Дмитрий Кустуров сиэнин бэлэҕиттэн астынна

Ааптар: 
10.11.2019
Бөлөххө киир:

Аатырбыт суруналыыс, хаһыатчыт, публицист, суруйааччы Дмитрий Кустуров 90 сааһын бэлиэтиир үөрүүлээх түгэҥҥэ кини сиэнэ Иван Слепцов биир дьикти бэлэҕи утары уунан, мустубут дьону барыбытын соһутта да, үөртэ да.

edersaas.ru

Ол — Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн суруналыыс байыаннай архыыптарга анаан ирдэһэн, Сэбиэскэй сойуус Дьоруойун аатын ыларын ситиспит биир дойдулааҕа, аатырбыт снайпер Федор Охлопков бойобуой мэтириэтин хартыыната. Иван Слепцов бэрт иһирэхтик: «Эһэбэр суруналыыс быһыытынан кини дьоруойун бойобуой хаартыскатыттан хартыына гынан анаан бэлэх оҥордум», — диэн эппитин, мустубут дьон дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Бу хартыына хаһаайынынан буолбут хаһан да кырдьыбат суруналыыс Дмитрий Кустуров өйдүү-саныы сылдьаары Сэбиэскэй сойуус Дьоруойа, аатырбыт снайпер Федор Охлопков уолун Роман Федоровиһы уонна дьоруой сиэннэрин, хос сиэннэрин кытта анаан хаартыскаҕа түстэ.

Мин сиэн уол Иван Слепцовтан бу бэлэх-хартыына хайдах толкуйдаммытын, ааптара кимин ыйыталастым.

Нам педколледжын преподавателэ , СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ народнай худуоһунньуга, РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Гаврил Петровка биир нэдиэлэ иннинэ сакаастаан уруһуйдаппытым.

Дьиҥэр, эрдэ уруһуйдатар былаан баара да, сахалар «эрдэттэн күөһү өрүнэр аньыы» дииллэрин санаан, ытык киһим үбүлүөйүн бэлэмин саамай үөһүгэр сылдьан сакаас оҥорбутум. 

Бастаан утаа атын ис хоһоонноох хартыынаны толкуйдаабытым — эһэм уонна … лүөччүк туһунан. Оҕо эрдэхпиттэн кини өрүү нуучча лүөччүк доҕордооҕун туһунан кэпсиирэ. Оччолорго 5-6 саастаах тыа уолчаанын өйүгэр-санаатыгар Кириэс-Халдьаайыга Алдан өрүс үрдүгэр кэлэн түһэр гидро-сөмөлүөт лүөччүктэрин туһунан өйдөбүлэ хаһан да умнуллубаттык иҥэн хаалбыт. Хаандыга геологтарыгар таһаҕас тиэйэр сөмөлүөттэр Кириэскэ тохтоон, сөмөлүөттэрин туругун көрүнэн ааһаллар эбит. Онно олохтоох эмээхситтэр үүт, эт ас бэрсэллэр эбит. Лүөччүктэр махтанан, кинилэргэ араас таҥас, минньигэс ас аҕалаллара үһү. Ол оннук икки өттүттэн атастаһыы буолар эбит. Мин эһэм, лүөччүк доҕордоох дьоһун киһи буолан, сүрүн тылбаасчыттара үһү. «Арааһа, оччолортон нууччалыы саҥара үөрэнэн, үөрэххэ, сырдыкка тардыһыым күүстээх эбит этэ», — диэн кэпсиирэ. Бииргэ алтыһар лүөччүгэ кини буоларын биллэрэн, ампаар үрдүгэр тахсан кэтэһэн турар кырачаан доҕоругар «мин кэллим» диэн биллэрэн, сөмөлүөтүн таллаҥнатар эбит. Уолчаан элбэх сөмөлүөттэн доҕорун сөмөлүөтүн эндэппэккэ араарарын, бэрт өргө диэри ампаарга тахсан кэтэһэриттэн киһитэ сөҕөр эбит. Бастаан утаа, дьэ, ол кырачаан уолу уонна лүөччүгү санатар ис хоһоонноох хартыынаны уруһуйдатаары гыммытым. Онтон сыта-тура толкуйдаан баран, эһэм, аатырбыт суруналыыс Дмитрий Кустуров олоҕун анаабыт идэтин санаттын диэн, ааттаах-суоллаах снайпер, Сэбиэскэй сойуус Дьоруойун аатын иҥэриигэ сыралаһан үлэлэспит Федор Охлопковын бойобуой хаартыскатыттан хартыына оҥорон бэлэхтииргэ санаммытым. Билигин санаатахха, сөптөөх санааны ылыммыппын. Аҕа дойду сэриитин 75 сыла чугаһаата, Саха сиригэр Бэтэрээн сыла биллэриллибитэ, эһэм тыыл бэтэрээнэ, идэтигэр бэриниилээх ытык кырдьаҕас үлэтин биир бэлиэ сыанабыла уонна өйдөбүнньүгэ буоллаҕа. Эһэм наһаа үөрэн, хартыынатын дьиэтигэр дьыбаанын үрдүгэр ыйаттаран кэбиспитэ, — диэн кэпсиир Иван Слепцов.

