ДИРИЖАБЛЬ УРУККУТА УОННА КЭСКИЛЭ

Ааптар: 
28.03.2022
Бөлөххө киир:

Этэҥҥэ буоллаҕына, сотору Саха сирин үрдүнэн дьикти көтөр аал – дирижабль устарын баҕар көрүөхпүт. Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко ыыппыт мунньаҕар дирижабль Арктика оройуоннарыгар бэйэтин хайдах көрдөрөрүн тургутар дьоҕус көрүҥэ хайдах, ханнык болдьоххо тутуллуохтааҕын быһаарсыбыттара. Кэскиллээх чинчийиилэр пуондаларын сакааһынан тутуллар 100-500 киилэ ыйааһыннаах таһаҕаһы тиэйэр кыахтаах дирижаблы тутуу туһунан түмсүү биир сүрүн кыттыылааҕа,  «Бэдфорд групп» экспедиторскай хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Владимир Ворошилов сиһилии кэпсээбитэ.  Дирижабль тутуутунан дьарыктанар  «Долгопрудненское Конструкторское Бюро Автоматики» акционернай хампаанньа салайааччыта Юрий Кузнецов 2022 сыл ыам ыйыгар түмүктүүр аван-бырайыагын дьүүлгэ таһаарыах буолбута.

Көрөн иһиэхпит.

 

“Граф Цеппелин” Саха сирин үрдүнэн

Атырдьах ыйын 18 күнүгэр, 1929 сыллаахха аатырбыт “Граф Цеппелин” «LZ 127 Zeppelin» дирижабль Дьокуускай куорат үрдүнэн сарсыарда 7 чааска көтөн ааспыта. Бу түгэни тыһыынчанан киһи кэтээн көрбүтэ. “Автономная Якутия” хаһыат атырдьах ыйын 16 күннээҕи нүөмэригэр Осоавиахим түмсүү бу сонун туһунан “”Көрсүҥ – дирижабль” диэн ааттаах кылгас  биллэрииитигэр  суруйбута. “Дирижабль түһэр түгэнигэр быа тутар 100-200 киһи наада буолуо, бэлэмнэниҥ” диэн сонун көтөр аалларынан үлүһүйэр дьону аймаабыт буолуохтаах. Хомойуох иһин, “Цеппелин” тохтообокко ааспыта…

Дирижабль тырааныспар быһыытынан бэрт тэтимнээхтик сайдан иһэн уостан, симэлийэн хаалбыта дьиктиргэтэр, элбэх ыйытыылары үөскэтэр. Үгүс дьон “дирижабль сөмөлүөттээҕэр мөдөөт, саахалланара элбэх буолан, күрэстэһиини тулуйбакка, сайдыыта тохтообута” диэн са­­нааны өйүүллэр. Ол эрэн, бу көтөр аал көрүҥүн туһунан арыый чугастык билэр дьон, устуоруйа арыый атыннык туоһулуурун би­­лэллэр.

Холобур, ити ахтыллыбыт “Граф Цеппелин” «LZ 127 Zeppelin» дирижабль холобурун көрүөҕүҥ.

Бастакытын көтүөҕүттэн ыла халлааҥҥа  17 200 чаас дайбыта. Тоҕус сыл устата 590 көтүү оҥоһуллубута, 1,7 мөлү­йүөн км усталаах сырыыга 13110 пассажиры, 70 туонна кэриҥэ ­­ыйааһыннаах таһаҕаһы тиэйбитэ. Атлантическай байҕалы 143 төгүл туораабыта. Дирижабль мөдөөт тэрил диир эмиэ сыыһа, бу көтөр аал муҥутуур түргэнэ 128 км/ч, ортотунан 115 км/ч айанныыр эбит. Ааспыт үйэ 30-с сылларыгар бу киһини сөхтөрөр түргэн!

