Диспансеризацияҕа хамнаскын сүтэрбэккэ эрэ сылдьыаҥ

Бөлөххө киир:

Биэнсийэҕэ уларыйыылар күүтүллэллэринэн, киһи олоҕун уһатыыга, кини чөл туруктаах сылдьарыгар болҕомто эмиэ ууруллар. Ол эбэтэр, биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатыынан сибээстээн, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр саҥа соруктар турдулар. Ол иһигэр, 2025 с. олох уһунун 76 сааска диэри тириэрдии уонна үлэлиир нэһилиэнньэ өлүүтүн аҕыйатыы. 

edersaas.ru


Бу иннинэ Федерация сокуонун быһыытынан, биэнсийэҕэ тахсыан иннинээҕи саастаах дьоҥҥо уонна үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ диспансеризацияны баралларыгар сыл аайы икки күн бэриллэрин туһунан сокуону парламент алтынньы саҥатыгар ылыммыта. Онтон атын үлэһиттэргэ үс сылга биирдэ хамнаһын оннунан хаалларан туран, биир күн бэриллиэн сөп.
Ол курдук, РФ Федерациятын Сэбиэтин спикерэ Валентина Матвиенко Арассыыйа үлэлиир араҥата диспансеризацияны баралларыгар уоппуска төлөбүрдээх күнүн эбэргэ этии киллэрдэ. Оччотугар нэһилиэнньэ үс сылга биирдэ диспансеризацияны ааһар кэмигэр орто хамнаһын сүтэрбэккэ эрэ, биир күн үлэттэн босхолонуон сөп. Бу ким баҕарар бэйэтин бириэмэтиттэн көрөн, доруобуйатын көрдөрүнэригэр тоҕоостоох буолуоҕа. Ону сэргэ, кэккэ ыарыылар саҥа саҕаланан эрдэхтэринэ булуллуохтарын сөп диэн этэллэр.
Билигин нэһилиэнньэ диспансеризацияҕа үөрэ-көтө сылдьыбат. Тоҕо диэтэххэ, үлэһит анаан-минээн үлэтиттэн отгул ылан, эбиитин хамнаһын сүтэриэн баҕарбат.
Саҥа сокуон 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэҕэ киирдэҕинэ, үлэһит сайабылыанньа суруйуон уонна үлэттэн босхолонор күнүн үлэни биэрээччини кытары сүбэлэһиэн эрэ наада.

2019 сылга диспансеризацияҕа бу сылларга төрөөбүттэр сылдьар кыахтаахтар:
1920, 1923, 1926, 1929, 1932, 1935, 1938, 1941, 1944, 1947, 1950, 1953, 1956, 1959, 1962, 1965, 1968, 1971, 1974, 1977, 1980, 1983, 1986, 1989, 1992, 1995, 1998, 2001 сс.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0