Дмитрий Кустуров кыыһа үрдүк үөрэҕи бүтэрээт, Муома Чыыстайыгар омук тылын учууталынан (ньиэмэс уонна француз тыллара) анаммыт. Онтон олоҕун аргыһын Владимир Слепцовы көрсөн, кэргэнин дойдутугар Буор Сыһыыга көспүт.

Эһэбин аан бастаан Муоматтан алталаахпар кэлэн көрсүбүтүм. Онтон оскуоланы бүтэрэн баран, кэлэ сылдьыбытым. Ийэм өрүү аҕатынан киэн туттан: «Бу эн эһэҥ ыстатыйалара» диэн көрдөрөөччү. Мин онно наһаа киэн туттар этим. Онтон Намнааҕы педучилищеҕа кэлэн үөрэммитим. Бастакы идэм — уруһуй уонна үлэ учуутала. 2009 сылга диэри эһэбэр олорбутум. Кини «Саха сирэ» хаһыакка үлэлиирин билэр буолан, тоҕо эрэ үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, бу хаһыат ыстатыйаларын  уруһуйунан киэргэтиэм дии саныырым. Ол, арааһа, эһэбэр кэллиэгэлэрэ: «Уолгун биһиэхэ уруһуйдьутунан аҕалаар», — диэн «хаһааналларыттан» быһылааҕа. Онуоха эһэм: «Ээ, суох, киһи буоллаҕына бэйэтин суолун бэйэтэ тобулуоҕа», — диирэ. Ол да иһин миигин эрдэттэн: «Бэйэҕэр эрэ эрэн. Оччоҕо тахсыаҥ, олоххо миэстэҕин булуоҥ», — диэн үөрэтэрэ. Билигин барытын олохпор тус бэйэм ситиһэн баран, күндү киһибэр атаахтаппатаҕар, бэйэ кыаҕар эрэнэргэ ииппитигэр олус махтана саныыбын.

Иккис идэбин СГУ-га тутуу инженеригэр үлэлии-үлэлии кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. Кыттыгас чааһынай тутуу тэрилтэлээхпит. Онно кэтэх дьиэни тутууга бырайыактары оҥорор кылаабынай инженербин. Дьоҥҥо, нууччалыы эттэххэ, «под ключ» дьиэ тутан биэрэбит, гаас ситимин киллэрэбит, — диэн кэпсиир Дмитрий Кустуров тапталлаах сиэнэ Иван Слепцов.

Өрөгөйдөөх 90 сааһын туолар үөрүүлээх күнүгэр кырдьаҕас суруналыыс Дмитрий Кустуров кини үлэтин сыаналыыр сиэнин Ваня бэлэҕин тутан, үгүс дьон өйүгэр-санаатыгар хаалардыы үбүлүөйдээн, сотору-сотору уолчаана бэлэхтээбит хартыынатын үөрэ-астына көрө сылдьыа буоллаҕа.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edesaas.ru

Хаартыска — ааптар түһэриитэ уонна Иван Слепцов дьиэтээҕи архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0