«Дьоҥҥо туһалаах буоллахха, олоҕуҥ халтайга ааспат”

15.03.2022
Бөлөххө киир:

Сорох киһи олоҕо, дьылҕата кэм-кэрдии, история кэрэһитин кэриэтэ буолар. Олорон ааспыт олоҕор кэм-кэрдии араас уларыйыылара дьайаннар, история кинигэтин ааҕа олорор курдук буолаҕын.

Уус Алдан улууһугар Анна Прокопьевна Бурнашованы билбэт киһи суоҕа буолуо. Кини үлэтэ-хамнаһа бүүс-бүтүннүү дьон-сэргэ, уопсастыба олоҕо тупсарыгар туһуламмыт. 75 сааһын да туоллар, кини күн бүгүн ол сиэриттэн туораабат, уопсастыбанньык ааттааҕа, тэрийээччи бэрдэ.

Кини сэрии бүппүтүн кэннэ, 1946 сыллаахха Дүпсүн нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэлээх аҕата кыратыгар өлбүт буоланнар, эбэтигэр иитиллибитэ. Ааныс кыра эрдэҕиттэн сытыы-хотуу, дьаһаллаах этэ. Оччотооҕу ыҥырыынан, оскуола-производство-үрдүк үөрэх чэрчитинэн, пионербаһаатай идэтин баһылаабыта. Хомсомуол путевкатынан эдэркээн кыыс Мүрү орто оскуолатыгар ыстаарсай пионербаһаатайынан анаммыта. Ити 1966 сыллаахха этэ.

Оскуола дириэктэрэ “тулаайах кыыһы үөрэттэриэххэ наада” диэн, Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа ыыппыта. Училищены бүтэрэн баран, Лөгөй нэһилиэгэр дьыссаат сэбиэдиссэйинэн ананан, балтараа сыл кэриҥэ үлэлээбитэ. Дьиҥэр, дойдутугар, эбэтигэр барар санаалааҕа. Ол баҕата дьэ, туолан, Дүпсүҥҥэ пионербаһаатайынан ананан тиийбитэ.

Дьэ, күүрээннээх үлэ саҕаламмыта. Оҕолору кытары үлэлиирин, хамаандалыырын сөбүлүүрэ. Оччолорго пионерскай, хомсомуол тэрилтэлэрэ олус күүстээхтэрэ, кинилэр үлэлэригэр баартыйа улахан болҕомтотун уурара. Наһаа үчүгэй кэлэктиипкэ түбэһэн үлэлээбитэ, үөрэппит учууталлара эрчимнээх, элбэх идиэйэлээх кыыһы өйүүллэрэ.

Горн, барабаан тыаһынан доҕуһуолланан, оҕо чугдаарар саҥатынан, пионерскай ырыаларынан өрө көтөҕүллэн, эдэр саас кэрэ сыллара элэҥнээн ааспыттара. Кини оччоттон үлэтигэр саҥа сүүрээни: оскуолаҕа туризм хамсааһынын киллэрбитэ, агитбиригээдэни үлэлэппитэ. Оҕолор агитбиригээдэлэрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү-күрэскэ кыайан, Сочига “Орленок” лааҕырга путевканан наҕараадаламмыттара. Анна Прокопьевна кинилэри илдьэ бара сылдьыбыта, таарыйа бэйэтэ хомсомуол киин кэмитиэтин лааҕырыгар сынньанан кэлбитэ. Москваттан “Бастыҥ үлэлээх пионербаһаатай” аатын ылан, ЫБСЛКС киин кэмитиэтиттэн анал бэлиэни туппута. Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай тэрилтэ киин сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.

Пионерскай үлэ миигин элбэххэ үөрэппитэ, салайар үлэҕэ буһарбыта-хатарбыта”, — диэн кини этэрэ оруннаах.

Баартыйа эттэ: толороҕун, ханна да ыыттын, бараҕын!”

Бу таах мээнэ тыалга быраҕыллар тыллар буолбатах этилэр. Анна Прокопьевнаҕа ханна барарын баартыйа хаста-хаста ыйбыта буолуой?

