Мин бүгүн Дьокуускайга үгүс рестораннары, кафелары, кыбартыыралары, чааһынай дьиэлэри өрөмүөннээбит идэтийбит дизайнеры кытта билиһиннэриэхпин баҕарабын. Иван Ветошкин Москватааҕы аныгы искусство институтун Дьокуускайдааҕы салаатын бүтэриэҕиттэн дизайнерскай өрөмүөнүнэн дьарыктанар.
2015 сылтан тэрилтэ тэринэн, биир идэлээхтэрин түмэн үлэлиир. Кинилэр бастаан араас истиилгэ ылсан көрөн баран, билигин үксүн модерн уонна скандинавскай хайысханы тутуһаллар. Дьиэ иһигэр оһуортан-мандартан, былыргы баайдар курдук сиэдэрэй киэргэтииттэн, люс- траттан, элбэх малтан тэйэн, судургутутан, хай-тек өттүгэр охтон, көрдөххө боростуой эрээри, аныгы истиили киллэрэллэр.
– Аан дойду үрдүнэн дьон билигин аҕыйах, саамай наадалаах эрэ тэриллээх, үрүҥ, сиэрэй, ол быыһыгар эркиҥҥэ биир-икки хараҥа өҥнөөх дьиэҕэ тардыһар буолла. «Tikkurila”, «Euro Power» курдук хаачыстыбалаах кыраасканан истиэнэни соттоххо, кэлин сыа-арыы да тоҕуннаҕына, чэпчэкитик сууйуллар, күн көрдөҕүнэ кубарыйбат, өҥө өлбөөдүйбэт. Оннук 9 лиитэрэлээх кырааска ортотунан 6000-9000 солкуобай, обуойдааҕар чэпчэки. Люстра ааспыт үйэҕэ хаалла, ол оннугар куукуна ыскаабын, остуол үрдүн, эбэтэр биир эркини сырдаталлар. Хос иһигэр киирдэххинэ, истиэнэ дии санаабытыҥ – миэбэл буолан хаалар, ыскааптар тутаахтара суох, ааннара былыргылыы купе курдук буолбатах, кыратык баттаатах- хына, бэйэтэ аһыллар. Суунар хоско кыра үктэлгэ уу сүүрэр сирин арыый иҥнэччи оҥороллор уонна өстүөкүлэ аан туруоран кэбиһэллэр. Бүттэ. Душевой кабинка наадата суох. Киэҥ хоско туспа ванна баар буолуон сөп. Таҥас сууйар массыынаны ыскаап иһигэр «кистииллэр». Эркин биир өттө ис-иһиттэн сырдыырын курдук, иһигэр светодиоднай лиэнтэни уган, суунар хос силигин ситэрэн биэрэллэр.
Сынньанар, аһыыр хоско истиэнэни кырааскалыыллар уонна кэрчиктэринэн шпонированнай маһы уураллар. Уопсайынан, кэнники кэмҥэ дьон доруобуйаҕа буортута суох
экологичнай матырыйаалы талар буолла. Холобур, ПВХ пленкаттан таҥыллар дьиэ үрдэ формальдегид курдук буортулаах канцероген таһаарар. Онтон сылтаан дьон төбөтө ыалдьыан, сэниэтэ суох буолуон сөп. Ол иһин биһиги гипсокартон туттабыт. Үгүс дьон саҥа дьиэҕэ киирэн баран, тута өрөмүөн оҥоттороллор уонна эһиилигэр истиэнэ, дьиэ үрдэ хайа барбыт курдук сиигэ көстөр диэн этэллэр. Дьиҥэр, истиэнэ кырааскалыах уонна гипсокартон ууруох иннинэ “стеклохолст” диэн анал матырыйаалы уктахха, биир да сиик көстүбэт буолар, – диэн сүбэлиир идэтийбит дизайнер.
ХАРЧЫГЫТЫН ТҮГЭҔЭ СУОХ ИҺИККЭ КУТУМАҤ
Ол эрээри киһи барыта хартыынаттан түспүт курдук килэрийбит-халарыйбыт аныгы өрөмүөннээх дьиэ- ҕэ олорбот. Хрущевка курдук эргэ дьиэлэри муостатын, истиэнэтин көтүрэн, улаханнык өрөмүөннээн туһа суох, син биир былыргы «Запорожец», «Москвич» массыынаны оҥосто сатаабыт курдук харчыгын түгэҕэ суох иһиккэ кута туруоҥ. Аҥаардас муостатын тэҥнииргэ хас да сүүс тыһыынча барыан сөп. Маннык дьиэлэргэ боростуой өрөмүөн барсар, истиэнэҕэ таҥыллар миэбэли туруордахха, биир аана сатаан сабыллыбат, ханньары буолуон син.
“ИНСТАГРАМ» НӨҤҮӨ ТАЛЫМАҤ
“Өрөмүөн оҥорторуоххут иннинэ бу биригээдэ урут оҥорбут үлэлэрин «Интаграм» курдук социальнай ситим нөҥүө буолбакка, миэстэтигэр тиийэн көрүҥ, дьону кытта кэпсэтиҥ. Сакаас ылыан баҕарар үтүө суобастаах киһи ону көрдөрөртөн аккаастаныа суоҕа. Ону таһынан, биригэдьиирдэрэ күн ахсын бэйэтэ кэлэн үлэлиирин, өрөмүөн хайдах баран иһэригэр эппиэттиирин туруорсуҥ. Үлэһиттэрин уларыта сылдьар биригээдэттэн тугу баҕарар күүтүөххэ сөп. Куукунаны, суунар хоһу тус-туһунан дьоҥҥо оҥортордоххо, сыаната ордук ыарахан”, – диэн этэллэр идэлээх дьон.
ТҮМҮК
Киһи таҥаһын санаатаҕын аайы уларыттар, оттон дьиэтин өрөмүөнүн 5-10 сылга биирдэ оҥостор. Ол иһин муоданы эккирэппэккэ, киһи бэйэтэ сөбүлүүрүн талыан наада. Матырыйаал атыылаһарга бырааһынньык диэки үгүс маҕаһыыннар чэпчэтии оҥороллор. Күнэ суох хоту диэки хайыһар хоско «сылаас» (саһархайдыҥы) өҥү, оттон соҕуруу тахсар хоско «тымныы» (күөх) дьүһүнү туттарга сүбэлииллэр. Өрөмүөн үлэтин суунар, аһыыр хостон саҕалыыр ордук. Дьиэҕит силигэ сиппитин кэннэ, бөҕү таһырдьа таһааран кыстаан кэбистэххитинэ, ыстарааптаныаххытын сөп. Ол иһин эрдэттэн тиэхиньикэлээх дьону кытта кэпсэтэн, тиэргэнтэн улахан бөҕү хомуйар табыгастаах.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru