Харбааччы Настя Диодорова реабилитациялыыр киини арыйыаҕа

20.10.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Сочи куоракка буола турар XIX аан дойдутааҕы ыччат уонна устудьуоннар бэстибээллэригэр харбааччы Анастасия Диодорова кытта сылдьар. edersaas.ru

Ыччат аан дойдутааҕы былаһааккатын саамай көхтөөх кыргыттарыгар анаан социальнай ситимнэр нөҥүө #FESTGIRL диэн күрэхтэһии саҕаланна. Настя бу күрэхтэһиигэ кыттарга сананан бэйэтин инстастраницатыгар: “Привет, фестиваль #ВФМС2017!!! Меня зовут Диодорова Анастасия, я — член паралимпийской сборной России по плаванию, чемпионка Европы и Мира, Серебряный призёр Паралимпийских игр 2008г., Заслуженный Мастер Спорта. Хочу поделиться с вами моей мечтой, основать спортивную школу и назвать ее в честь моего папы Диодорова Алексея Георгиевича, мастера международного класса по вольной борьбе, моего героя. Задумавшись о том, как реализовать свою мечту, пришла к выводу, что необходимо строить свой бассейн с доступной средой, так как в целом по стране очень мало адаптированных 50-метровых бассейнов. Дальше пришла идея о том, чтобы привлечь как можно больше сограждан к спорту, активному образу жизни, вывод напросился сам собой — совместить реабилитационный центр со спортивным комплексом. Идея заключается в том, чтобы реабилитация проходила в том самом месте, где люди, которые столкнулись с такой же проблемой, уже её побороли, то есть это будет живой пример для тех, кто не знает, как дальше жить, откуда брать силы, куда идти, чтобы начать жизнь с новой главы. Это место, в котором мы сможем общаться, обмениваться опытом — это поможет намного быстрее достичь положительных результатов в реабилитации, социализации, а также поможет создать среду, где будут формироваться будущие спортсмены, среду взаимоподдержки и взаимопомощи. В будущем наши подопечные смогут даже защищать честь страны, почувствуют силу, станут более счастливыми, а своим примером вдохновят других ребят!” – диэн суруйбут.

Настя бэстибээл туһунан санаатын тиэрдэр: “Манна аан дойдуга аатырбыт ораторы, мотиваторы Ник Вуйчичы кытта көрсүһүү буолбутуттан олус астынным. Эрдэ кэлэн уочараттаан, өр кэтэһэн көрсүһүүгэ киирбиппит. Кини бэйэтин холобурунан дьоҥҥо олох кэрэтин, сырдыгын өйдөтөр. Ник кэпсээнин кэнниттэн киһи олоҕун үтүө өттүгэр уларытыан, элбэҕи ситиһиэн баҕарара күүһүрэр эбит. #FESTGIRL күрэхтэһиигэ реабилитациялыыр киини тэрийиэхпин баҕарарым туһунан кэпсээтим. Дьиҥэ, бу баҕа санаабын олоххо киллэрэн эрэ баран дьоҥҥо кэпсиэм диэн толкуйдуурум. Ол эрээри, аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлигэр, 20 тыһ. киһи мустубут былаһааккатыгар бу туһунан кэпсээн, баҕар, биир санаалаахтарбын, спонсордары булуом, сүбэ-ама истиэм дии санаатым”.

Бэстибээлгэ кытта сылдьар Саха сирин делегациятын ыччата биир дойдулаахтарын — Настя Диодорованы өйөөн Инстграмҥа постары суруйдулар. Настя бэстибээлгэ саха норуотуттан илдьит дьонтон биирдэстэрэ буолар. Киэн туттар кыыспытыгар баҕа санаата туоларыгар баҕарабыт! edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0