Хайа баҕарар омук национальнай култууратын уратытынан кини тыла-өһө, ырыата-тойуга, ойуута-бичигэ буоларын таһынан, иитиллэн кэлбит төрүт сүөһүтэ буолар.
2019 сыл ахсынньы 3 күнүгэр, “Саха сүөһүтэ” хааһынаттан үбүлэнэр генофонднай тэрилтэни тэрийэр туһунан” диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 1569 №-дээх дьаһала тахсыбыта. Дьэ бу олус улахан суолталаах дьаһал тыа сирин дьонун-сэргэтин киэҥ сэҥээриитин уонна истиҥ биһирэбилин ылла. Маннык дьоһун суолталаах уурааҕы урукку өттүгэр Егор Борисов Ил Дархан буолан олорон таһаарбыта бэркэ үлэлиир-хамсыыр, ол курдук, Дьөһөгөй оҕотугар болҕомто уон оччонон улаатта, бааза бөҕөтө тутуллар. Оттон бу дьаһалынан элбэх эрэйи көрсүбүт төрүт сүөһүбүт барахсан көмүскэллээх буолла. Маныаха ордук Василий Лукин салайааччылаах “Сахаагроплем” судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин үлэһиттэрэ улахан өҥөлөөхтөр. Кинилэр сүүрэн-көтөн, элбэх дакаастыыр докумуоннары оҥороннор, саха сүөһүтүгэр туспа тэрилтэ хайаан да наадатын үрдүкү салалтаҕа итэҕэтэннэр, маннык дьаһал тахсарын ситистилэр.
Билиҥҥи үп-харчы кырыымчык кэмигэр “Саха сүөһүтэ” хааһына тэрилтэтин тэрийиигэ өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна Ил Дархан Айсен Николаев саамай сөптөөх быһаарыыны ылыммыттара тыа дьонун барыбытын үөрдэр. Төрүт сүөһүбүт барахсан ахсаана аны мантан ыла аччыа суоҕа, хата, сыллата элбии туруоҕа диэн киэн туттунуулаах санааны үөскэтэр.
Саха саха буолуоҕуттан, хас эмит сүүһүнэн сыллар тухары бу уһун, бытарҕан тымныылаах, кылгас сайыннаах дойдуну иччилээн, айылҕа араас ыарахаттарын барытын туораан, баччааҥҥа диэри тиийэн кэлбиппитигэр чуолаан төрүт сүөһүбүт барахсан улахан күүс-көмө уонна тирэх буоллаҕа.
Бу — биһиги бастакы духуобунай баайбыт. Ол эбэтэр тот киһи үлэлиир-хамсыыр, тот киһи ыллыыр-туойар, үҥкүүлүүр. Урут, бары алаастарынан тарҕанан олорор эрдэхпитинэ, ынах сүөһүбүт ахсаана 500 тыһыынчаҕа тиийэ сылдьыбыта. Ону архыып докумуоннара кэрэһилииллэр.
Ураты дьоҕурдара
Ааспыт үйэҕэ саха сүөһүтүн учуонайдар Г.П.Коротов, П.А.Романов, кэлин Н.И.Горохов, Д.В.Чемчоева үөрэппиттэрэ. Итиэннэ саха ынаҕын үүтэ уонна этэ олус үрдүк хаачыстыбалааҕын, иҥэмтиэлээх эттиктэринэн баайын дакаастаабыттара.
Бастатан туран, төрүт олохтоох сүөһүбүт бородууксуйата бэйэҕэ турар сыаната чэпчэкитин быһаарбыттара. Иккиһинэн, бытарҕан тымныыны тулуйар дьоҕура үрдүгүн, 10-12 кыраадыс да тымныыга бородууксуйаны биэрэ турарын уонна мэччийэн аһыырын, сыатын төрүт сүтэрбэтин уо.д.а. хаачыстыбаларын аан дойду үрдүнэн аатырдыбыттара. Бэл, Памир хайаларыгар иитиллэр як оҕус ортотунан 5,4 кыраадыс тымныыны эрэ тулуйара, тымныы 30 кыраадыска тиийдэҕинэ букатын да буорайара, сыата баранара биллэр. Ону быдан баһыйар дьикти уратылардаах буолан, саха сүөһүтэ саас эрдэттэн, ол эбэтэр ыам ыйыттан саҕалаан кыс хаар түһүөр, ол эбэтэр, алтынньыга диэри, таһырдьа сылдьар, аһылыгын хааччынар, өссө уһун, тымныы кыһыҥҥа бэлэмнэнэн, күүскэ уойар-тотор ураты кыахтаах!
Тириитэ халыҥ, кыһын 4,2 мм, сайын 3,1 мм буолар, түүтэ хойуу уонна уһун. Ол курдук, тириитин биир кыбадараатынай сантиметрыгар 1 213 түү баара, олор усталара 5,8 сантиметрга тиийэрэ, аны ньуолах түүтэ 43,3 %-ҥа тиийэ үүнэрэ науканан дакаастанан турар. Түүтэ тура сылдьар буолан, этиттэн итиини таһаарбат, тастан тымныыны киллэрбэт дьиктилээх.
Сайыҥҥы куйааска элбэхтик, кыһыҥҥы тымныыга аҕыйахтык тыынар буолан, орто сылааһын тута сылдьар, онно улахан көмөлөһөр уорганынан мунна буолар. Тымныы сиргэ үөскээбитин быһыытынан, сыаны хаһаанар кыаҕа үрдүк, ол иһин үүтүн сыата сайын 5,08%-ҥа, кыһынын 10,8%-ҥа тиийэр. Саха ынаҕын 8,5 киилэ үүтүттэн биир киилэ хойуу сүөгэй ылыллар, оттон сиэнчэр ынахтарбыт 20 киилэ үүттэриттэн итиччэ сүөгэй кэлэр.
Уҥуоҕунан төһө да кыра буоллар, үчүгэй аһылыкка туран, сыл устата 1793 киилэ 5,16% сыалаах үүтү ыатар кыахтаах. Ону учуонайдар “Элгээйи” сопхуоска иитиллэр саха ынахтарын холобурдарыгар дакаастаан тураллар.
Саха сүөһүтүн биир сүрүн уратытынан кини тымныыга үөрэммит буолан, ыарыыга бэринимтиэтэ суоҕа буолар. Холобур, сымнаһыар килиимэттээх дойду сүөһүлэрин тириилэрин биир кыбадыраатынай сантиметрыгар 50-100 мөлүйүөҥҥэ тиийэр бактыарыйа баара биллэр буоллаҕына, биһиги сүөһүбүтүгэр ити көрдөрүү икки төгүл аҕыйах эбит. Ол иһин, саха сүөһүтүн бородууксуйата үчүгэйдик харайыллар, сытыйымтыата суох, күһүҥҥү эти үчүгэйдик сойуттахха, ханна баҕарар ыраах тиэрдиэххэ сөп. Куруук кэмчи уонна тымныы аһылыкка үөрэммит буолан, ас буһарар уоргана эмиэ уратылаах. Очоҕоһун уһуна 5-7 миэтэрэҕэ тиийэр буолан, куртаҕа аһылыгы үчүгэйдик илдьиритэн буһарар, инньэ гынан, аһылык туох баар туһалаах, иҥэмтиэлээх эттиктэрин үчүгэйдик иҥэринэр. Ол иһин сааҕа сылгы киэнин курдук, хойуу. Үчүгэй аһылыкка турар саха сүөһүтэ 18 ыйыгар 140-170 киилэ сыа быыстаах (мраморнай!) эти биэрэр кыахтаах. Дьэ итини билэр буоланнар, былыргы баайдар сүөһүнү түөрт-биэс сааһыгар диэри уотан баран идэһэлэнэллэрэ. Оннук куруламмыт сүөһү биир буута 70 киилэ буолар эбит!
Түмүк оннугар
Саха сүөһүтүн бары бастыҥ хаачыстыбаларын этэн тураммын, туспа хааһына тэрилтэтэ тэриллибитин ис сүрэхпиттэн биһириирбин биллэрэбин. Билигин тэрээһин боппуруостары уһаппакка-кэҥэппэккэ быһааран, Эбээн Бытантай улууһугар уонна киин улуустарга баар, саха сүөһүтүгэр идэтийэр генофонднай итиэннэ тирэх хаһаайыстыбалары бөҕөргөтөн, сүөһүлэрин ахсаанын элбэтэн баран, кытыы нэһилиэктэргэ уонна хотугу улуустарга тарҕатыыга күүскэ үлэлиэххэ наада. Бу үлэни тустаах хааһына тэрилтэтигэр эрэ найылаабакка, икки улахан биэдэмистибэ (Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ итиэннэ Арктиканы сайыннарыыга уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэ) үбүн-харчытын хааччыйан тураннар, улахан көмөнү оҥоруохтара диэн эрэнэбит.
Иван Колесов, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru