Саха киинэтигэр биир дьоһун хардыы — Арассыыйа үрдүнэн киинэ тыйаатырдарыгар киэҥник көстүү буолаары турар. “Пугало” киинэни дойду кириитиктэрэ, режиссердара уу иһэ-иһэ хайгыыллар, бэл, киинэҕэ улахан сыһыана суох Ксения Собчак кытта Саха сиригэр оҥоһуллубут киинэни сэҥээрдэ.
edersaas.ru
Бу киинэ туһунан биһиги балачча элбэхтэ суруйбуппут. Киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут Валентина Романова-Чыскыырай улахан интервью биэрбитэ, хартыына туруорааччы-оператора Иван Семеновтыын эмиэ кэпсэтэн турабыт. Киинэни айбыт режиссер Дмитрий Давыдовы кытта кэпсэтэрбит хаалан сылдьыбыта.
Дьэ доҕоттор, Дмитрий Давыдов режиссеру суруналыыс быһыытынан өр соҕус эккирэтиһэн эрэ баран, таба тайанным ээ! Эйигин кытта биир улууска, куоракка олорбот киһини кытта көрсөр, уопсайынан, уустук эрээри, төлөпүөн, интэриниэт сайдыбыт үйэтигэр, син булуохха сөп. Ол эрээри, Дмитрий кэнники сылларга үксүн киинэ уста сылдьар буолан, туой чопчу кэми болдьоһор сатаммакка, “кэнники кэпсэтиэхпит” диэн интервьюну көһөрөн испиппит. Хата, ааспыт нэдиэлэҕэ режиссер бүтэһик таһаарбыт киинэтин Арассыыйа киинэ ырыынагар таһаарыынан дьарыктана сырыттаҕына, син булан кэпсэттим. Ити курдук, Амматааҕар Москва чугас буолан биэрдэ.
Дойдубар тиийэ охсубут киһи…
— Дмитрий, саҥа киинэҥ, “Пугало” сүрэхтэнэр кэмэ чугаһаабытынан эҕэрдэ! Хайа, төһө сылаалаах эбитий, киинэни киэҥ сиргэ тарҕатыы үлэтэ?
— Махтанабын! Тарҕатыы, билиһиннэрии үлэтэ сылаалаах. Болдьохпут даҕаны ыгым, күҥҥэ элбэх баҕайы сири кэрийэбит, дьону кытта көрсөбүт. Тус бэйэм бэстибээллэргэ эбэтэр билиһиннэрии туурдарга сылдьыам кэриэтэ, дойдубар киинэ уста сылдьыам этэ. Билэр үлэбэр быдан холкутук, сынньалаҥнык тутта-хапта сылдьар буоллаҕым. Ол эрээри, бу эмиэ улахан көдьүүстээх, туһа биэрэр үлэ буоларын өйдүүбүн, онон үлэни үлэ курдук санаан, хамсыы-имсии сылдьабыт. Билигин биир киинэм таҥыыта күүтэ сытар, онно тиийэ охсубут киһи.
— Эн киинэлэриҥ туһунан араас санаа баар — ким эрэ “социальнай драманан” ааттыыр, ким эрэ “психологическай драма” диэн сыана быһар. Ол да буоллар, ортотунан “драма” уһулааччы быһыытынан биллэҕин. Оттон кэмиэдьийэ дуу, “боевик” дуу устар санаа эмиэ баара буолаарай?
— Тохсунньуга “Эдэр саас” диэн ааттаах элбэх муусукалаах кэмиэдьийэ уонна курус сэһэн дьүөрэлэһэр киинэтин устан түмүктээтим. Бу киинэҕэ “Хардыы” бөлөх 12 ырыата иһиллэр, элбэх күлүүлээх түгэннэр бааллар. Чопчу бу жанрга уһуллум диэн этэр кыаҕым суох эрээри, урукку киинэлэрбиттэн арыый атын көстүүлээх буолла дии саныыбын. Көрөөччү этиэ турдаҕа, кэмиэдьийэ дуу, атын туох эрэ киинэ дуу буоларын.
Киинэ аата эрдэттэн айыллар
— “Эдэр саас” диэ? Киинэҥ сахалыы ааттаммыт эбит дии. Хата, бу мантан сиэттэрэн ыйытыым эрэ, тоҕо сахалыы саҥалаах, саха дьонун олоҕун туһунан кэпсэнэр киинэлэриҥ нууччалыы ааттаммыттарай? Мин өйдүүрбүнэн, маныаха диэри “Нет бога, кроме меня” диэн эрэ киинэҥ “Ийэкээм” диэн сахалыы тылбаастаммыта.
— Дьиҥэр, ити ааттаабыт киинэҕэр мин бэйэм баҕабынан иккис аат биэрбэтэҕим диэн билиниэхпин баҕарабын, продюсердар модьуйууларынан “Ийэкээм” диэн аат баар буолбута. Киинэ сценарийын нууччалыы суруйабын, онон ис хоһоонун толору тиэрдэр аат ити кэмҥэ бэйэтэ үөскээн кэлэр. Устар кэмҥэ тиийэрбитигэр бу үлэбин толору сиппит айымньы курдук ааҕабын. Тылбаас эрдэ анаммыт ааты, төһө даҕаны саталлаахтык айылыннар, толору, чопчу тиэрдибэт дии саныыбын. Быһаарыым сорох дьоҥҥо итэҕэтиитэ суох көстүөн сөп эрээри, ис дьиҥэ итиннэ эрэ сытар. Киинэм хайаан да нууччалыы ааттаах буолуохтаах диэн санаам суох, эппитим курдук кэлэр киинэм аата “Эдэр саас”. Ону таһынан, Степан Бурнашевтуун өссө биир киинэни бэлэмнии сылдьабыт, “Ыт” диэн ааттаах.
— “Ыт” — “стреляй” дуу, “собака” дуу?
— Омоним икки суолтата оонньонор.
Улахан артыыстары кытта үлэлииртэн дьулайар этим
— Арба, “Костер на ветру” атын киинэ оннугар уһуллубута диэн сурах баара дии. Ол кырдьык буоллаҕына, солбуллубут сценарий билигин ханна тиийдэ, көрүөхпүт дуо, ол киинэни?
— Кырдьык, олох атын ис хоһоонноох киинэ уһуллуохтаах этэ даҕаны, араас төрүөтүнэн ол толкуйу хаалларбытым. Төһө даҕаны олох соторутааҕыта буолбут кэм буоллар, билигин ол сюжет суолтата суох, оҥоһуллара саарбах. Кэм түргэнник уларыйар, билигин атын кэпсээннэр, артыыстар ордук оруннаахтар.
— Ол кэмҥэ Амма олохтоохторун, оҕолорун артыыс оҥорон оонньотор этиҥ. “Ийэкээм” хартыынаҕар идэтийбит артыыстары кытта үлэлээбитиҥ. Хайдах эбитий, идэтийбит артыыстары кытта үлэлиир?
— Бастатан туран, дойдулаахтарбын кытта өссө даҕаны үлэлии турар санаалаахпын. Тута үлэлэһэн барар дьон түмсүүтүн тэрийдим диэххэ сөп. Артыыстар эрэ буолбатах, киинэ араас өттүгэр көмөлөһөр дьон — көстүүм бэрийээччи, тутар-хабар дьон, оннооҕор иккис режиссер быһыытынан үлэлиир киһи, бары бааллар. Дойдубар дьон санаабыппын оҥорорго улгумнук көмөлөһөллөр, онон олус үчүгэй. Тыа киһитэ үлэтиттэн быыс-арыт булара уустук, онон иллэҥ киһини тута буларга анаан “саппаас” артыыс хайаан да баар буолуохтаах.
Оттон идэтийбит артыыстары кытта үлэлиир туспа уратылардаах. Биллэн турар, туруоруллубут соругу быдан түргэнник ылыналлар, эҥкилэ суох толороллор. Ол эрээри, артыыс үөрэҕэ суох киһи “пластилин” курдук сымнаҕас, сатаатахха, тугу баҕарар оҥорторуохха сөп, дьиҥнээх артыыс буоллаҕына, анаан-минээн үөрэммит, ону кыайар уустуктардаах эбит. Бастаан, хата бэйэм салла саныыр этим, үөрэҕэ суох режиссер буоларым быһыытынан, идэлээх дьон “тугу солуута суоҕу көрдүүрүй?” диэхтэрэ диэн.
— Аат-суол кэлбитин кэнниттэн, дьиҥнээх режиссер буолан баран, бэйэҕэр эрэлиҥ лаппа улааттаҕа?
— Дьиҥнээх режиссерунан ааҕыммаппын ээ. Ити кэмчиэрийии буолбатах. Бастатан туран, оҥорбут киинэм оччо элбэх буолбатах. Иккиһинэн, идэтийбит режиссер курдук бу үлэнэн айахпын ииттэр, саҥа бырайыактарбар холкутук тиийэр үбү киллэринэр буоллахпына, ааҕыныам. Оскуолам үлэтин хаалларарбар маннык санаабытым “бэйэбин тургутан көрүөм, сатамматаҕына, үөрэх эйгэтигэр, үлэбэр төннүөм!” Билигин көрөрбүнэн, син сатанан иһэр курдук эрээри, инникини кэлэр кэм көрдөрүө.
“Пугало” — саха киинэтин ситиһиилэрин биир сүһүөҕэ
— Бу сүрэхтэнээри турар киинэҥ, “Пугало” туһунан ыйытыым. Бэйэм көрө иликпин, онон — эн санааҕар, тоҕо Арассыыйа кириитиктэрэ бу үлэҕин эрдэтээҥҥи үлэлэргиттэн ордук чорботон сөбүлээтилэр? Хайгыыллара абытай дии!
— Дьэ бэйэлэриттэн ыйытыахха наада. Дьиҥэр, мин киинэм сахалар киинэлэрэ сайдыытын кыра аҥаара. Өр сыллар усталарыгар кыайыыттан кыайыыга хааман испиппит, онон эрдэтээҥҥи киинэлэрбит ситиһиилэрэ мунньуллан, атын дьон сэҥээриилэрэ күүһүрдэҕэ буолуо. Киинэм сэһэнэ олус судургу, ханна баҕарар үөскээбит киһи өйдүүр ис хоһоонноох. Ол эмиэ сабыдыаллааҕа буолуо. Киинэҕэ тиийэн көрөөр, ол кэнниттэн хайдах киинэ оҥоһуллубутун бэйэҥ сыаналыаҥ буоллаҕа!
— Дьэ бэрт, киинэни көрөөрү, рецензия суруйаары бэлэмнэнэ сылдьабын!
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Иван Семенов хаартыскаҕа түһэриитэ