Дирижабль бэйэтин кэмин рекордсмена

Оччоҕуна тоҕо дирижабль сөмөлүөтү кытта күрэскэ кэнники хаалбытый? Баҕар саахалланара  элбэҕэ эбитэ буолаарай? Эмиэ «LZ 127 Zeppelin» холобуругар төнүннэххэ, бу сүүнэ көтөр аал олоҕун улахан саахала суох моҥообута, 1940 сыллаахха саппаас чааска үрэллибитэ. Биири өйдүөх тустаахпыт – ХХ үйэ саҕаланыыта  халлааҥҥа көтүүнү тургутуу кэмэ этэ, сөмөлүөттэр даҕаны, дирижабль даҕаны саахалланыылара улахан сонун буолбат этэ.

Ону кытта дирижабль көмөтүнэн ол кэмнээҕи рекорд үксэ оҥоһуллубута. Ол курдук:

— Маҥнайгы трансконтинентальнай көтүү 1917 сыллаахха оҥоһуллубута. Болгарияттан Африкаҕа диэри 95 чаас устата сиргэ түһүүтэ суох 6575 км устубута.

— Муҥутуур уһун көтүүнү «Dixmude» диэн ааттаах дирижабль Францияттан көтөн тахсан 118 чаас 41 мүнүүтэ салгыҥҥа сылдьан оҥорбута.

1917 сыл алтынньытыгар сэрии кэмигэр өстөөх сөмөлүөттэриттэн куотан дирижабль 7300 миэтэрэ өрө тахсыбыта. Ити кэмҥэ ханнык даҕаны сөмөлүөт итиччэ үөһээ тахсар кыаҕа суоҕа.

Тоҕо сөмөлүөт кыайбытай?

Устуоруйаны аахтахха, барыта 160  кытаанах каркаастаах дирижабльтан 100 саахалланан олоҕун түмүктээбит. Манна чопчулуох тустаахпыт – итилэртэн 40 аал сэрии кэмигэр ытыа­лааһын түмүгэр суулларыллыбыттара. Уонна, биллэн турар, итиччэ аҕыйах ахсааннаах тырааныспары “экспериментальнай” диэнтэн атыннык ааттыахха сөбө суох.

Ол кэмнээҕи дирижабль сөмөлүөтү кытта тэҥнээтэххэ, итэҕэстэрэ бу курдук этилэр:

— Мөдөөт. Сир ньууругар 120-150 км/ч ситиһиллибэт түргэн эбит буоллаҕына, халлааҥҥа сөмөлүөттэр күнтэн күн түргэтээн, 30-с сылларга 300-400 км/ч түргэннээх сыыдам буолбуттара.

— Улахан. ХХ үйэ саҕаланыыта улахан сэриилэр кэмнэрэ. Бастаан дирижабль көмөтүнэн буомба быраҕыы улахан көдьүүстээҕин көрдөрөн, улахан биһирэбили ылбыта эрээри, түргэнник ытар сэрии сэбэ сайдан, халлаан ньуурунан устар улахан сыалы табар чэпчэки буолбута. Байыаннай өттүнэн мөлтөх тырааныспар аатыран, дирижабль аптарытыата улаханнык түспүтэ.

— Саахаллар. Дирижабль ити кэмҥэ үксэ дэлби тэбэр кутталлаах водород гааһынан толоруллар этэ. Дьиҥэр, ити кэмҥэ куттала суох чэпчэки гаас – гелий бырамыысыланнаска туттуллар буолбута эрээри, араас сабыдыаллартан водород өр кэмҥэ сүрүн өрө көтөҕөр гаас этэ. Этиллибитин курдук сөмөлүөттэр ити кэмҥэ эмиэ улахан эрэлэ суох көтөр ааллар этилэр эрээри, биир түгэн дирижабль дьылҕатын быһаарбыта. 1937 сыл ыам ыйыгар 97 пассажирдаах Германияттан Америкаҕа көтөн кэлбит “Гинденбург” дирижабль Лейкхерст авиабазаҕа сүөкэнэр кэмигэр эмискэ умайан, дэлби тэппитэ. Саахал түмүгэр 36 киһи өлбүтэ – 13 пассажир, 22 экипаж чилиэнэ, биир авиабаза үлэһитэ. Саахал буолбут сүрүн сабаҕалааһына – тимир торуос быстан замыкание оҥорон водороду уоттааһына.