Ол курдук, Тандаҕа Дьоруой Дьөгүөрэп аатынан сопхуоска хомсомуол тэрилтэтин сэкиритээринэн, Бороҕоҥҥо Пионер Дьиэтигэр дириэктэринэн, райсовекка инструкторынан, райпотребсойууска юриһынан, дириэктэри солбуйааччынан, “Лена” сопхуоска идэлээх сойуус бэрэссэдээтэлинэн, Мүрү сельсоветын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Бу кэм иһигэр кини Москватааҕы юридическэй институту кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ, ону сэргэ, аналлааҕын көрсөн, ыал буолбута, оҕоломмута. Кэргэнэ Петр Никитич Бурнашев оччолорго эмиэ хомсомуол актыбыыһа этэ, кэлин салайар дуоһунастарга үлэлээбитэ.

Эдэр ыал утуу-субуу үс оҕоломмуттара, ол гынан баран, иккиэн да үлэ диэн баран, муннукка ытаабыт дьон буолан, эбэлэрэ, эдьиийдэрэ оҕо көрөн, чэй өрөн, ас астаан абырыыллара.

Идэлээх сойуус бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан, үлэһиттэр усулуобуйалара тупсарын турууласпыта. Тэрилтэлэргэ кэлэктиибинэй дуогабардар оҥоһуллалларын ситиспитэ, Механизатордар дьиэлэрин тутан киллэрбиттэрэ, сайыҥҥы үлэ лааҕырдарын тэрийсэрэ. Фермаларга, гарааска итии ас тэриллэрин, күүстээх үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо араас чэпчэтиилэр баар буолалларын туруулаһара.

5 төгүл – “Бастыҥ үлэлээх социальнай сулууспа”

90-с сыллар саҕаланан, олох отуора ыһыллан, ыараан барбыта. Бу кэмҥэ Анна Прокопьевна улуус дьаһалтатыгар нэһилиэктэри, улуус мунньаҕын дьокутааттарын кытары үлэлиир отделы уонча сыл салайбыта. Сопхуостар ыһыллыбыттара, хомсомуол, баартыйа суох буолбута. Тыа сиригэр туох баар үлэ барыта улуус дьаһалтатыгар сүктэриллибитэ. Үп-харчы кириисиһэ, хамнас төлөммөтө, үлэ суох буолуута – кыһалҕа эрэ элбэх этэ.

Бу кэнниттэн социальнай көмүскэл управлениетын 12 сыл устата салайбыта. Дьон санаата түһэн, мунан-тэнэн олордохторуна, нэһилиэктэринэн сылдьан, хамсаталаан, үлэ бөҕөтүн ыыталлара. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 5 төгүл “Бастыҥ үлэлээх социальнай управление” аатын ылбыттара.

Кэлин сокуоннай саастарын туола илик оҕолор социальнай-реабилитационнай кииннэригэр дириэктэрдээн, 70 сааһын туолуор диэри үлэ үөһүгэр сылдьыбыта. Кини өр сыллаах үлэтэ “Гражданскай килбиэн”, “Арассыыйа идэлээх сойуустарын сайдыыларыгар кылаатын иһин” бэлиэлэринэн, “СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ”, “Социальнай сулууспа туйгуна”, “Үөрэҕирии туйгуна”, “Муниципальнай сулууспа туйгуна”, Дүпсүн, Мүрү нэһилиэктэрин, Уус Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо ааттарынан бэлиэтэммитэ.

Судаарыстыбаннай тэрилтэлэр идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлинэн 32 сыл, улуус идэлээх сойуустарын сүрүннүүр сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн 25 сыл халбаҥнаабакка үлэлээбитэ. Москваҕа идэлээх сойуустар сийиэстэригэр дэлэгээт быһыытынан кыттан кэлбитэ. Саха сирин дьахталларын сийиэстэригэр 4 төгүл кыттыбыта.

Алаас хотуттара” — Мүрү далбардара

—Билигин биэнсийэҕэ да олордорбун, уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанабын, — диэн кэпсиир Анна Прокопьевна. — Мүрү нэһилиэгэр “Алаас хотуна” диэн дьахталлар түмсүүлээхпит. Ол иһинэн элбэх оҕолоох ийэлэр “Дьол уйата” диэн түмсүүлэрэ күүскэ үлэлиир. Улууска ыытыллар туох баар тэрээһиннэргэ, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттабыт. Субуотунньуктар, көҕөрдүү, сибэккини олордуу, сууйуу-сотуу үлэтэ, ас астаан ыалдьыттары көрсүү, о.д.а. биһигинэ суох буолбаттар.

Түөлбэ салайааччыларын, араас түмсүүлэри түмэн үлэлиибит. Субуотунньукка мас бэлэмнээн, муус ылан, кыаммат ыалларга, дьоҥҥо көмөлөһөр идэлээхпит. Саҥа дьылга, оҕо оскуолаҕа барарыгар эмиэ аһымал аахсыйалары, дьаарбаҥкалары ыытар үгэстээхпит. Саас оҕуруот аһын, отонноох мастар арассаадаларын атыылыыр дьаарбаҥка буоларын дьон кэтэһэр. “Үтүө санаа долбуура” аахсыйаны аан бастаан биһиги саҕалаабыппыт. Ньукуолун күн алаадьылаан, кус миинэ буһаран, эбэбитигэр киирэн, сайыны көрсүү сиэрин-туомун толоробут. Түөлбэнэн “Бастыҥ тиэргэн” күрэс бэрт сэргэхтик ааһар, манан биһиги сэлиэнньэбит тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар кылааппытын киллэрэбит.

Пандемия да инниттэн “Эбээ оскуолатын” үлэлэппиппит. Манна ыһыах алгыһа, сайыны көрсүү сиэрэ-туома, арассааданы олордуу, иистэнии, эти-хааны чэбдигирдии, сонун аһы астааһын курдук туһалаах сүбэлэри видеоҕа устан, “бассаабынан” ыытарбытын, дьон олус сэргиир.

Дьахтар диэн улахан күүс”

Анна Прокопьевна, Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьахталлар сийиэстэрэ буолбутунан, дьахтар сэбиэтигэр үлэлээбит сылларгын кэпсии түс эрэ…

— Ыһыллыы-тоҕуллуу сылларыгар уопсастыбаннай олоххо тохтоон хаалыы кэмэ баар буола сылдьыбыта. Ол кэмҥэ дьахталлар сэбиэттэрэ эрэ олорон хаалбакка, үлэлэрин тохтоппотохторо. Нэһилиэккэ өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн дьахтар диэн улахан күүс буоллаҕа. Дьахталлар түмсэ түстүлэр да, тугу кыайбатахтара баарай?

Оччотооҕу улуус баһылыга Афанасий Мигалкин дьахталлар да, кырдьаҕастар да сэбиэттэрин өйүүрэ. Ханнык да былаас кэллин, киһи киһиэхэ сыһыана, айылҕаны кытары ситимэ, үйэлээх үгэстэр уларыйбаттар. Манна ийэ, эбэ ыллыктаах тыла-өһө, мындыр өйө-санаата төһүү күүс буолар.

Улууска аан бастаан “Мүрүчээнэ Куо”, “Ийэ уонна кыыс” күрэстэри тэрийэн ыыппыппыт. Ону сэргэ, аан бастаан аукцион ыытан, киирбит харчынан бибилэтиэкэ тутуллубута.

Уопсастыбанньык диэн төлөммөт үлэлээх киһи буоллаҕа. Эйигин туох күүс хамсатарый?

Үйэм тухары дьон ортотугар, үлэ үөһүгэр сылдьан баран, кимиэхэ эрэ наадалаах, туһалаах буолуохпун баҕарарым баа буолуо дуо? Олорон хааллым да, тугум эрэ тиийбэт курдук буолан барар. Бу мунньуммут уопутум таах хаалбакка, кимиэхэ эрэ салҕанара – олох эргиирэ буоллаҕа. Мин эмиэ кимтэн эрэ үөрэннэҕим, ылыннаҕым дии. Көлүөнэ утумнааһына диэн — олох сокуона. Дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах буоллахха, олоҕу халтайга олорботум дии саныахха сөп.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: суруйуу дьоруойун архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0