Мин аҕам оҕонньор өрдөөҕүтэ, 1996 сыллаахха этэ быһыыта, дьэ, ичигэс таҥас тиктэрдэ.
Табаҕа үлэлии сылдьыаҕыттан ылата, инньэ хас эмэ сылы быһа “итии таҥас тиктэриэм этэ” диэн уура сылдьыбыт чубуку тириитинэн тиктэрдэ. Улахан чубукулар тириилэрэ. Сып-сымнаҕас, бирээмэ заамша курдук буолуохтарыгар дылы имитиллибиттэр. Ийэбин: «Дойду сир дьахтара, сатаан түүлээх таҥаһы тикпэккин!» – диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ, ыаллыы олорор биир дойдулааҕар, Сэбээн-Күөлтэн төрүттээх Эбээн Мааппа диэн, бэрт иистээҕинэн биллэр дьахтарга тиктэрдэ.
Сып-сымнаҕас, уһун, чубуку ыстаан, кылгас, чэпчэки ыйааһыннаах саҥыйах, кулгаахтаах бэргэһэ, сылаас үтүлүк. Барыта чубуку тириитэ таҥас буолла. Бирээмэ, табаһыт таҥаһа диэххэ сөптөөх мааны кэмпилиэк таҕыста.
Дьиҥнээх айаҥҥа-сырыыга, булка-алка булчут, табаһыт төрүт таҥаһа.
Ол саҕана аҕам муус аннынан күөгүлүүр этэ, онно кэтиэм диэн былааннаммыта. Биир күн онтун толору таҥнан, түнэ этэрбэһин кэтэн баран барда. Сэтинньи ортото, 40-ча кыраадыс тымныы буолбутун кэннэ. Киэһэ кэлэн: «Бу таҥас куйааһа бэрт эбит, дэлби итииргээтим», – диэн кэпсээннээх буолла. Икки-үс күн оннук сырытта. Таҥаһа чэпчэкитин, табыгастааҕын хайҕаан, сэмээр, биирдэ эмэ быктаран ылар. Онтон биир киэһэ, хойутуу соҕус дьиэбэр кэлбитим, оҕонньорбут лаппа “чэпчээн” олорор. Балыктыы бара сылдьан, Суордаах диэн нэһилиэктэн төрүттээх уолаттары көрсүбүт. “Уолаттар ааһан иһэн күндүлээтилэр, “аһаттылар”, бу, дьиэбэр аҕалан биэрдилэр», – диир. «Дьэ, булчут, табаһыт уолаттар эбит, маладьыастар, хоһуун дьон», – эҥин диир. Суордаахха оччолорго элбэх таба баар этэ. Сарсыҥҥы күн буолла. Сарсыарда, арай, оҕонньор балыгар бараары таҥна турда. Көрдөхпүнэ, бэрт мөлтөх, дьиэ таһыгар кэтэр таҥаһын: хаатыҥкатын, куһаҕан сонун, хара куруолук бэргэһэтин эҥин кэтитэлээн барда. «Хайа, чубуку таҥаскын тоҕо таҥныбаккын, ханна гынныҥ?!» – диэн, соһуйан, ыйыттым. «Ээ, бэҕэһээ Суордаах уолаттара алыс ымсыырбыттара, хайҕаабыттара. Онно биэрэн, бэлэхтээн кэбиспитим. Чэ, бардын. Ол уолаттарга, сиргэ-уокка сылдьар дьоҥҥо ордук наадалаах», – диэн эрэ кэбистэ.
Үчүгэй, 40-50 кыраадыс тымныыга куйааһырҕатар таҥастанан бүттэҕэ ол.
Аҕам былыргы эбээн майгытынан «киһи ымсыырбыта, көрдөөбүтэ бэриллиэхтээх» диэн сокуону тутуһара. Оттон Суордаах уолаттара аҕабыттан ылбыт чубуку таҥастарын бэрт өргө диэри харыстаан кэппит, абыраммыт этилэр.
Влад КРИВОШАПКИН.
Дьааҥы.