ӨРӨМҮӨҤҤЭ СҮБЭ: Дизайнерскай истиил сэттэ көрүҥэ

13.09.2019
Бөлөххө киир:

ДИЗАЙН-БЫРАЙЫАК

Өрөмүөммүт кэнсиэпсийэтин оҥорорго сөбүлүүр истиилбитин талан, дизайн-бырайыак оҥоруохпутун наада. 2019 сылга тренд быһыытынан, туох саҥа сүүрээн муодаҕа киирдэ? Дизайнердар икки-үс истиили холбоон, дьиэни ураты тыынныахха сөп дииллэр.

КЛАССИКА

Холобур, классика хаһан да муодаттан тахсыбат. Бу истиил былыр- гы императорскай дыбарыастары санатар сиэдэрэй декордаах, элбэх оһуордаах, улахан эбиэттиир остуоллаах, каминнаах, дьиҥнээх мастан оҥоһуллубут сыаналаах миэбэллээх, штора ламбрекеннаах.

ПРОВАНС

Французскай прованс муодаттан эмиэ тахса илик. Бу истиил декоративнай штукатуркалаах, дьиэ үрдүгэр өһүөлээх, истиэнэ сып-сырдык өҥнөөх, обуой кыра бытархай ойуулаах буолар. Дьиэ ис барааныгар сибэккилээх ойууну хамаҕатык тутталлар. Дэриэбинэ романтикатын санатар прованс миэбэлэ былыргы уонна боростуой көстүүлээх.

БАРОККО УОННА АРТ-ДЕКО

2019 сылга дизайнердар ортолоругар былыргы баай-талым барокко уонна гламурнай арт-деко истиил сөргүтүлүннэ. Дьиэ иһэ искусство уораҕайын санатар, көмүс курдук оһуордаах, сиэдэрэй хаймыылаах, аанньаллар көтө сылдьар скульп- туралаах, түннүк драпировкалаах халыҥ портьералаах, сүүһүнэн чүмэчи уотун санатар улахан люстралаах. Маннык истиил кыараҕас кыбартыыраҕа сөп түбэспэт, киэҥ дьиэҕэ үчүгэйдик көстөр. Итинник театральнай дизайн айар куттаах дьоҥҥо барсар.

СКАНДИНАВСКАЙ ИСТИИЛ

Аныгы минимализмы уонна скандинавскай истиили эдэр дьон ордороллор. Биир хостоох устуудьу- йа-кыбартыыраларга бу истиил ордук дьүөрэлэһэр. Сүрүн уратыта диэн, өрөмүөн боростуой, миэбэл, мал-сал бэрт аҕыйах, ыскаап тутаа- ҕа суох эрээри, иһин арыйдахха, олоҕу чэпчэтэр аныгы тиэхиньикэ бүтэһик таһаарыыта барыта баар. Скандинавскай истиил дьиэ иһигэр маҥан, сырдык сиэрэй, күөхтүҥү өҥү тутуһар, өрөмүөн оҥорорго экологичнай, доруобуйаҕа буортута суох матырыйааллары талаллар.

ЛОФТ УОННА ХАЙ-ТЕК

Лофт уонна хай-тек истиилгэ хоһу быыстаабаттар, биир улахан хос тус-туһунан аһыыр, сынньанар, утуйар сиргэ арахсыан сөп. Хайтек көрүҥҥэ өстүөкүлэ уонна пластик, үрүҥ эбэтэр хара дьүһүн, мини- мализм, смартфонтан салайыллар «өйдөөх дьиэ» элэмиэннэрэ туттуллар.

ХАННЫК ӨҤҮ ТАЛАБЫТ?

Оттон муостаҕа тэлгииргэ ханнык матырыйаалы туттуохха сөбүй? «Паркет, кермогранит, билиитэ, ламинат муодаттан тахсыбат, дьүһүнэ сырдык өҥнөөх мас араас эгэлгэтэ, үрүҥ буолун сөп. Истиэнэни обуойдууллар эбэтэр керамиканан, өстүөкүлэни, тааһы үлтүрүтэн баран, биир өттүн онон киэргэтэллэр. Дьиэ ис ба- рааныгар кэлиҥҥи кэмҥэ сиэрэй, сырдык дьүһүннэри, кыһыл, хара, маҥан, оранжевай, хараҥа от күөх өҥнөрү үгүстүк талаллар», – дииллэр дизайнердар. Олус түбүгүрбэт, наадалаах матырыйаалгын көрдөөн төттөрү-таары сүүрбэт уонна дьиэ ис бараана барыта биир истиилгэ сөп түбэһэрин туһуттан, дьон дизайнер өҥөтүнэн туһаналлар. Кинилэргэ, куруук атыылаһар килийиэннэригэр, үгүс маҕаһыыннар улахан чэпчэтиини оҥороллор, табаар үчүгэйин, үрдүк хаачыстыбалааҕын талан биэрэллэр.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0