Үс-түөрт сыллааҕыта таксинан Бүлүүлээн истэхпинэ, аргыс дьахтарым бу дьикти түбэлтэни кэпсээн турардаах.
Хомойуох иһин, түбэлтэ ханнык улууска буолбутун өйбөр хатаабатахпын, умнан кэбиспиппин. Аргыс дьахтар аатыттан кэпсиэм.
Мин университеты саҥа бүтэрбит эдэркээн кыыс биир кыра нэһилиэккэ учууталынан ананан тиийбитим. Нэһилиэк салалтата учууталлар уопсайдара баар, усулуобуйаны барытын тэрийэбит диэбитэ. Оттон айаннаан тиийбитим – туох да суох. Эргэ кулуупка остуорас хоһо дуу, хайа сах, хараҥа, кирдээх хоско дьиэлээтилэр.
Билбэт дойдубар ханна, кимнээххэ барыахпыный, онно хонорго күһэлинним. Бастакы түүммэр айантан да сылайбытым быһыылаах, уһуктан көрбөккө утуйбуппун, оннооҕор оскуолаҕа уруокпар хойуутуу сыстым. Дириэктэр, баҕар, атын дьиэ биэрээрэй диэммин ыйытан көрдүм да, аккаастаатылар. Хайыахпыный, үлэ күнүн кэнниттэн маҕаһыыҥҥа сылдьан бородуукталаан бараммын, хараҥа хоспор кэллим.
Дьиэбэр чугаһаабытым, арай, түннүкпэр уот сандаарар. Оҕолор дьээбэлииллэр дуу, баһылык кэлбитэ буолуо дуу диэн саныы-саныы хоспор киирдим. Эмиэ мин саҕа саастаах кыыс эргэ сиэркилэм иннигэр баттаҕын тараана олорор. Миигин көрөн улаханнык соһуйбата: “Дорообо, киир, аас”, — диэтэ. Мин хоспор киирэн олорон, киирэрбин көҥүллүүр дуу диэн санаан ыллым, ол да буоллар сөбүлээбэтэхпин биллэрбэтим. Кэпсэтэн билсибитим, эмиэ саҥа учуутал эбит, баһылык миигин кытта олорорго сорудахтаабыт. Ону-маны буолары-буолбаты кэпсэтэн бараммыт, ороммутун оҥостон сыттыбыт.
Түүн үөһэ кыыһым ытаан сыҥсыйарыттан уһуктан кэллим: “Хайа, туох буоллун?” – диэппин кытта дьукааҕым таһырдьа ыстанна. Күүтэ сатаан бараммын, таһырдьа таҕыстым. Ханан да киһи баар буолуох айылаах сибикитэ көстүбэт. Куттанным. “Нарыйаа!” – диэн хаста да хаһыытаатым, кыыһым эппиэттээбэтэ. Чаас курдук булумахтанан бараммын, аны алдьархайга түбэстэҕэй диэммин, баһылык дьиэтигэр тыллыы сүүрдүм.
Түүн ыалы тоҥсуйан уһугуннаран, туох буолбутун кэпсээтим. Онуоха Иван Иванович: “Тохтоо эрэ, ити эн ким туһунан кэпсиигиний? Эйиэхэ кими да дьукаах олордубатахпыт ээ”, — диэтэ. Үлэбиттэн кэлбитим, кыыс баттаҕын тараана олорорун, Нарыйа диэн ааттааҕын кэпсээтим. Баһылык соһуйда уонна куттанна: “Бүгүн биһиэхэ хон”, — диэн дьиэбэр ыыппата.
Кэлин сураһан истибитим, биэс сыл мин иннибинэ учууталлыы кэлбит кыыһы эргэ кулууп хоһугар олордубуттар. Кыыс үчүгэй баҕайытык үлэлээн иһэн, Саҥа дьыл саҕана бэйэтигэр тиийиммитин хоһуттан булбуттар. Сылгыһыт уоллуун доҕордоспут эбит, уола атын кыыска барбытыттан абатыйан, маннык буолбут диэн быһаарбыттар.
Ааныс, edersaas.ru