Ааспыт сыл атырдьах ыйыгар Хомус аан дойдутааҕы киинин уонна түмэлин дириэктэринэн Тааттаттан төрүттээх учуутал идэлээх, литэрэтиирэ кириитигэ, норуот төрүт култууратыгар бэйэтэ ураты көрүүлээх Дмитрий Бястинов анаммыта. Бүгүн эдэр салайааччы “Саха сирин” ааҕааччыларын кытта саха хомуһун туһунан санаатын үллэстэр.
edersaas.ru
— Дмитрий Дмитриевич, Хомус аан дойдутааҕы киинин дириэктэринэн анаммытыҥ сыл аҥаарын кэриҥэ буолан эрэр. Үлэ-хамнас хайдаҕый?
— Хомус киинэ араас тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыытар. Хомус күнүн көрсө киин куоракка үс түмэли хабан, улахан быыстапка туруордубут, Семен Иннокентьевич Гоголев-Амынньыкы Уус хомус охсуутугар туттубут үгэһин сөргүтэр маастар-кылааһы, хомус тардыытыгар араас күөн күрэстэри тэрийдибит, Хомус күнүн бэлиэтиир тэрээһини куоракка уонна кэккэ улуустарга ыыттыбыт. Ааспыт сылга хомус эйгэтин туруга төһө да эриэ-дэхси буолбатар, сыллааҕы үлэбит былаанын ситэри толорорго дьулуһан үлэлээтибит.
Норуоттар икки ардыларынааҕы хомус кэнники кэнгириэһэ Саха сиригэр 2011 сыллаахха буолан ааспыта. Тохсус кэнгириэс бу сыл атырдьах ыйыгар Кытайга ыытыллара чуолкайданна.
“Киэҥ, дириҥ көрүүлээҕэ”
— Хомус киинин урукку дириэктэрэ Николай Спиридонович Шишигин бэрт ураты көрүүлээх-истиилээх, дириҥ толкуйдаах салайааччы этэ. Кини саха хомуһа туспа дьиэлэниэн-уоттаныан баҕарара.
— Билигин санаатахха, Николай Спиридоновичтыын үс-түөрт ый эрэ курдук бииргэ алтыһан, үлэлээн ааспыппыт эбит. Төһө да кылгас кэм буоллар, олус тапсыбыппыт. Кини хомус сайдар кэскилин ырааҕынан эҥсэн, аан дойду таһымыгар көрүүлээҕэ. Мин кинилиин бүччүмнээн, атах тэпсэн олорон сэһэргэспит кэмнэрбин олус күндүтүк саныыбын уонна инники үлэҕэ-хамнаска хомус сайдыытыгар бэйэтин көрүүлэрин үллэстибитин бэлиэҕэ ылыаҕым дии саныыбын. Ол курдук, кини Хомус Дыбарыаһын туһунан хас даҕаны дьикти үчүгэй бырайыактардааҕа. Олортон биирдэстэрэ 7 тыһыынча кыбадыраат иэннээх, олус интэриэһинэйдик былааннаммыт бырайыак биһиэхэ бэйэбитигэр экэспэнээт буолан турар.
Пэпэчиитэллэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн билиҥҥи Ил Дархан (оччолорго куорат мэрэ) Айсен Сергеевич Николаев буолар. Николай Спиридонович киниэхэ хомус туспа дьиэтин туруорса хаста да киирэ сылдьыбыта. Биһиги бу боппуруоһу саҥалыы тыыннаан, Сэбиэт мунньаҕар сотору эмиэ туруорсар былааннаахпыт. Бу тэрээһиҥҥэ итини сэргэ, араас сонун бырайыактар, санаалар этиллиэхтэрэ диэн эрэнэбин.
Инники былааннар
—— Бука, бэйэҥ туспа былааннанан, толкуйданан эрдэҕиҥ. Ол туһунан санааҕын үллэстиэҥ буолаарай.
— Хомус — саха култууратын саамай кэрэ, дьикти дьапталҕата, норуот үрдүктүк тутар биир ураты нэһилиэстибэтэ. Онон, үлэбитин төһө кыалларынан, киэҥник былаанныы сатыыбыт. Аан дойдуга тарҕанан олорор 200-тэн тахса омук варгааннаах эбит буоллаҕына, Саха сиригэр баар Хомус киинэ эрэ судаарыстыбаттан өйөбүллээх. Билиҥҥи туругунан, варгааннаах омук бары биһигини билинэр курдуктар. Саха киһитэ итинэн чахчы киэн туттуон сөп дии саныыбын. Хомус киинэ, түмэлэ даҕаны салгыы сайдар кэскилэ дьиэттэн-уоттан улахан тутулуктаах. Онон бу боппуруоһу өрүү инники күөҥҥэ тутабыт уонна өрөспүүбүлүкэ салалтата итиниэхэ болҕомто ууруо диэн улахан эрэллээхпит.
Биһиэхэ тас дойдуттан элбэх ыалдьыт да кэлэн сылдьан, астына көрөн-истэн, ыалдьыттаан барар. Улахан тэрээһиннэри ыытабыт, биирдиилээн талааннаах да дьон быыстапка туруорар. Онно киирэр, турар оҥоһуктары, экспозиция гынан тардарга суос-соҕотох саалабыт кыамтата олус кыра. Аны туран, түмэл баайын-дуолун, экспонаттары харайыы ирдэбилигэр дьиэбит эмиэ толору эппиэттээбэт. Ыытар тэрээһиннэрбитигэр куорат тыйаатырдарын саалаларын уларсарга күһэллэбит.
Үөрэхтээһиҥҥэ хомус киинин сабыдыала
— Үлэбит биир сонун хайысхата — Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты кытта базовай хаапыдыра тэрийиэхтээхпит. Сөбүлэҥҥэ илии баттаһан олоробут. Ити тэрилиннэҕинэ, биһиэхэ үөрэнэр ыччат, устудьуон аймах тустаах дьиссиппилиинэҕэ быраактыкатын барыахтаах. Саха култууратын эйгэтигэр каадырдары бэлэмнээһин боппуруоһугар Хомус киинэ бу сыллар тухары муспут баайын, үлэтин уоппутун толору үллэстиэҕэ.
Бу эйгэҕэ өр сылларга үлэлэспит, олохторун анаабыт, киэҥ билиилээх дьон элбэх. Кинилэри түмэн, Хомус киинэ тэриллиэҕиттэн муспут баайдарын уопутун уталыппакка, норуот билиитигэр таһаарыахтаахпыт диэн өйдөбүллээхпин. Ол иһин, оскуола, уһуйаан учууталларыгар, куруһуок салайааччыларыгар, биирдиилээн интэриэстээх да дьоҥҥо үөрэтэр сэминээрдэри, куурустары тэрийэн ыытыахпытын баҕарабыт. Итиннэ кэм-кэрдии, дьон-сэргэ ирдэбилэ да оруолу оонньуур. Билиҥҥи туругунан, ыытар сэминээрдэргэ, араас маастар-кылаастарга дьон кэлиитэ элбэх. Аан дойдуга соҕотох Түмэл-киин буоларбыт быһыытынан, аныгылыы ирдэбилгэ сөп түбэһэр үөрэх эйгэтин дэлэтэр хамсааһыны таһаарыахтаахпыт.
Базовай хаапыдыра чопчу сыаллаах-соруктаах үлэлиэхтээх. Аҥаардастыы үөрэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, саха хомуһун үөрэҕин түөрүйэтин, быраактыкатын сэргэ тутан, үлэ сүнньүн булунан баран, аны онтубутун наардаан, сааһылаан, үөрэтии тиһигин биир кэлим бырагырааматын оҥорор толкуйдаахпыт. Уруккуну көрдөххө, аҥардастыы ааптардар босуобуйалара эрэ тахсаллара. Билиҥҥи туруктаах, баар уопуту хомуйан, сиһилээн, иитэр-үөрэтэр судаарыстыбаннай ирдэбилгэ (стандартка) толору эппиэттиир босуобуйа оҥорон таһаарыахпыт. Сүрүн сыалбыт ол буолуох этэ.
Хомус – наука хараҕынан
— Оттон хомус наука өттүнэн төһө чинчиллэрий?
— Чинчийии уруккуттан барар. Ол эрээри, билигин өссө тэтимирдэр былааннаахпыт. Уруккуттан биллэр учуонай дьонтон маҥнайгынан И.Е.Алексеевы-Хомус Уйбааны бэлиэтиэм этэ. Тас дойдулартан Фредерик Крейн (Америка) бэйэтин кэмигэр балачча үлэлэрдээх, Лео Тадагава (Япония) — ордук Азия норуоттарын хомустуҥу тэриллэрин чинчийбит киһи, научнай ыстатыйаларын өрүү ыыталыыр. Краснодарскай кыраайга олорор биир дойдулаахпыт, психотерапевт, хомуһунан эмтээһининэн дьарыктанар М.А.Алексеев о.д.а. бааллар. Быйыл, кулун тутарга ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кэлэн, ити ааттаммыт дьонтон, кэпсиэхтэрэ. Кэмпириэнсийэҕэ кыттар туһунан сайаапкалар киирэ тураллар. Бу улахан тэрээһиммит түмүгүнэн научнай ыстатыйалар хомуурунньуктарын таһаарар былааннаахпыт.
Уустар уонна искусствоведтар
— Хомус тутаах дьоно уустар буолаллар. Кинилэри кытта үлэ хайдах тэриллиэй?
— Николай Спиридонович Шишигин уустары кытта олус тапсан үлэлээбит диэн санааҕа кэллим. Хомус киинэ өрөспүүбүлүкэ иһигэр даҕаны, тас да дойдуларга тиийэ уус үлэтигэр аналлаах элбэх тэрээһиннэри, быыстапкалары, уопут атастаһыытын ыыппыта биллэр. Николай Спиридонович киһи да быһыытынан биир идэлээхтэригэр, эйгэтин дьонугар улахан аптарытыаттаах этэ, ыкса сибээстээхтик үлэлиирэ. Онон даҕаны буолуо, ордук уустары кытта ыкса доҕордоспута, үксүлэригэр сахалыы ааттарын булунарга тиийэ сабыдыаллаабыта биллэр.
Уруккубутун салгыы сайыннарар курдук үлэлиэхпит. Саха хомуһун тыаһын ханна баҕарар сэргииллэр. Ол эрээри, хомус тас көстүүтүн, композициянан ситэриллиитин ордук сэҥээрэллэр. Билигин биһиги хомуспутун “норуот айымньыта” диэн сөпкө этэллэр. Салгыы уустары кытта саха хомуһун оҥоһугун да, тыаһын да искусство таһымыгар таһаарарга үлэлиир былааннаахпыт. Холобурга эттэххэ, олоҥхо уобарастарын чопчу хайа эрэ ууска анаан-минээн сакаастыахпыт. Маныаха уустары эрэ кытта буолбакка, искусствоведтары кытта алтыһан үлэлэтиэхпит.
Улуустары кытта сөбүлэҥ
— Бу түгэҥҥэ, чопчулаан эттэххэ, ханнык баҕарар күрэҕи, быыстапканы, оҕолор куонкурустарын да буоллун — улахан тэрээһиннэри, төһө сатанарынан, кыалларынан, Хомус түмэлэ иилээн-саҕалаан ыытыахтаах. Биирдиилээн дьон, тэрилтэ да буоллун — тэрийдиннэр, биһиги утарбаппыт. Ол гынан баран, холобура, улуустар бэйэлэрин тэрээһиннэринэн, ити ордук оскуола саастаах оҕолорго сыһыаннаах, аан дойдутааҕы куонкурустарга ыытаары гыннахтарына, үгүс ыарахаттары көрсөллөр: атын дойдуга виза ылыыттан саҕалаан туох куонкуруска, ханнык кэмҥэ кыттара бүдүмүккэ курдук, аны айанын ороскуота, эрэйэ, эппиэтинэһэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит ыытар куонкурустара, билэргит курдук, олус элбэхтэр. Ардыгар, оҕолору саастарын сааһылаан, алтыһар атын жанрын кыттыытын, таҥаһын-сабын — бары эгэлгэтин табан сыаналыыр дьүүллүүр сүбэни сөпкө туруорар да уустуктаах курдук буолар эбээт. Онон, тас дойдуга хомус эйгэтигэр сыһыаннаах тэрээһиннэри тэрийии, куонкурустарга кыттыы — Хомус киинин кытта биир сүбэнэн, биир тыынынан сылдьыы буолара ордук диибин. Үлэҕэ көрсөр, итинниккэ майгынныыр атын да итэҕэһи-быһаҕаһы туоратар сыалтан, Хомус киинэ инники өттүгэр улуустарга бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэҥ түһэрсэр былааннаахпыт. Итиннэ үөһэ эппит боппуруостарым пуун быһыытынан киирэн биэриэхтэрэ.
