Дириҥ «Патриоттара» худуоһунньуктар суолларынан айанныахтара

06.02.2017
Бөлөххө киир:

Быйыл саха бастакы идэтийбит худуоһунньуга Петр Романов, муос оҥоһук маастара, худуоһунньук Семен Пестерев төрөөбүттэрэ 115 уонна 100 сыллара буолар. Онно анаан төрөөбүт сирдэригэр Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгэр «Патриоттар сэбиэттэрэ» түмсүү Дириҥ-Чочууда-Күндүл-Мэлдьэхси-Дириҥ хайысханан, «Үрүҥ түүн» диэн арт-пленэр ыытаары бэлэмнэнэ сылдьар.

«Патриоттар сэбиэттэрэ» 2015 с. тэриллибитэ. Манна нэһилиэк түмсүүлэрэ, түөлбэлэрэ бары кыттыһан үлэлииллэр. «Дириҥҥэ урукку да сылларга дьахталлар сэбиэттэрэ, аҕалар, ыччат түмсүүлэрэ таһаарыылаахтык уонна ситиһиилээхтик үлэлииллэр этэ. Ити түмсүүлэр бары биир ситимнээхтик үлэлээтиннэр диэн бу түмсүүбүтүн тэрийбиппит», — диэн билиһиннэрэр түмсүү туһунан салайааччы Саргылаана Старостина. Кини, манна даҕатан эттэххэ, былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн Саргылаана Дмитриевна улууска «Сыл бастыҥ уопсастыбанньыга» номинацияны ылбыта.
Түмсүү үлэтин туһунан кэпсээтэххэ, былырыын Нэһилиэнньэлээх пууну тупсаран оҥоруу сылыгар олохтоох дьаһалтаны кытары куонкурус тэрийэн ыыппыттара. Куонкуруска Ньургуйаана, Юрий Петровтар дьиэ кэргэн Кыайыы 70 сылыгар анаммыт өйдөбүнньүгүн тула 700 сибэкки арааһын олордобут, көрөбүт-харайабыт диэн бырайыак көмүскээн, 50 тыһ. солк. суумалаах граны ылбыттара.

Чурапчы улууһугар былырыын Мусуой сыла биллэриллибитэ. Онон сибээстээн, ааспыт сылга  «Далбар» дьахталлар түмсүүлэрин саҕалааһынынан, бэтэрээннэр сэбиэттэрин сүбэтинэн, «Үрдэл» сынньалаҥ киин көмөтүнэн нэһилиэк историятын, олоҕун-дьаһаҕын, дьонун-сэргэтин кэпсиир мусуой тэрийбиттэрэ. Бу мусуойга, ким дьонун-сэргэтин туһунан суруйан, ким экспонаттары хомуйан, нэһилиэнньэ бүтүннүүтэ кыттыста.
Биир эмиэ интэриэһинэй бырайыактарынан «Саргылаах түһүлгэ» диэн суорумньу кулуубун тэрийиилэрэ буолар. Холобур, былырыын «Ситим муҥха» диэн бырайыагы олоххо киллэрэн, аҥаардас сылдьар дьону билсиһиннэртээбиттэрэ. «Бу тэрээһиҥҥэ барыта 60-ча киһи кыттыбыта. Мантан сиэттэрэн бырайыагы сайыннаран, улууска биир улахан түмсүү оҥоруохпутун баҕарабыт», — диэн этэр Саргылаана Дмитриевна.
Оттон быйыл өрөспүүбүлүкэ киэн туттар худуоһунньуктарын үбүлүөйдэрин көрсө уруһуйдьут оҕолору түмэн улахан тэрээһини ыытар былааннаахтар.
«Сыллааҕы былааммытын биирдиилээн түмсүүлэр, түөлбэлэр, тэрилтэлэр этиилэриттэн оҥорон таһаарабыт. Онон үлэбитигэр нэһилиэкпит хас биирдии олохтооҕо кыттар. Нэһилиэкпит баһылыга Дмитрий Дьячковскай эмиэ күүс-көмө буолар. Былырыын нэһилиэк дьаһалтата үбүлээһиҥҥэ көмөлөспүтэ. Быйыл да үбүлээһини кыччаппатылар», — диэн этэр Саргылаана Старостина.

Ыспыраапка: Хоптоҕо нэһилиэгиттэн худуоһунньуктар Петр Романов, Семен Пестерев, Иннокентий Корякин, Афанасий Мунхалов, Георгий Родионов, Ким Колесов, Надежда Федулова, Роман Пинигин үүнэн-сайдан тахсыбыттара.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0