Биллэрин курдук, диспансеризация уонна ыарыыны сэрэтэр медицинскэй бэрэбиэркэ элбэх туһаны аҕалаллар.
edersaas.ru
Сорох дьон үлэҕэ үтүрүйтэрэн, соло булбакка, доруобуйаҕа болҕомтону уурары наадалааҕынан аахпакка уо.д.а. төрүөттэринэн диспансеризацияны аахайбакка хаалаллар. Ол гынан баран, диспансеризация тэрээһиннээхтик уонна сорох тэрилтэлэргэ, булгуччулаах ирдэбил да быһыытынан ыытыллара үчүгэйтэн атыны аҕалбат.
Оттон диспансеризация иккис түһүмэҕэ тоҕо ыытылларый?
Нэһилиэнньэ диспансеризацияны ханна бырапыыскалааҕыттан тутулуга суох барар кыахтаах.
Бастатан туран, бастакы диспансеризация кэмигэр доруобуйа туругар туох эмэ уларыйыыны булбут буоллахтарына, быраастар диспансеризация иккис түһүмэҕэр – атын быраастар (“узкай” исписэлиистэр) сиһилии көрөллөрүгэр ыыталлар.
Иккиһинэн, иккис түһүмэх доруобуйаны эбии чинчийэр уонна ыарыыны чопчу быһаарар туһугар тэриллэр.
Ол түмүгэр хас биирдии киһи быраас сүбэлэрэ, эмп анааһына, анаалыстар түмүктэрэ, ханнык чинчийиилэри ааспыта суруллубут доруобуйа пааспарын ылар бырааптаах.
Онон, диспансеризация сүрүн соругунан Арассыыйаҕа нэһилиэнньэ эрдэ өлүүтүн уонна инбэлииккэ тахсыытын сүрүн төрүөтүнэн буолар сыстыгана суох ыарыылары эрдэттэн быһаарыы буолар.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru