Бүлүү улууһун Хампа нэһилиэгэр хаста да сылдьан турардаахпын. Успуорт киэҥник сайдыбыт ытык сиригэр ыраах улууска айаннаан иһэн Хампаҕа таарыйдахпына, Дмитрий Николаевич Поскачины көрсөн кэпсэтиэх санаа киирэрэ. Ол баҕам дьэ туолан, бүгүн ытык киһини, талааннаах тириэньэр Дмитрий Поскачины кытта кэпсэтиибин эһиэхэ сырдатабын.
Дмитрий Николаевич билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кинини кытта кэпсэтиэм иннинэ аан бастаан кини түөрт оҕотун ийэтин, олоҕун аргыһын Дария Афанасьевналыын билсибитим. Дария Афанасьевна идэтинэн учуутал. Кэргэнин дьаныардаах уонна үтүө түмүктэрдээх сыралаах үлэтин күүстээх өйөбүлэ буолар.
ДЬАНЫАРДААХ ҮЛЭ ТҮМҮКТЭЭХ БУОЛАР
— Мин Хампаҕа физкултуура учууталынан ананан үлэлии кэлэн баран кэтэхтэн Хабаровскайдааҕы институкка үөрэнэ киирбитим. Кэргэним Дария Афанасьевна үөрэххэ киирэн үлэлии-үлэлии үөрэнэрбэр төһүү күүс буолбута. Ол курдук оҕолору иитии, дьиэ иһинээҕи эйгэни тутуу барыта киниэхэ сүктэриллибитэ. Кини мындыр өйүнэн, оҕолорун, дьиэ кэргэнин сөптөөхтүк тутар сатабылынан үлэм уонна сөбүлүүр дьарыгым түмүктээх буолбуттара.
Мин 2007 сыллаахха диэри оҕолору буоксаҕа уһуйбутум. Ол сыллар тухары күрэхтэһиилэргэ барыы-кэлии, хотунан-соҕуруунан айан, сайыннары дьиэҕэ көстүбэккэ лааҕырга оҕолору илдьэ сылдьан үлэлэтии элбэх этэ. Онно барытыгар түөрт оҕом ийэтэ, кэргэним күүс-көмө буолан, мин туохтан да тутулуктаммакка үлэлээн-хамсаан кэллэҕим. Киһи төһөнөн идэтин таптыыр, соччонон дууһатын ууран дьарыктанар. Мин оҕолор төһөнөн кыһанан дьарыктаналларыгар болҕомто уурар этим. Айылҕаттан бэриллэр кыах уонна баҕа диэн баар. Баҕалаах киһи дьарыкка кэлэ турар, кини элбэҕи ситиһиэн сөп. Дьэ, мин оҕолору уһуйарбар ити хаачыстыбаны сыаналааччыбын. Оскуола саалатыгар дьарыктаныыттан сыыйа күрэхтэһиилэргэ кыттар буолбуппут. Оҕолорум ситиһиилэрэ дьарыкпыт үтүө түмүктэрэ буолалларыттан киэн туттар уонна үөрэр этим. Тириэньэр киһиэхэ онтон ордук туох даҕаны наадата суох.
УОЛ ОҔОНУ ИИТИИГЭ АҔА ОРУОЛА
— Биһиги дьиэ кэргэн икки кыыс, икки уол оҕолордоохпут, сэттэ сиэннээхпит. Мин уолаттарбын кыра саастарыттан үлэҕэ уһуйан улаатыннарбытым. Оттон Афоням төрүт да алта сааһыттан миигин кытта успуорт саалатыгар тэҥҥэ сылдьар буолан, буокса аана киниэхэ аһыллыбыта. Кини буоксаҕа наһаа баҕалаах этэ. Уолаттарбын иитиигэ тыа киһитигэр туох методика кэлиэй, арай эрэсиими тутуһууну, дьиэ ис-тас үлэтигэр барытыгар сыһыарыыга ирдэбиллээх этим. Онон оҕолорум бары да үлэҕэ сыстаҕастар, кыайыгастар-хотугастар, үлэттэн иҥнэн турбуттарын хаһан да көрбөтөҕүм. Уопсайынан, уол оҕону иитиигэ аҕа оруола улаханын өйдүөххэ наада. Үлэни кыайбат оҕоттон үтүө үлэһит киһи тахсыбат. Кыра саастарыттан дьоҥҥо ытыктабыллаах сыһыаннаах буолар, төрөөбүт түөлбэлэрин кытта ыкса сибээһи тутар гына иитэргэ кыһамньыбын уура сатаабытым. Оҕо оттообут-мастаабыт, оонньообут-көрүлээбит дойдутугар ахтылҕана уостубат. Онон оҕону үлэнэн иитии урут да билигин да туһалаах дии саныыбын.
ТИРИЭНЬЭР ДЬОЛО
— Иитэн, уһуйан таһаарбыт оҕолорум кэлин буокса тириэньэрэ буолбуттарыттан үөрэбин. Онтон ордук дьол наадата да суох. Ол аата мин идэбин сөпкө таламмын, кимнээххэ эрэ туһаны аҕаламмын, оҕолор олохторугар суолларын таба тайанан, уһуйааччы идэтин таллахтара дии саныыбын. Буоксаҕа уһуйбут оҕолорум дойдуларыгар кэллэхтэринэ хайаан да биллэн ааһаллар. Олохпор сэттэ маастары иитэн таһаарбытым, ол курдук Иннокентий Каратаев, Иван Сивцев, Гаврил Саввин, Аян Игнатьев, Николай Алексеев, Иван Осипов, Алексей Хорунов уонна бэйэм уолум норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт маастара А.Поскачин буолаллар. Иккилии сыл буола-буола уолум Афанасий бирииһигэр оҕолорго буокса күрэхтэһиитэ Хампаҕа ыытыллар. Билигин манна, Хампаҕа, бэйэм үөрэппит, дьарыктаабыт оҕом мин туйахпын хатаран тириэньэрдии сылдьар. Мин онтон үөрэбин, ардыгар үлэтинэн уолбун сэмэлиирим да баар суол.
Аныгы үйэ буолан эбитэ дуу, буоксанан утумнаахтык дьарыктанар уол оҕо ахсаана аҕыйах курдук. Баҕар, аныгы оҕолор көмпүүтэргэ, төлөпүөҥҥэ аралдьыйаллара буолуо. Урут успуорт саала иһэ оргуйан олорооччу, оннук элбэх оҕо буоксанан дьарыктанар этэ.
ОЛОХХО ТУТУҺАР САНААМ
Сайын от ыйыгар 75 сааспын томточчу туолабын. Уолаттарым кэлэр күһүн буоксаҕа күрэхтэһии тэрийиэхтэрин баҕараллар. Мин онтон астынабын уонна киэн туттабын. Олоххо тутуһар санаам диэн бу олоххо үөрэҕи, үлэни уонна успуорду өрө тутуу буолар. Буокса көрүҥэ өссө сайдан, эдэр оҕолор утумнаахтык дьарыктанан аан дойду рингэтигэр тахсыахтарын баҕарабын.
ЫСПЫРААПКА
ДМИТРИЙ НИКОЛАЕВИЧ ПОСКАЧИН
Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгэр 1945 сыллаахха от ыйын 19 күнүгэр төрөөбүтэ.
1952-65 cылларга Тааһаҕар, Хампа оскуолаларыгар үөрэммитэ.
1965-1968 cылларга аармыйаҕа сулууспалаабыта.
1968-1971 сылларга Бүлүүтээҕи педагогическэй училищеҕа үөрэммитэ.
1972-1977 сылларга Хабаровскайдааҕы физкултуура институтугар үөрэммитэ.
1980 сыллаахтан буоксаҕа тириэньэринэн үлэтин саҕалаабыта.
Буоксаҕа сэттэ успуорт маастарын, биир норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт маастарын иитэн таһаарбыта. Уонтан тахса сыл устата 1994-2001 cылларга улууска «Бастыҥ тириэньэр» аатын сүкпүтэ.
СР Физкултуура уонна успуорт туйгуна, СР үөрэҕириитин туйгуна, СР үтүөлээх тириэньэрэ. Түөрт оҕо аҕата, сэттэ сиэн эһээтэ.
Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар — дьоруой архыыбыттан уонна sportyakutia.ru саайтан.