Хомус киинигэр уопсастыбаннай эбээһинэс быһыытынан үлэлиир, биһиги түмсүүбүтүгэр өрүү кыттар, ааптарыскай тэрээһиннэри ыытар таһымнаах биир санаалаахтарбыт үгүстэр. Биһиги инникитин даҕаны кинилэр бэйэмньи көрүүлэрин күөмчүлээбэккэ, хомус эйгэтин байытар, кэҥэтэр үлэлэригэр таһымнарын үрдэтэр уонна куолаан үлэ туһатын өрө тутаары, бииргэ үлэни күүскэ ыытыахпыт. Ол эрээри, уопсай үлэни биир ситимҥэ, биир тэтимҥэ киллэрэр сыалтан, Хомус киинэ тэрээһин боппуруостарыгар сүрүннүүр, салайар кыаҕын кэҥэппит киһи диэн санаалаахпыт.
“Саха хомуһун судаарыстыба патенныахтаах”
— Оттон патеннааһын туһунан туох толкуйдааххыный?
— Кэлин ааптар быраабын боппуруоһа сытыытык туран эрэр. Патеннааһын туһунан үрдүттэн, уопсай кэпсэтии тахсыбыта быданнаата, Бырабыыталыстыба таһымыгар да этиллибитэ балачча буолла. Ол курдук, саха хомуһун патеннааһын боппуруоһугар саҥа ирдэбиллэр баар буоллулар. Ол эрээри, билиҥҥи туругунан, ити боппуруоска бэлэммит өссө да “сиикэй” соҕус диэн сыаналыахпын баҕарабын. Биһиги интеллектуальнай баайга-дуолга сыһыаҥҥа, атын омуктарга холоотоххо, олус элбэҕи куоттаран иһэбит. Мин санаабар, саха классическай хомуһугар патены биирдиилээн киһи буолбакка, судаарыстыбанан көмүскэллээх тэрилтэ, ол эбэтэр, Хомус киинэ бэйэтэ илиитигэр ылыахтаах диэн. Оттон саха хомуһугар тустаах уус бэйэтэ эбэн оҥорбутугар (эбиликтэр) эрэ ааптарыскай патент диэн ылыан сөп. Оттон хомус дьиҥ классическай дэнэр сүрүн тутулун туоһутун хомус Түмэлэ илдьэ сылдьыахтаах. Бу — өбүгэлэрбититтэн илдьэ кэлбит норуоппут бүттүүн баайа.
“Саха уустара харчы төлөөбөттөр”
— Хомус киинэ патент ыллаҕына, уустартан харчы төлөтөр дуо?
— Саха сиригэр олорор уустартан биллэн турар, төлөбүр ирдээбэппит. Оттон Саха Өрөспүүбүлүкэтин тас өттүгэр олорооччуларга ити сокуон булгуччу үлэлиэхтээх дии саныыбын. Бэйэбитигэр төннөн эттэххэ, биирдиилээн киһи тустаах тэрилтэҕэ докумуон хомуһара, туруорсар боппуруостарын кырдьыктаахтык сурукка тиһэрэ да уустуктаах буоларын бары бэркэ диэн билэбит. Онон, дьыала дьиҥ тиһэх оҥоһуллуутугар анал үөрэхтээх, нууччалыы эттэххэ, компетентнэй юристардаах судаарыстыбаннай эрэ тэрилтэҕэ кыаллар боппуруос. Патеннааһын боппуруоһа өссө 1960-с сыллартан күөрэйбитэ. Дьиҥэр, патеннаабыт дьон элбэх. Биһиги билэрбитинэн, бэйэтин кэмигэр, биһилэхтээх хомуһу Семен Иннокентьевич Гоголев — Амынньыкы Уус Александр Иванович Чаховтыын патеннаан тураллар. Кэнники кэмҥэ, билиҥҥи уустар бэйэлэрин эбиликтэрин эмиэ балай даҕаны патеннаттылар.
— Былааҥҥыт чахчы киэҥ эбит. Дмитрий Дмитриевич, кэпсээниҥ иһин махтал.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru