Дириэктэр Рафаиловна

31.01.2018
Бөлөххө киир:

ХИФУ «Сэргэлээх уоттара» КК  сылга 300-тэн тахса тэрээһин ыытыллар. Манна тэрийээччилэрдиин тэҥҥэ Светлана Рафаиловна Никифорова салайааччылаах кэлэктиип кыһамньытын ууран көмөлөһөр. Бүгүн биһиги устудьуоннар биһиктэрэ буолбут  “Сэргэлээх уоттара” КК далааһыннаах үлэтин-хамнаһын туһунан сэһэргэһэбит.

edersaas.ru


Үтүө дьоннуун алтыспыт дьоллоохпун

— Киһи хам-түм олоҕун, үлэтин ырытан, сыаналаан көрөр буолар эбит. Мин оннук көрдөхпүнэ, ийэм сүбэтэ, бэйэтинэн холобур буолбута олохпор улахан оруолу ылбыт. Итиэннэ үтүө дьоннуун алтыспыт дьоллоохпун.

Ийэм барахсан Анна Спиридоновна Симерова 50-тан тахса сыл ыанньыксыттаабыта. Өрүү бастыҥнарга сылдьара. Соҕотоҕун 7 оҕону иитэн, үөрэхтээн, үлэһит дьон оҥортообута. Убайбынаан Юрийдыын үөрэхпит быыһыгар дьааһылаҕа үлэлиирбит. Кини уот отторо, мин таҥас сууйарым. Убайым биһигини иитиһээри ахсыс кылааһынан тохтообута. Онтон ыла төрөөбүт дойдутугар, Хачыкаакка, 47 сыл устата сылгыһытынан үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар. Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна.

Аны туран, оскуола боруогун атыллыахпыттан, дьылҕам үчүгэйкээн доҕотторунан, мындыр сүбэһиттэринэн хатаҕалаабыт. Ол курдук, биһиги кылааспыт наһаа иллээх, тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттар этибит. Ыстаарысталаабытым, пионер дружинатыгар бэрэссэдээтэллээбитим. Пионер баһаатайым А.Н.Полуэктова үлэни тэрийэргэ, дьону кытта уопсай тылы буларга такайбыта үөрэххэ киирэрбэр, олохпор улаханнык көмөлөспүтэ.

Новосибирскайга үөрэнэ сылдьан ыал буолан, үөрэхпин СГУ салҕаабытым. Булгунньахтаахха, II-с Дьөппөҥҥө оскуола дириэктэрин солбуйааччынан үлэлиирбэр эмиэ наһаа үчүгэй учууталлары кытары үлэлээбитим. Төрөппүттэр, учууталлар эдэр киһиэхэ бары да наһаа истиҥник сыһыаннаһаллара. 1989 с. кэргэним Юрий Егорович Хабаровскайга иккис үөрэҕэр үөрэнэригэр, оҕолорбутун кыбыммытынан онно көспүппүт. Сап-сахалыы саҥара сылдьыбыт кыргыттарбын куорат биир улахан оскуолатыгар киллэртээбитим. Онтум оҕолорум сотору кэминэн үөрэхтэригэр барыларын ситэ баттаан, өссө бастыҥнар кэккэлэригэр киирэннэр, атыттарга холобур буоланнар, «Саха сирин оскуолалара үөрэнээччилэригэр наһаа да үчүгэй билиини биэрэр эбиттэр» диэн хайҕалга сылдьыбыппыт. Кыргыттарым үөрэнэр оскуолаларыгар миэстэ суох буолан, бэйэм атын оскуолаҕа миэстэ булан баһаатайдаабытым. Оннук кыһаллан-мүһэллэн буһа-хата сырыттахпына, дириэктэрим аҕыйах ый буолаат ыҥыран ылан: «Эн хайдах үлэлииргин көрө-истэ сылдьабыт. Оҕолору наһаа түмтүҥ, үлэ бөҕөнү тэрийдиҥ, сэргэхситтиҥ», — диэн хайҕаабыта уонна иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччынан анаан кэбиспитэ. Бу Саха сирин быыкаа дэриэбинэтиттэн ханна эрэ ыраах улахан куоракка тиийэн үлэлии сылдьар киһиэхэ улахан ситиһии, итэҕэл да этэ. Онтон аҕабыт үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ төрөөбүт дойдубутугар төттөрү көһөн кэлбиппит. 1994 сыллаахха өр кэтэһии кэнниттэн уолламмыппыт. Мин кыра да оҕолоох олорон нэһилиэк тэрээһинигэр барытыгар кыттар этим. Маныаха дьонум-сэргэм, дьиэ кэргэним өйдүүр, өйүүр буоланнар итинник туохха барытыгар кыттыһан үлэлээтэҕим-хамсаатаҕым дии. Билигин оҕолорбут төрдүөн атахтарыгар туран, үөрэнэн, олохторун оҥостон, сиэннэри бэлэхтээн биһигини үөрдэллэр.

Оскуолаттан — култуураҕа

 — Оскуолаттан култуура эйгэтигэр тоҕо көһөн хаалбыккыный?

— 1991 с. Хаҥалас улууһун үөрэххэ управлениетыгар методистар кабинеттарын салайар кэммэр, кылгас болдьох иһигэр «Учууталлар дьиэлэрин» туттарары ситиспитим. Ону бэлиэтии көрөннөр, 1993 с. улууспут дьаһалтатын баһылыга П.С.Федоров Покровскай куоракка тутулла турар Култуура дьиэтин дириэктэринэн ыҥырбыта. “Эрэлбит улахан” диэн күүстээх тыллар этиллэннэр, саҥа үлэбэр кыратык бытаарарым да табыллыбат курдуга. Дьону өрө туруоран, субуотунньуктаан, Култуурабыт дьиэтэ 4 ыйынан үлэҕэ киирбитэ. Саргылаах, кэскиллээх буоллун диэн, «Саргы түһүлгэтэ» диэн ааттаабытым. Тута улуустардааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиннэри тэрийбитинэн барбыппыт. Кэлэктиибим үлэһит буолан, барыта санаа хоту салаллыбыта. «Хомус аан дойдутааҕы түһүлгэтэ», «Дуобакка аан дойду чемпионата», СӨ норуоттарын II-с спортивнай Оонньуулара, о.д.а. улахан тэрээһиннэр таһымнаахтык ыытыллыбыттара.

Онтон аҕабыт Дьокуускайга үлэҕэ киирэн, куоракка көспүппүт. «Куруһаалаҕа» администратордыырбар, тэрийэр үлэҕэ уһаарыллыбытым туһалаабыта. Араас быыстапкалар, тэрээһиннэр элбэхтэр этэ. Оччолорго XIX үйэтинээҕи Саха сирин меценат атыыһыттарын галереята аһыллыытын, Пресса үлэһиттэрин, учууталлар, меценаттар баалларын сорохтор билигин да ахталлар-саныыллар.

Ыччаты кытта үлэ

— Онтон эдэр ыччаты кытта үлэҕэ кэлэн хаалаҕын?

— СГУ ректора А.Н.Алексеев 2005 сыллаахха Култуура Киинин дириэктэринэн ыҥырбыта. Кэлбитим кэннэ СГУ үбүлүөйүнэн сиэттэрэн, Кииҥҥэ үһүс мэндиэмэни туттарыы, хапытаалынай өрөмүөнү, материальнай базаны бөҕөргөтүү ыытыллыбыта. Кииҥҥэ «Сэргэлээх уоттара» диэн айар түмсүү, вокальнай ансаамбыл аатын иҥэрбитим. Үлэбитин оччотооҕу ректор А.Н.Алексеев өйөөбүтэ, улаханнык көмөлөспүтэ.

Маныаха кэлэктиибим, алтыһар дьонум үлэҕэ көхтөөх, саҥа сүүрээни тобулан иһэр буоланнар, элбэҕи оҥоробут, ситиһэбит. Даҕатан эттэххэ, устудьуон ыччаты кытта үлэлиир – дьол. Куруук үөрэн чаҕылыһа сылдьар оҕолору көрө сылдьан, киһи айыах-тутуох баҕата улаатар. Эдэр дьонуҥ санаалара сырдыга, кэрэҕэ тардыһыылара санааны кынаттыыр. Барыларын бэйэм оҕолорум курдук сүрэхпэр чугастык тутабын.

“Сэргэлээх уоттара” бүгүн

 — Кэллиэгэлэриҥ эйигин Рафаиловна дииллэр. Онон, Рафаиловна, ыччат биһик оҥостубут тэрилтэтин үлэтин сырдата түһэриҥ буоллар?

— Арааһа, ааппынан толору ааттаан ыҥыралларыгар уһуна бэрт буолуо. Ол иһин, быһаччы итинник ыҥыран эрдэхтэрэ. Үөрэнэн хаалбыппын. Үлэбит туһунан сырдатар буоллахха, манна сүрүн үлэһит – уончабыт. Кыра кэлэктииппитигэр солбуйааччым СӨ кооперация туйгуна Екатерина Слепцова,  СӨ култууратын туйгуннара, художественнай салайааччы Полина Ноева, администратор Фатима Верховцева бары үтүө суобастаахтык  үлэлииллэр. Кииммитигэр 20-ттэн тахса куруһуокка сыл устатыгар 1200-тэн тахса устудьуон дьарыктанар. Куруһуогу салайааччылар дуогабарынан үлэлииллэр. Оҕолору сайыннарарга бары ис сүрэхтэриттэн наһаа кыһаллаллар. Ол курдук, биһиэхэ СӨ Норуодунай артыыстара Екатерина, Алексей ЕгоровтарГерман Хатылаев, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Любовь Никитина, Клавдия Хатылаева, эдэр эрчимнээх үлэһиттэр Петр  Черкашин, Туйаара Томская үрдүк таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кинилэр сыраларын түмүгүнэн устудьуоннарбыт өрөспүүбүлүкэҕэ, Россияҕа, тас дойдуга ыытыллар үрдүк таһымнаах куонкурустарга, бэстибээллэргэ, тэрээһиннэргэ барытыгар ураты көстүүлээх, кэрэ нүөмэрдээх буолан болҕомтону тардаллар, университеттарын ааттаталлар. Японияҕа, Кореяҕа, Кытайга, АХШ, Бразилияҕа тиийэ ситиһиилээхтэр. Аны туран, биһиги улахан тэрээһиннэргэ, куонкурустарга кыттыынан муҥурдаммаппыт. Бэйэбит төрөөбүт дойдубутугар болҕомтобутун эмиэ уурабыт. Ол курдук, куруһуоктарбытыгар дьарыктанар оҕолор сыл аайы улуустарынан гастроллууллар, оскуола оҕолорун кытары көрсүһүүлэри тэрийэллэр, атах тэпсэн олорон ирэ-хоро сэһэргэһэллэр, университеттарын, үөрэхтэрин туһунан сырдаталлар. Мэҥэ Хаҥалаһынан, Хаҥалаһынан, Горнайынан, Бүлүү эҥэр улуустарынан ситиһиилээхтик сылдьан кэлбиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Манна эбэн эттэххэ, биһиэхэ 2011 с. Ю.Е.Никифоров дириэктэрдээх дуобат-саахымат, остуол оонньууларын Киинэ тэриллибитэ. Бу Кииҥҥэ оҕолор умсугуйан дьарыктаналлар. Ол түмүгэр,  түөрт ыччат аан дойду, Россия гроссмейстера, түөрт оҕо Россия маастара, ону сэргэ аан дойду, Европа, Азия чөмпүйүөннэринэн, призердарынан буолбуттара. Түгэнинэн туһанан туох баар үлэбитин, тэрээһиннэрбитин куруук өйүүр, өйдүүр, көмөлөһөр университеппыт бары салалтатыгар, ректорбытыгар Е.И.Михайловаҕа сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан туран махталбытын биллэрэбит.

— Үгэстийбит тэрээһиннэрдээххит?

— Кииммитигэр аан дойду, Россия, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиннэр, сийиэстэр, кэмпириэнсийэлэр, чөмпүйэнээттэр сүрдээх үчүгэйдик ыытыллаллар. Үөрэх, үлэ тэрилтэлэрэ, улуустар күннэрэ, араас тэрээһиннэр буолаллар. Ону сэргэ, “Устудьуон сүрэхтэниитэ”, “Устудьуон ыал”, “Сэргэлээх көмүс куоластаахтара”, “Аккорд” гитаранан муусука күрэһэ, “Үҥкүү сулуһа”, «Ректорскай көрүү» институттар, факультеттар икки ардыларынааҕы күрэс, о.д.а. ураты сэргэхтик бараллар.

«Сэргэлээх уоттара” КК сыл устата 300-тэн тахса тэрээһин ыытыллар. Күн аайы, быһа холуйан, 600 киһи сылдьар.

Иккис этээспит анал саалатыгар биллиилээх худуоһунньуктар, фотографтар, уустар быыстапкалара былаан быһыытынан өрүү туруоруллар. Билигин “Студеннар саастара” фестивальга бэлэмнэнэбит. Түгэнинэн туһанан эттэхпинэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиҥҥэ 4 сыл субуруччу Гран-при буолан турабыт. Бүтүн Россиятааҕы устудьуоннар көрүүлэригэр элбэх ситиһиилээхпит. Билигин Санкт-Петербурга буолуохтаах устудьуоннар хордарын көрүүгэ бэлэмнэнэбит. Манна даҕатан эттэхпинэ, быйыл күһүн хор көрүүтүгэр I куурус устудьуоннарыттан 2000-тан тахса киһи кыттыбыта.

Олоҕун олуктара

Никифорова Светлана Рафаиловна

1954 с. Орджоникидзевскай оройуонугар Хачыкаакка төрөөбүтэ.

1972 с. Хачыкаат орто оскуолатын бүтэрбитэ.

1973-1974 сс. Новосибирскайга баһаатайдар куурустарыгар, педагогическай институкка үөрэммитэ.

1980 с. СГУ историко-филологическай факультетын историяҕа салаатын бүтэрбитэ.

1991с. Хаҥаласка үөрэх управлениетын методическай кабинетын дириэктэринэн, “Саргы түһүлгэтэ” култуура киинин дириэктэринэн үлэлээбитэ.

2004с. «Куруһаала» атыы-эргиэн киинигэр администратордаабыта.

2006 с. ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” КК дириэктэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина.

Кэргэнэ Юрий Егорович — ХИФУ спорт интеллектуальнай көрүҥнэригэр Киин дириэктэрэ. Никифоровтар түөрт оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр.

Сэмсэ тыл

Марфа Самсонова, 90-с сылларга ыччат кумира буолбут ырыаһыт Александр Самсонов-Айыы Уолун ийэтэ:

— Светлана Рафаиловнаны үтүө сүрэхтээх, сырдык санаалаах, дьулуурдаах, туруоруммут сыалын-соругун тиһэҕэр тиэрдэн тэйэр үлэһит быһыытынан үрдүктүк сыаналыыбын. Покровскайга “Саргы түһүлгэтэ” култуура дьиэтин салайар кэмигэр, оҕом Александр Самсонов-Айыы Уолун икки альбомун сүрэхтэниитин олус үчүгэйдик, үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппытын дьоннор билигин да сылаастык ахталлар-саныыллар. Шурик Светлана Рафаиловналыын сэһэргэһэриттэн, сүбэ-ама ыларыттан олус үөрэрэ.  Никифоровтар дьиэ кэргэни кытта ыкса доҕордоспута. Светлана Рафаиловна Шурикка оннук истиҥник, ийэлии иһирэхтик сыһыаннаспыта. Сашаны ис сүрэҕиттэн харыстыыра, көмөлөһөрө. Кэнсиэргэ кабинетын туран биэрэрэ, иһэригэр уу-хаар бэлэмниирэ, сынньанарыгар усулуобуйа оҥороро. Шурик ыллаан тахсаат, сыта түһэн сэниэ ылара. Онтон эмиэ ойон туран сыанаҕа үөрбүтүнэн тахсан кэлэрэ. Бу Светлана Рафаиловна курдук амарах санаалаах дьон баар буоланнар, оҕом, Шуригым дьоҥҥо-сэргэҕэ ыллаан-туойан, ырыаларын бэлэхтээн аастаҕа. Түгэнинэн туһанан, бу дьиэ кэргэн аҕалаатар аҕатыгар Юрий Егоровичка эмиэ улаханнык махтанабын. Юрий Егорович оччолорго Покровскайга алмааһы кырыылыыр собуокка генеральнай дириэктэринэн олорон, Шурик ырыаларын дискэтэ тахсарыгар көмөлөһөн биһигини үөртэ да этэ! Уопсайынан, Юрий Егорович айар дьоҕурдаах дьоҥҥо көмөлөһүү бөҕөтүн көмөлөспүт, өйөөбүт ахан киһинэн буолар. Онон киниэхэ махтанар киһи элбэхпит чахчы.

Онтон быйыл «Саха Виктория» араадьыйа уонна «Лена» киинэ тыйаатыра Саша төрөөбүт күнүн көрсө ырыа куонкуруһа тэрийэн ыыппыттара. Онно улуустартан сүүстэн тахса киһи кыттыбыта. Түмүккэ финалга киирбиттэр ахтыы-киэһэҕэ ыллаабыттара. Шурик төрөөбүт күнүгэр “Мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныыбын” диэн ахтыы киэһэни “Сэргэлээх уоттара” КК оҥорорго биһиги, Шурик дьоно, аймахтара, дойдулаахтарбыт уонна куонкуруһу тэрийбит «Саха Виктория» араадьыйа, «Лена» киинэ тыйаатыра көрдөһүүбүтүн ылынан, ХИФУ ректора Евгения Исаевна Михайлова уонна КК дириэктэрэ Светлана Рафаиловна улаханнык көмөлөстүлэр, өйөөтүлэр. Онон кинилэргэ улахан махталбытын тиэрдэбит.

Итиэннэ түгэнинэн туһанан, бу үтүө санаалаах салайааччы «Сэргэлээх уоттара» КК сатабыллаахтык салайан олороруттан үөрэрбин, киэн туттарбын этэбин. Сыралаах үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабын.

Сардаана БАСНАЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0