Диспансеризация кэмигэр үлэттэн босхолонуохха сөп

Бөлөххө киир:

Хас биирдии киһи доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлэтэрэ уонна ковидынан ыалдьыбытын кэнниттэн диспансеризацияны барара туһалааҕын туһунан билэр.

Онтон диспансеризацияны барарга быһаарыммыт үлэлиир киһи туох бырааптааҕын төһө билэрий?
СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева быһаарбытынан, РФ сокуонунан, үлэлиир киһи диспансеризацияны барарыгар биир күнү көҥүллэтэр бырааптаах, онуоха хамнаһа төлөнөр. Онтон биэнсийэҕэ барыа 5 сыла хаалбыт уонна биэнсийэлээх үлэһит эмиэ күннээҕи хамнаһын оннунан хаалларан туран, үлэттэн икки күн босхолонор бырааптаах.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0