Дмитрий Попов Көс омуктар оонньууларын кыайыылааҕынан буолла
05.09.2018
Чолпон-Атаҕа (Кыргызстан) ыытылла турар Көс омуктар норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларыгар Дмитрий Попов мас тардыһыыга кыайыылаах аатын ылла диэн uusaldan.ru инста-страница иһитиннэрэр.
https://www.instagram.com/p/BnU8jr3geTO/?taken-by=uusaldan.ru
Дмитрий 125 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа күрэхтэстэ. Иккис миэстэни Узбекистантан Насимжон Ражабов, үһүс миэстэни Казахстантан Александр Краснов ыллылар. Дмитрийы эҕэрдэлиибит! Аны сэтинньи ыйга Саха сиригэр ыытыллыахтаах аан дойду чөмпүйэнээтигэр ситиһиилэри баҕарабыт! edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1