Бу иннинэ маннааҕар элбэх сиэртибэлээхх салгын саахаллара буолбуттара эрээри, бу быһылаан элбэхтик хаартыскаҕа түһэриллэн, оннооҕор киинэҕэ уһуллан киэҥник тарҕаммыта.

Бүтэр уһугар, дирижабль аптарытыата түһүүтүгэр саахалланыы буолбакка, ордук “куһаҕан реклама” буруйдаах. Бу быһылаан кэнниттэн улахан аймалҕан тахсан, үгүс дойду дирижабль көмөтүнэн дьону таһыыны боппута. Сэрии тырааныспара быһыытынан эмиэ көдьүүһэ суох диэн аатырбыта. Ити курдук дирижабль үйэтэ түмүктэммитэ.

Дирижабль аныгы кэскилэ

Аныгы үйэҕэ саҥа тырааныспар көрүҥэ олоххо кии­риитэ уустук сорук. Бөртөлүөттэр, сөмөлүөттэр таһаҕас, пассажир тиэйиитин эйгэтин баһылаабыттара, бу үлэҕэ үйэттэн ордук кэмҥэ сайдыбыттара. Бу усу­луобуйаҕа дирижабль күрэстэһэр кыахтаах дуо?

Дьиҥэр, аахсан бардахха, туох баар усулуобуйалартан сүрүннэрэ биир эрэ – рентабельнай туһаныы. Үп өттүнэн ба­­рыстаах ­буоллаҕына, ханнык баҕарар тырааныспар көрүҥэ сайдар кэскиллээх. Саҥа кэм ирдэбиллэрин учуоттаан, дирижабль эмискэ олус кэрэхсэбиллээх буолан тахсар. Ааҕан көрүөҕүҥ, аныгы дирижабль баһыйар өрүттэрин.

— Уматык барааһына. Тэҥнээн көрдөххө, уустук сирдэргэ сүрүн айанныыр аалбыт Ми-8 бөртөлүөт чааска 650–800 кыраһыыны сиир. Дирижабль оччо ыйааһыны тиэйиигэ биэс төгүл аҕыйах уматыгы туттар.

— Таһаҕас тиэ­йиитэ. Бу тэҥнэбилгэ дирижабль бөртөлүөтү да, сөмөлүөтү да ­ырааҕынан хаалларар.

— Түһэр сирин тутуу чэпчэкитэ. Манна дирижабль бөртөлүөтү кытта тэҥнэһэр – уустук усу­луобуйалаах сиргэ чэпчэкитик олорор кыахтаах. Сөмөлүөт бу күрэххэ ырааҕынан хаалар.

— Тыаһа-ууһа кыра. Аныгы гибриднэй мотуордаах дирижабль сөмөлүөттээҕэр, бөртөлүөттээҕэр тыаһа суохтук устар.

— Экология өттүнэн оруола. Аҕыйах уматыгы туһанар ты­­рааныспар буоларын быһыытынан  экологияҕа сабыдыала саамай намыһах.

Түмүккэ

Аатырбыт дирижабль тутуутун улуу саҕалааччыларыттан биирдэстэрэ Умберто Нобиле этэн турар: “Аан дойдуга дирижабли сайыннарар, киэҥник туһанар кыахтаах биир дойду баар. Бу сүүнэ киэҥ иэннээх Сэбиэскэй Сойуус. Манна, ордук Сибиир хоту өттүгэр, бэйэ-бэйэлэриттэн ­ыраах-ыраах дьон олорор сирдэрэ сыталлар. Ити шоссейнай уонна тимир суоллары тутууну уустугурдар. Ол оннугар ме­­теорологическай усулуобуйалара дирижабль көтүүтүгэр олус табыгастаах”.

Билигин, Арктиканы баһы­йыы дойду биир сүрүн сыалларыгар киирбит кэмигэр, ди­­рижабль сайдыыта лаппа түргэтиирэ саарбаҕа суох. Саха сиригэр дирижабли туһаныы былаантан дьиҥнээх олоххо киирэрин сэмэйдик кэтэһэн көрүөххэ.

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат

Хаартыскалар Газета.ру, bbc.com сайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0