Ханнык баҕарар омук төрүт ырыатыгар-тойугар сөп түбэһэр кимиэхэ да маарыннаабат үнүстүрүмүөннээх буолар. Сахаларга кылыһахтаах тойукпутун, оһуохайбытын үүт-үкчү үтүктэн доҕуһуоллуур үнүстүрүмүөннэрдээхпит. Бу күннэргэ чуһуурба (флейта) үнүстүрүмүөнү оҥорор уол бэйэтэ оонньообут видеота социальнай ситимнэринэн тарҕанан, бу пандемия кэмигэр биһиги эппитигэр-хааммытыгар иҥэ сылдьыбыт куппутун уһугуннарбыт курдук буолла, улаханнык долгутта.
edersaas.ru
Дмитрий Попов — Сунтаар улууһун биир талааннаах ыччата. Кини 1989 сыллаахха Сунтаар нэһилиэгэр төрөөбүтэ, улааппыт Туойдааҕын нэһилиэгэр 2019 сылтан олохсуйан олорор. Идэтинэн правовед уонна звукооператор. Кэргэнэ Анаабыр Үрүҥ Хайатыттан төрүттээх, Туойдаах нэһилиэгэр «Тускул» Култуура киинин дириэктэрэ, хореограф идэлээх. Поповтар уоллаах кыыс оҕолоохтор.
Оҕо сылдьан гитараҕа оонньуу сылдьыбыта да, кэлин санаата флейтаҕа тохтообута. Чуһуурбаҕа араас дорҕооннор, мелодия тахсарын сөбүлээбитэ. Ону тэҥэ ханна баҕарар, хаһан баҕарар кыра үнүстүрүмүөнү илдьэ сылдьарга табыгастааҕа абылаабыта. Ол сылдьан мастан оҥоһуллубут үнүстүрүмүөн хайдах тыаһыырын, сахалыы төрүт дорҕооннору хайдах таһаарарын билиэн баҕарбыта. Баҕа санаатын толорор инниттэн интэриниэти хасыһан, атын омуктар үнүстүрүөмүнү хайдах оҥороллорун билсэн, аан бастаан тиит мастан бастакы чуһуурбатын оҥорбута. Сэмэй үлэтин доҕотторугар тыаһатан иһитиннэрбитин сөбүлээннэр, салҕыы өссө үлэлииргэ санаммыта.
Дмитрий сахалыы үнүстүрүмүөннэринэн күрэстэргэ элбэхтик кыттан, Гран-При, лауреат, дипломант аатын сүкпүтэ, норуоттар икки ардыларынааҕы филантроп 2020 күрэскэ дипломант буолбута.
Маастар Дмитрий Попов:
— Аан бастаан чуhуурбаны (флейтаны) оҥорон көрбүтүм, тута табыллан, дьон сэҥээриитин ылбыта. Билигин сакааска оҥоробун.
Нэhилиэкпэр фольклорга ыччаттарга уонна оҕолорго икки кэлэктииби салайан үлэлэтэбин. Баҕа санаабынан уонна сүрүн сорукпунан бу кэлэктииптэри сайыннарыы буолар. Маны сэргэ, оонньуур композицияларбын устан хомуурунньук таһаарыахпын баҕарабын, – диэн пандемия бүтэрэ буоллар? кэнсиэр тэрийэр баҕалаахтарын туһунан этэр.
Анна Ивановна Томская, «Кыл Саха» бөлөх салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх артыыһа, СӨ култууратын туйгуна, РФ тыйаатырдарын диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ, С Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын саха оркестрын муусукаана уонна архивариуһа:
— Дмитрий Попов бэйэтэ оҥорбут чуһуурбатыгар оонньуурун устан ыыппытын дьон-сэргэ сэргээбитэ биһигини наһаа үөрдэр. Ол аата саха дорҕоонугар, саха дорҕоонун таһаарар үнүстүрүмүөннэргэ кэрэхсэбил баар эбит.
Дималыын биһиги 2017 сылтан билсэбит. «Кыл Саха» бөлөхпүтүгэр кини чуһуурба үнүстүрүмүөнэ эмиэ баар. Дима чуһуурбаны эрэ буолбакка, кылыһах-кырыымпаны эмиэ оҥорор. Баҕар, ким эрэ өйдүүрэ буолуо, кунуопканан баттаан оонньуур кырыымпаны эмиэ оҥоро сылдьыбыттааҕа. Кини кырыымпаларынан биһиэхэ маастар кылаастарбытыгар эмиэ үөрэммиттэрэ. Билигин чопчу «Кыл Сахаларга», биһиги дорҕооммутугар сөп түбэһэр үнүстүрүмүөнү оҥороругар үлэлэһэбит. Кини — экспериментатор-маастар. Кэнники сылларга биһиги үрэр үнүстүрүмүөннэргэ күүскэ үлэлиэххэ, онно сайдыы барыан наада диэн идэлээх дьону уонна сахалыы дорҕоону сэҥээрээччилэри кытта кэпсэтэбит, үлэлэһэбит. Үрэр үнүстүрүмүөнү Бэрдьигэстээххэ, Намҥа оҥорор маастардар бааллар. Дима бэйэтэ муусукаҕа сыһыаннаах, үрэр үнүстүрүмүөҥҥэ үөрэммит киһи буолар. Маастар оҥорбут үнүстүрүмүөнүгэр өссө бэйэтэ оонньоон көрдөрөр буоллаҕына, номнуо киэҥ эйгэҕэ бэлэм үнүстүрүмүөннэри таһаарар диэн сыаналыыбын. Маннык үнүстүрүмүөннэри идэлэригэр бэриниилээх эрэ маастардар оҥорон, киэҥ эйгэҕэ таһаараллар. Сахам дьоно, Дима Попов курдук маастардары өйүөххэйиҥ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru