Медведев быыбар түмүгүнэн Сахамин Афанасьевы эҕэрдэлээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев Саха сиригэр Ил Түмэҥҥэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа кыайбытынан эрэгийиэннээҕи салаа сэкиритээрэ Сахамин Афанасьевка эҕэрдэ суругун ыытта.

Санатан эттэххэ, Ил Түмэн быыбарыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи испииһэккэ 403 хандьыдааты хабан киирсибит баартыйалартан “Биир ньыгыл Арассыыйа” политическай баартыйа Саха сиринээҕи салаата 51,29 %, Арассыыйа Федерациятын коммунистическай баартыйатын Саха сиринээҕи салаата 19,36 %, “Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйа Саха сиринээҕи салаата 16,14 %, ЛДПР Саха сиринээҕи салаата 9,45 куолаһы ыллылар.

Эспиэр санаата

Чокуур Гаврильев, политолог:

— Биэнсийэ реформата былаас баартыйатын балаһыанньатын мөлтөппөтө. «Биир ньыгыл Арассыыйа 23 биир мандаттаах дьокутааттанна, ону кытта үс бэйэ туруммуттар уонна испииһэгинэн сүүрбэччэ. Талыллыбыт 15 баһылыктан 11-э баартыйа праймериһыгар кыайбыт дьон. Саха сирин быыбардааччыта эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай бэбиэскэни сөптөөхтүк араарар дии саныыбын. Ил Түмэҥҥэ былаас баартыйата кыайыытын саҥа талыллыбыт Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлэ быһаарбыт буолуохтаах.

Надежда САМСОНОВА, Еdersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0