Дмитрий Миндиашвили аатынан Тустуу академиятын түһүлгэтигэр 369 бөҕөс тустар
Бүгүҥҥүттэн, тохсунньу 18-тан, Красноярскайга Дмитрий Миндиашвили аатынан Тустуу академиятын бирииһигэр көҥүл тустууга Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирга эр дьон күрэстэрэ саҕаланар.
Бэҕэһээ бөҕөстөр – барыта 369 киһи – сэрэбиэйдэһиини аастылар. Бу түһүлгэҕэ UWW былааҕынан ыытыллар Иван Ярыгин кэриэһигэр ХХХ норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга тиһэх путевкалар оонньоноллорунан, уон ыйааһыҥҥа (онтон алтата олимпийскай) сытыы хапсыһыылар буолаллара күүтүллэр.
Ол курдук, 57 кг (олимпийскай ыйааһын) — 65 бөҕөс, оттон 61кг — 48 киһи, 65 кг (олимпийскай ыйааһын) — 52, 70 кг – 48, 74 кг (олимпийскай ыйааһын) – 40, 79 кг — 25, 86 кг (олимпийскай ыйааһын) — 36, 97 кг (олимпийскай ыйааһын) — 17, 92 кг – 15, 125 кг (олимпийскай ыйааһын) — 23 бөҕөс тустуоҕа.
Эрдэ иһитиннэриллибитин курдук, Красноярскай көбүөрүгэр Саха сириттэн 25 тустуук күрэстэһиэҕэ.
Роман Попов, edersaas.ru
Хаартыска Интэриниэттэн ылылынна.