууһа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0