Дьоҥҥо көмө тиэрдээччи, дьоҥҥо туһа буолааччы

Ааптар: 
08.06.2021
Бөлөххө киир:

Бүгүн социальнай үлэһит күнэ.
Үлэ эрэ наада диэн үлэлии киирбит киһи манан аҕай кыайбат үлэтэ. Сырдык санаалаах, үтүө сүрэхтээх киһи ылсыстаҕына эрэ социальнай эйгэ туһата, дьон олоҕун чэпчэтэрэ тута харахха быраҕыллар дии саныыбын.
Баҕарабын бу эйгэ дьонугар ураты туругу, санааны, билиини, ситиһиини!
Убаастыырым бэлиэтин АНАЛ хоһооммунан эҕэрдэлиибин.

СОЦИАЛЬНАЙ ҮЛЭҺИТ

Дьоҥҥо көмө тиэрдээччи,
Дьоҥҥо туһа буолааччы
Социальнай үлэһит
Үтүө эйгэ киһитэ.

Кыайбат-хоппот, тиийиммэт
Кырдьаҕаска, кыаммакка
Сылаас сыһыан, истиҥ тыл
Тиэрдэ сылдьар кыаҕынан.

Сокуон эрэ хараҕа
Хабарынан буолбакка
Үтүө сүрэх, өй мэйии
Наада буолар идэтэ.

Социальнай үлэһит
Былыр почта тарҕатар
Үлэһиккэ маарынныр
Кэтэһиилээх, күүтүүлээх.

                                                     Полина-Победа,
                                                                Уус-Алдан

Хаартыска pxhere.com ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0