Дьылҕа ыытар бэлиэлэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу ыстатыйа бэйэм олохпор буолбуттан уонна тулабын тус кэтээн көрүүбүттэн өр “ыанньыйа” сылдьан үөскээтэ. Ааҕааччым, онон, манна суруллубуту итэҕэйэриҥ-итэҕэйбэтиҥ, ылынарыҥ-ылымматыҥ — бэйэҥ көҥүлүҥ. 

Хас биирдии киһи олоҕор туох эрэ суолталаах үчүгэй дуу, куһаҕан дуу буоларын биитэр быһаарыныы ылынар кэмигэр сөптөөх суолу тобуларга “үөһэттэн” бэлиэлэр (“знаки”) кэлэн, эрдэттэн ыйан биэрэллэр эбит. Ол эрэн, үгүс киһи оннук бэлиэлэри аахайбат, билбэт, өйдөөн көрбөт, кыһаммат, таба таайбат. Сол курдук аһардан кэбиһэр. Кэлин, буолар буолбутун кэнниттэн биирдэ, эмискэ өйдөөн кэлэн, “ээ, ол иһин даҕаны!” диэн саҥа аллайыан сөп.

Баҕар-баҕарыма, итэҕэй-итэҕэйимэ, биһиги тулабытыгар биллибэт туох эрэ Күүс, хантан эрэ Куйаартан кэлэр иһитиннэрии син биир баар. Ол ыытар бэлиэлэрэ эн ханнык эрэ ыйытыыгар хоруй быһыытынан кэлиэхтэрин  эбэтэр туохтан эрэ сэрэтэр буолуохтарын сөп. Олору эн хайдах эрэ бэйэҥ ис имҥинэн билэҕин, таайаҕын, өйдүүгүн.

Мэһэйдэр, харгыстар, моһоллор

Бэйэм олохпуттан түгэни кэпсиэм иннинэ, бастаан ыраахтан саҕалыым.

1985 сыл сайыныгар Ирландияҕа Боинг-747 сөмөлүөт сууллубут, ол саахалга 329 киһи тыына быстыбыт. Ити өлбүт дьон ахсаана 330 буолуон сөбө, өскөтүн биир киһи кэлин тиһэҕэр ити сөмөлүөтүнэн көтөрүттэн аккаастамматаҕа буоллар. Тоҕо ол киһи көппөтөҕүй? Туох мэһэйдээбитий?

Бу киһи дьиэтиттэн тахсан, аэропорка айаннаары, массыынаҕа олорон баран, өйдөөн көрбүтэ – таапачыканан сылдьар, бачыыҥкатын кэппэтэх. Дьиэтигэр төттөрү киирэн, атаҕын таҥаһын уларыттыбыт. Суолун ортолоон иһэн, өйдөөбүтэ – докумуоннардаах паапкатын умнубут. Ити докумуоннар тустарыттан бу командировкаҕа баран эрэр буолан, дьиэтигэр төннөн, ол паапкатын ылбыт. Онуоха паапкатын чымадааныгар угаары, чымадаанын массыынатыттан ороору, сатаан тутумуна, чымадаана аһыллан, барытын чалбахха тоҕо сүөкээн кэбиспит. Ол да үрдүнэн ыксыы-ыксыы, чаһытын көрө-көрө, хат хомунан тилигирэйэн иһэн, “чэ, кэбис, барбат эбиппин” диэн эмискэ быһаарыммытыгар, тута чэпчии түспүт. Ол эбэтэр, “үөһэттэн” ыытыллыбыт бэлиэлэр мэһэйдэр буолан кэлэн, кинини өлөр өлүүттэн быһаабыттар.

Эбэтэр күннээҕи олоххо буолар түгэни ылан көрүөххэ. Ханна эрэ, туох эрэ көрсүһүүгэ дуу, наадаҕа дуу бараары, таһырдьа тахсыбытыҥ – ардах түһэ турар, эн зонтиккын дьиэҕэр умнубуккун. Ону ол диэбэккэ, тохтобулга тиийэн, оптуобускун кыл-мүччү куоттаран кэбиһэҕин. Онтон атын оптуобуһу күүтэн, онон айаннаан истэххинэ, аны ол оптуобуһуҥ алдьанан хаалар. Бу – чуолкай бэлиэ – “барыма, тохтоо” диэн.

Маннык холобурдар хара баһаамнар. Эн, ааҕааччы, бэйэҥ да олоххун ырыта санаан көрдөххүнэ, итинник түгэннэри балачча элбэҕи өйдөөн кэлиэҥ. Итинник мэһэйдэр биирдэ эрэ буолбакка, хаста да хатылана турар буоллахтарына, ол аата “барыма!” диэн эйигин сэрэтэр, тохтото сатыыр, туохтан эрэ харыстыыр бэлиэ буолар. Эйиэнэ буолбатах, эйиэхэ анамматах диэн.

Эбэтэр төттөрүтүн, этэргэ дылы, тиийиэхтээх сиргэр мэлдьи “күөх уот” арыаллаан, суолуҥ хайдах эрэ аһыллан биэрэн иһэр буоллаҕына, ол аата барыта санаа хоту табыллыахтаах, барыта сөпкө баран иһэр.

Бэлиэлэри хайдах билиэххэ? 

Күннээҕи олоххо итинник бэлиэлэри өйдөөн көрөн, таба сыаналаан, түмүк оҥосто сырыттахха – олорорго да сүрдээх интэриэһинэй, туһалыыр даҕаны. Итинник бэлиэлэр тулаҕар куруук бааллар, ону бүтэн биэрбэт түбүктэргэр, сүпсүлгэҥҥэ, араас санааларга баттатан, бэйэҥ өйдөөн көрбөккүн. Санааҥ көр – эн быһаарыллан биэрбэт кыһалҕаҕын тобулар суол, ыйытыыгар хоруй тулаҕар сылдьар. Эмискэ истибит, өйгөр хатанан хаалбыт тылларга, этиилэргэ, бэл диэтэр, күн аайы көрө үөрэммит, ол эрэн, соһуччу өйдөөн көрбүт хартыыналаргар, айылҕа көстүүлэригэр уо.д.а. Болҕомтолоох эрэ буолуохха наада!

Өйдөөн көрбүккүнэн. Холобура, эйигин атын үлэҕэ ыҥыраллар, эн буоллар, саарыыгын, саарбахтыыгын, быһаарынан испэккин. Ол курдук мунаахсыйа сылдьан, хайа эрэ түбэһэ түспүт сурунаалы арыйа баттаабытыҥ — “Сделай это и ты не пожалеешь!” диэн этиигэ хараҕыҥ хатанар. Бу бэлиэ! Ситиниэхэ хабааннаах тыллары сурунаалга эрэ буолбакка, ханна баҕарар – маҕаһыыҥҥа, реклама баннерыгар, тэлэбиисэргэ уо.д.а – өйдөөн көрүөххүн сөп.

Эбэтэр айылҕа көстүүлэригэр тугу өйдөөн көрбүтүҥ эмиэ бэлиэ буолар. Биир дьахтар таптыыр киһитин көрсүбүтүгэр, билсэр кэмнэригэр, наар сүрэхтэр “арыаллыы”сылдьар буолбуттар – сүрэх быһыылаах былыттар, сэбирдэх, бэл диэтэр, асфальт суол хайдыбыт сирэ кытары. Бу киһи олоҕуҥ аргыһа буолбут.

Маныаха биири бэлиэтээн эттэххэ, итинник бэлиэлэри анаан-минээн көрдөө да көрдөө буолбаккын, эмискэ, соһуччу өйдөөн көрбүтүҥ, истибитиҥ – ол буолар, “үөһэттэн” бэлиэ. Ону бэйэҥ ис имҥинэн өтө таайаҕын (чуубустубуйдуугун).

Өйдөөн истибиккинэн. Сол курдук, ыктара сылдьар, быһаарыныы ылыныахтаах кэмҥэр боппуруоскар эппиэти эмискэ кимтэн эрэ, хантан эрэ истиэххин сөп: тэлэбиисэргин холбооккун, дьон кэпсэтиититтэн быстах иһиллэн ааспыт этиилэртэн, араадьыйаттан кутуллар ырыаттан…

Уобарастартан. Сахалар —  түүллээх омукпут. Түүлгэр көрбүтүҥ өйгөр-санааҕар бигэтик хатаммыт, умнуллубат уонна дууһаҕын долгуппут, уйуһуппут буоллаҕына, ол аата – “үөһэттэн” бэлиэ. Итиннэ иччилээх, инникини түстүүр түүллэри эмиэ киллэриэххэ сөбө буолуо.

Бэйэҕин истэргиттэн. Ол эбэтэр, олоххор туох буоларын хайдах ылынаргыттан. Өскөтүн тугу оҥороргун, туох буола турарын үөрэн, астынан-дуоһуйан, өрө көтөҕүллэн ылынар буоллаххына, бу – үчүгэй бит, үтүө бэлиэ. Ол аата олоҕуҥ сөптөөх суолунан салаллан иһэрин туоһута.

Оттон төттөрүтүн, санааҥ сыппатын, дууһаҥ баҕарбатын, бэйэҕин күһэйэн туран, эрэйдэнэ-эрэйдэнэ оҥороруҥ, дьарыктанарыҥ, ол аата – эйиэнэ буолбатах, сөбө суох суолу тутуспуккун диэн бэлиэ.

Бэлиэлэр өссө да элбэхтэр – санаабыт киһиҥ, ыарыы, сүппүт маллар – төһө баҕарар салгыы туруохха сөп. Хаһыат балаһатыгар ол барыта баппат. 

 Ис имҥинэн таайаҕын 

Бу ыстатыйаны суруйарбар, дьонтон итинник бэлиэлэри төһө өйдөөн көрөллөрүн-суоҕун ыйыталастым. Сорохтор “оннугу көрөр соло суох” диэн күлэллэр, сорохтор кэпсиирдээхтэр:

Анисья: “Мин үлэбиттэн “үөһэттэн” бэлиэ кэлэн уурайбытым. Үлэбэр улаханнык эчэйэн. Инники үстэ эчэйиини аахайбатаҕым, онуоха сахалыы эмчитим “уурай, “үөһэттэн” сэрэтэллэр эбит” диэн эппитин ылынан, үлэбиттэн барбытым”.

Афанасий: “Хас да сыллааҕыта билэр дьонум бары “дьокутаакка тур, анньыс” диэн хаайбыттарын, аккаастана сылдьыбытым. Онтон арай биирдэ тэлэбиисэри холбооппун: “И вот 8 сентября выборы” диэн этиини и һиттим. Балаҕан ыйын 8 күнэ – төрөөбүт күнүм. Чэ, ол аата дьокутаат буолар эбиппин» диэн тута быһаарыммытым. Буолбутум.

Эбэтэр дьиэбиттэн тахсаары туран, ханнык эмит малы өйдөөн көрөр этим, ол эрээри,  ылбакка барарым. Онтум ол күн хайаан да наада буолааччы. Онтон ылата тахсаары туран көрбүт малбын илдьэ барар буолбутум.

Сэмэн: “Бу сааскыттан “666” диэн сыыппара “буулуу” сылдьыбыта. Бэл диэтэр, чиэккэ кытары тахсан кэлэрэ. Абааһы сыыппарата диэн ытырыктата санаабытым. Онтум сотору буолан баран, оруобуна мин курдук ааттаах сиэн быраатым быстахха былдьанан өлбүтэ. Ону сэрэтэн, биттэнэн, көрдөрө сатаабыт буоллаҕа дуу дии саныыбын билигин”.

Оттон мин бэйэм биэс-алта сыллааҕыта ийэм улаханнык ыалдьан, балыыһаҕа киирбитигэр, итинник бэлиэлэри эмискэ өйдөөн көрөн, соһуйбутум даҕаны, бэйэбэр арыйыы да оҥорбутум диэххэ сөп. Ийэм эрэйдээх аны өрүттүбэт ыарыытыгар оҕуннаҕа диэн санаа бөҕөтүгэр баттатан, ытыы сылдьар буолбут кэммэр, аҕыйах күннэр быысаһан, маннык бэлиэлэр кэллилэр: арай оптуобуска киирбитим, оччолорго бэрт популярнай “Всё будет хорошо, всё будет хорошо!” диэн Серега диэн ырыаһыт “Миллион долларов США” диэн ырыата хайдах эрэ улаханнык уонна чуолкай баҕайытык тыаһыы турара. Ол ырыаттан ала-чуо “всё будет хорошо” эрэ диэни өйдөөн истэбин. Чэ, онно соччо аахайбатым.

Онтон аны уулуссанан хааман иһэн, туохха да аралдьыйбакка, эмискэ төбөбүн өрө көтөҕөн көрбүтүм – утары 9 этээстээх таас дьиэ ойоҕоһугар “Всё будет хорошо! Мебельный салон “Виктория” диэн рекламнай улахан баннер ыйанан турар эбит. Дьэ, онно хайдах эрэ “дьик” гынан, “уһугуннум”, сүрэҕим тугу эрэ таайда.

Аны ийэбэр балыыһаҕа оптуобуһунан айаннаан иһэн, түннүгүнэн көрбүтүм – эмиэ 5 этээстээх дьиэ истиэнэтигэр “Всё будет хорошо!” диэн ханнык эрэ страховой фирма баннера турара. Дьэ, ити этии үһүстээн төхтөрүйэн хатыланан, миэхэ көстүбүтүгэр, “ийэм үтүөрүүһүк, үчүгэй буолсук!” диэн хантан эрэ күүстээх эрэл санаа кутуллан киирбитэ! Ийэм чахчы үтүөрэн тахсыбыта!

Ити түгэнтэн ыла дьылҕа ыытар бэлиэлэрин күннэтэ билэ-көрө, ааҕа-ырыта, үөрэтэ сылдьар буолбутум. Онтум олохпор сүрдээҕин туһалыыр, ыйан-кэрдэн биэрэр, көмөлөһөр.

Вера МАКАРОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0