Дирижаблы тутуу аныгы кэмҥэ тоҕо сайдыбатый?

Ааптар: 
20.11.2023
Бөлөххө киир:
ХААРТЫСКА ВИКИПЕДИЯ КӨҤҮЛ ТАРҔАНАР БИБИЛЭТИЭКЭТИТТЭН

Кэнники кэмҥэ дирижабль туһунан кэпсэтии сотору-сотору күөрэйэр. Бу бэйэтин кэмигэр сөмөлүөтү кытта халлаан сырыытын былдьаһа сылдьыбыт тырааныспар көрүҥэ аныгы үйэҕэ саҥа тыын ылыах курдук диэн суруйаллар. Саха сирэ курдук киэҥ, суол тутарга уустук сиргэ дирижабль элбэх өҥөлөөх буолуон сөп. Ол эрэн, бу тырааныспары сайыннарыы туспа уустуктары көрсөр. Олортон сорохторун бу ыстатыйаҕа ырытан көрүөҕүҥ.

Билиҥҥи тиэйии тэриллэрэ

Ыраах сиргэ таһаҕас тиэ­йиигэ саамай барыстаах тыраа­ныспар көрүҥэ ханныгый? Бу көрдөрүү бэриллэр усулуобу­йаттан элбэх тутулуктаах эрээри, ыйааһыны ыраах тиэйиигэ билигин даҕаны уу тырааныспара ордук барыстаах. Ол иһин Панама, Суэц ханааллара курдук сөҕүмэр үбү сиэбит бырайыактар тутуллубуттара, дойдулар муора кытылын былдьаһан сэриилэспиттэрэ. Ол эрэн, хараабыл табаары анал пуорка эрэ диэри тиэрдэр. Иккис миэстэҕэ тимир суол турар – рельсэ тиийбит сиригэр табаары тиэрдии лаппа чэп­чиир, тула сайдыы, тутуу барар. Түргэнник тиэрдии ирдэнэр буоллаҕына, бастыҥ тырааныспарынан сөмөлүөт буолар. Ол эрэн, тиэйии сыаната сиэрэ суох үрдүүр. Пуойастан түргэн, хараабыллааҕар табаары адьас чугас тиксэрэр тырааныспар – массыына. “Дальнобойщиктар” таһаҕаһы ханна баҕарар тиэрдиэхтэрин сөп… суол баар буол­лаҕына. Тимир суолу тардыахтааҕар суолу кутар чэпчэки, онон үгүс ыраахтан кэлэр табаар суолун тиһэх килэмиэтирдэрин “КамАЗ” бырысыабыгар атаарар. Арай туох да көлө тиийбэт сиригэр бөртөлүөт курдук “моҕус” тырааныспар табаары тиксэрэр.

Дирижабль ханна “кыбыллар”?

Хапытаал экэниэмикэтигэр тырааныспар сүрүн хаачыс­тыбата барыс булар. Холобур, сөмөлүөтүнэн ыксаллаах эбэтэр күндү сыаналаах табаар эрэ айанныыр кыахтаах. Уһун айаҥҥа буорту буолбат, улахан табаар дойдуттан дойдуга хараабылынан тиэйиллэр, дойду иһигэр пуойаһынан эбэтэр массыынанан тиксэриллэр. Аан дойду логистиката толору таҥыллан, олус сыаналаах инфраструктуранан хааччыллан турар.

Манна дирижабль хайдах кыбыллыан сөбүй? Бэрт элбэх хаачыстыбата саҥа кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр буолан, сорох тырааныспар көрүҥүн күүскэ үтүрүйүөн сөп диэн сабаҕа баар. Туох ордуктааҕын ааҕан көрүөҕүҥ.

Уматык барааһына.  Дирижабль дайар күүһүн чэпчэки гаас хааччыйар буолан, көтөн тахсарга, аллараа түһэргэ бэрт кыра уматыгы ирдиир, айаныгар даҕаны сөмөлүөккэ, бөртөлүөккэ тэҥнэммэт кыра уматыгы сиир.

Ыраах сиргэ тиэрдии. Дирижабль байҕал нөҥүө табаары таһар кыахтаах, суола суох сиргэ тиийиэн сөп. Бу көрдөрүүгэ тырааныспар бары көрүҥүттэн ордук буолуон сөп.

Тиэйэр таһаҕаһын ыйааһына. Бу тэҥнэбилгэ бөртөлүөтү да, сөмөлүөтү да ырааҕынан хаалларар. Пуойас, хараабыл бу көрдөрүүнэн дирижабль кыамтатын баһыйаллар эрээри, табаары ыкса тиэрдиигэ сүүйтэрэллэр.

Түһэр сирин тутуу. Манна бөртө­лүөтү кытта тэҥнэһэр – уустук усулуобуйалаах сиргэ чэпчэкитик олорор кыахтаах. Сөмөлүөт бу күрэххэ ырааҕынан хаалар.

Тыаһа-ууһа кыра. Аныгы гибриднэй мотуордаах дирижабль сөмөлүөттээҕэр, бөртөлүөттээҕэр тыаһа суох былыт курдук устар.

Экология өттүнэн ордуга. Аҕыйах уматыгы туһанар тырааныспар буоларын быһыытынан  көтөр тырааныспар экологияҕа сабыдыала саамай намыһах.   

Онон бэрт көдьүүстээх тырааныспар буолуон сөп. Оччоҕуна тоҕо үйэттэн ордук кэм дирижабль тутуута сайдыбакка турарый?

Быһаарыллыахтаах уустуктар

Дирижабль – сыаналаах тырааныспар. Өскөтүн саҥа технология куруутун ыарахан сыаналаах буоларын аахсыбакка, аҥаардас матырыйаал сыанатын аахтахха, дирижабль сөмөлүөттээҕэр быдан улахан тэрил, ону таһынан, элбэх чэпчэки ыйааһыннаах гаас хачайданыахтаах.

Ханнык гааһы туһаныы – туспа кыһалҕа. Өрө көтөҕөр күүһүнэн ордук барыстаах водород уонна гелий буолаллар. Водород сыаната гелийдээҕэр хас да төгүл чэпчэки, бу намтааһыҥҥа улахан көдьүүстээх буолуон сөп – сорох гааһын салгыҥҥа ыытан дирижабль аллараа түһэр. Оттон сыаналаах гелийи салгыҥҥа таах ыытар ночоот­тоох, уматыкка кэмчилээһин даҕаны быыһаабат ночоот үөскүүр. Ол эрэн, водород кутталлаах гаас – үйэ анараа өттүгэр водород дэлби тэбэн элбэх дирижабль сууллубута. Водород үгүс металл нөҥүө ааһар, ону кытта металлы буорту оҥорор. Онон туспа сплав ирдэнэр. Билигин бу кыһалҕаны туоратыыга үлэ бара турар эрээри, үгүс инженердэр водород диэки охтоллор – гелий сыаната кыайтарбат кыһалҕа буолуох курдук.

Өссө биир кыһалҕа – биир сиргэ дайыы уустуга. Таһаҕас тиэйэргэ дирижабль төһөнөн улахан да, оччонон барыһа геометрическай прогрессиянан үрдүүр. Ол эрэн, манна саҥа моһуок үөскүүр – гаас өрө анньар күүһүгэр олоҕурбут тырааныспар тыал охсуутугар олус бэринимтиэ. Көтөр кэмигэр бу улахан кыһалҕа буолбат. Оттон таһаҕаһын сүөкүүрүгэр биир сиргэ халбаҥнаабакка дайан турара дьэ уустук. Төһөнөн көтөр аал улахан да, оччонон тыал дьайыыта күүһүрэр. Аны таһаҕас сүөкэнэр кэмигэр чэпчээбит дирижабль өрө көтөрө күүһүрэн иһэр. Маны пропеллер күүһүнэн баттыахха сөп эрээри, оччоҕуна олус элбэх уматык баранар, эмиэ барыс кээмэйэ симэлийэр. Ити эмиэ гелийдээҕэр водород ордугун көрдөрөр (водороду кыра­лаан салгыҥҥа ыытан дирижабль дагдайар күүһүн намтатыахха сөп).

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1